Агафья Захарова: “Олоҥхо – биһиги итэҕэлбит” - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Агафья Захарова: “Олоҥхо – биһиги итэҕэлбит”

Агафья Захарова: “Олоҥхо – биһиги итэҕэлбит”

Киһи – история кэрэһитэ. Норуот олоҕор сабыдыаллаах сабыытыйаларга кыттыспыт, кылааттарын киллэрсибит дьон бэйэлэрин эт тылларынан кэпсииллэрэ ордук суолталаах. Олоҕун наукаҕа, үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ, норуот уус-уран айымньытын сөргүтүүгэ, сайыннарыыга анаабыт уонна олоҥхобут киһи-аймах өйүнэн айбыт култуурунай нэһилиэстибэтин кылаан чыпчаала буоларыгар улахан кылааты киллэрбит өҥөлөөх саха биллэр учуонай дьахтара Агафья Еремеевна Захарова далааһыннаах үлэтин-хамнаһын барытын кэпсээтэххэ, хаһыат балаһатыгар баппат.

Киһи олоҕо эриэ-дэхси буолбат, түһүүлээх-тахсыылаах, история кэрдииһинэн, норуот олоҕун хаамыытынан барар. Онон кини олоҕуттан икки бэлиэ түгэни билиһиннэриэхпитин баҕарабыт.

Сахалыы кэпсэтэр, оһуохайдыыр бобуллара

— Мин 1978-1991 сылларга СГУ саха тылын уонна литературатын кафедратыгар үлэлээбитим. Саха фольклорун, өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи уонна саҥа кэмнээҕи литератураны саха уонна нуучча тылын үөрэтэр салааларга пединститут устудьуоннарыгар ааҕарым. Сайын араас улуустарынан фольклорнай быраактыкаҕа сылдьан, фольклор айымньыларын хомуйарбыт, ол матырыйаалларынан аатырбыт “Фольклор биэчэрдэрин” устудьуоннар күүстэринэн тэрийэн ыытар этим. Кэлиҥҥи сылларга саамай улахан историческай-филологическай факультекка кэтэхтэн үөрэтии салаатыгар деканы солбуйааччынан үлэлээбитим. Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар саха тылыгар, саха дьонугар сыһыан Дьокуускай куоракка мөлтөх этэ, ол кистэл буолбатах. Миэхэ, үрдүк үөрэххэ, аспирантураҕа Ленинградка үөрэммит киһиэхэ, ол соһуччу буолбута, өйдөммөт да курдуга. Дьоҥҥо сыһыан ханнык улуустан сылдьаргыттан кытта тутулуктааҕа. Оптуобуска, маҕаһыыҥҥа сахалыы саҥарар бобуулаах курдуга. Устудьуоннар оһуохайдыылларын кытта бопсоллоро. Бэл диэтэр, “Саха” диэн тылы аатыгар сүгэ сылдьар университекка аан дойду үрдүнэн биир собус-соҕотох саха тылын кафедратыгар сыһыан мөкү өрүттээх этэ. Билигин эргитэ санаан көрдөххө, итинник бэлиитикэ элбэх омуктаах улахан дойду эстэригэр сабыдыаллаабыта чуолкай. “Националистары бэлэмниир кыһа” 1986 дьайбыт “устудьуоннар дьыалалара” диэн ааттаах дьыала, адьас оруна суох, оҥоһуу этэ, нуучча, саха ыччатын икки ардыгар тахсыбыт көннөрү күлүгээннии быһыыны национализмынан дьаралыктаан кэбиспиттэрэ. Мин бэйэм өйдүүрбүнэн, нууччалыы эттэххэ, “провокация” этэ. Ол дьыала, бастатан туран, университет, биһиги факультеппыт, кафедрабыт үрдүнэн ааспыта. “Националистары бэлэмниир кыһа” быһыытынан, бэрэпиэссэр Г.П. Башарин, история уонна саха кафедратын үрдүгэр түспүттэрэ. Бэйэбит дьоммут күөртээн, баартыйа Киин Кэмитиэтиттэн хонтуруоллуур, ревизионнай хамыыһыйа кытта кэлэн, бүтүн өрөспүүбүлүкэни, 20-30-с сылларга курдук, сиэри таһынан кэнэйдээһин саҕаламмыта. Аҕыйах холобуру аҕаллахха, маннык. Университет оччотооҕу салалтата барыта уһуллубута. Мин тус бэйэбин ыллахха, дьиҥэр, баартыйата суох, кыһыл оҕолоох киһини тыытыа суохтаах эбиттэр, ону устудьуоннары кигэн, куттаан, утары донуос суруйтараллара. Саха салаатын оҕолоро учууталларын убаастыыллара бэрт буолан кыттыспатахтара, Ол эрээри, “РО” салаатыттан суруйбут оҕолор ааттарын билэбин. Бэйэбит кафедрабыт иһигэр биир провокатор киһи, кафедра мунньаҕар магнитофоннаах кэлэн уста олорор, соруйан айдаан таһааран, тура-тура, национализмы булан, үҥсүү суруйар идэлээҕэ. Билигин бочуокка сылдьар ХИФУ бэрэпиэссэрэ “А.Е. Захарова наар үс националист суруйааччы туһунан курсовой, дипломнай үлэлэри суруйтарар. Бэйэтэ хаалынньаҥ фольклору эрэ үөрэтэр, дьаарай националистка” диэн үҥсүү суруйбутун көрдөрбүттэригэр, буочарыттан билбитим. Дьэ, итинник судаарыстыбаннай таһымнаах уорганнар үлэлэрин түмүгэр, Саха сиригэр, чуолаан университекка, суруйаачылар, учуонайдар, ол эбэтэр, интеллигенция ортотугар бэрэпиэссэр Г.П. Башарин салайааччылаах “националистическай тэрилтэ баар” диэн “дакаастаабыттара”. 90-с сылларга бу сымыйа дьаралык Б.Н. Ельцин саҕана көтүрүллүбүтэ. Саха сиринээҕи КГБ тойоно Выйме диэн киһи маннык “куорҕаллыыр» тэрилтэни арыйбыт “үтүөтүгэр”, барарыгар үрдээн, генерал званиетын ылан, билигин үрдүк хамнастаах биэнсийэлээх, саха худуоһунньуктарын үлэлэрин хомуйар-мунньар коллекционер буолан, Москваҕа олорор…

Национальнай кэнсиэпсийэни ылыныы

СГУ Проблемнай лабораториятыгар үлэлии сылдьан, Национальнай оскуола кэнсиэпсийэтин биһиги бары факультеттар, сахалыы тыыннаах учууталлар оҥорсубуппут. Саха тылын, литэрэтиирэтин үөрэтиини оскуола бырагырааматыгар киллэрэргэ, сайыннарарга үлэлэспиппит. Оччолорго үөрэх министиэристибэтэ олус үчүгэйдик үлэлээбитэ. Биһиги наар учуобунньугу, методическай босуобуйалары оҥорууга кыттыспыппыт. Ол сылдьан, Национальнай үрдүк үөрэх кыһатын олоххо киллэриигэ анаан икки институт моделларын оҥорон, оччотооҕуга ”Советы Якутии” диэн хаһыакка таһаарбытым. Онно саҥа Кэнсиэпсийэни оскуолаҕа киллэриигэ үлэлии турар пединститут үлэтин атын хайысхаҕа, таһымҥа таһааран үлэлэтии уонна Арктикатааҕы култуура уонна искусство института тэриллиитин туһунан суруллубута. Ол кэнниттэн 2000 сыллаахха ити институт аһыллан, мин “Арктика норуоттарын төрүт култуураларын уонна фольклордарын» үөрэтэр факультеты арыйан, онно 13 сыл деканынан үлэлээбитим.

1991 сыллаахха Гуманитарнай чинчийии институтугар көспүтүм, фольклору хасыһан үөрэтэр кыах үөскээбитэ. Суверенитет ылан, көҥүл тыына биллибитэ. Норуот өйө-санаата, сахалыы тыына уһуктан барбыта. 1996 сыллаахха Олоҥхо ассоциацията тэриллибитэ.

Олоҥхо аан дойдуга биллиитэ

Гуманитарнай чинчийии институтугар 90-с сыллар бүтүүлэригэр Бүтүн Сойуустааҕы эпоска научнай кэмпириэнсийэ буолбута. Онно Башкортостан ЮНЕСКО-тын кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Шавкат Тутаев кэлэ сылдьан, олоҥхону сөҕөн-махтайан барбыта. “Маннык улахан эпостаах эрээригит, эһиги, сахалар, ЮНЕСКО ыытар кылаан чыпчаал айымньылар бырайыактарыгар тоҕо кыттыспаккытый?” — диэн. Кини этиитин кэмпириэнсийэ резолюциятыгар киллэрбиппит.

Гуманитарнай чинчийии институтугар фольклор салаатын дириэктэр В.И. Иванов, тоҕо эрэ, Олоҥхо салаатыгар уларыппыта, кэлин миигин онно сэбиэдиссэйинэн анаабыта. 2002 сыл сайын “Барҕарыы” пуонда салайааччыта Елизавета Сидорова ЮНЕСКО кэмитиэтигэр эппиэттиир сэкирэтээр буолбутун кэннэ көрсө түһэн, ити бырайыагы оҥоруохха диэн этии киллэрбитим. Онуоха кини Арассыыйа Тас дьыалаларга министиэристибэтин кытта сүбэлэһиэх буолбута. Онно бэлэмнэнэн, мин университет уонна институт тыл үөрэхтээхтэрин сыһыаран, “Саха олоҥхотун европейскай тылларга тылбаастааһын” диэн бырайыак оҥорбутум. Е.А. Сидорова бэлэмниир үлэ бөҕөнү ыытан, МИД-тэн В.Сахаров диэн дипломаты аҕалбыта. Архыыпка сытар, олоҥхо тахса илик тиэкистэринэн, матырыйаалларынан быыстапка оҥорон, көрдөрөн, олоҥхобут сүтэн, эстэн эрэр диэн киһибитин итэҕэппиппит. Тылбаас туһунан бырайыакпытын туттардыбыт. В.Сахаров үһүө буолан олорон кэпсэтиигэ эттэ: “Кыайыаххыт дуо? Үбү-харчыны буллаххытына, үлэлэһэр дьону түмтэххитинэ, мин министиэристибэҕэ тиийэн, боппуруоһу көтөҕүөм этэ. Миигин түһэн биэрбэт инигит?”— диэтэ. Лиза биһикки тылбытын биэрдибит. Ол кэнниттэн ЮНЕСКО бырайыагын “Заявка-Досье” диэн ааттаах француз тылынан усулуобуйата кэллэ. Ирдэбиллэрин көрөөт, баттахпыт туран хаалла. Наһаа элбэх ирдэбиллээх эбит: олоҥхо библиографиятын, элбэх, бары өттүттэн ырытар, аналитическай ыстатыйалары, олоҥхоһуттар испииһэктэрин, улуустарынан олоҥхо сүтэн эрэрин туһунан социологическай чинчийиилэри, 2 чаастаах уонна 10 мүнүүтэлээх киинэлэри, ааптар быраабынан ирдэниллэр каталогтары, хаартыскалары, уо.д.а. матырыйааллары английскай тылынан оҥоруохтаах эбиппит.

Бэлэмнэнии үлэтэ

2002 сыл ахсынньы ыйтан саҕалаан, үлэлээн бардыбыт. Сүрүн үлэлиир бөлөхпүтүгэр 6 киһи, олоҥхо салаатын үлэһиттэрэ баарбыт. Научнай салайаачынан мин буоллум. Елизавета Алексеевна кэпсэтиитинэн, дипломат Григорий Орджоникидзе, революционер Серго Орджоникидзе сиэнэ, биһиэхэ куратор буолан, элбэхтик көмөлөспүтэ. Кини Саха сирин олус интэриэһиргиир этэ. Улахан үлэбит 2003 сылтан саҕаламмыта. 70-ча киһи, араас идэлээх дьон кыттыыны ылбыттара. Үппүт-харчыбыт олох тиийбэт, суох да диэххэ сөп. Бастакы спонсордар: “Комдрагмет” (В.Г. Алексеев), ”Алмазы Анабара» (М.Н. Евсеев), “Алмаасэргиэнбаан” (А.С. Николаев), айылҕа харыстабылын, үөрэх, култуура, наука министиэристибэлэрэ (миниистирдэр В.Г. Алексеев, Ф.В. Габышева, А.С. Борисов, Г.В. Толстых) буолбуттара. Бырабыыталыстыба 4,5 мөлүйүөннээх сметабытын быһан-отон, аҥаарын эрэ хаалларан, ол харчыбытын тылбааска тутуннубут. Тылбаас борппуруоһугар улаханнык эрэйдэннибит, тылбаасчыттарбыт ыарырҕатан, төлөбүр суох буолан, бара тураллар. Олоҥхо тыла-өһө ыарахана биллэр. Киинэбитин устар кыахпыт суох буолла. “Сахафильм” көрдүүр харчыта улахан, онон “Саха” НКИХ биэриитин ыытааччы Евдокия Избекова, бэйэтэ олоҥхоҕо учуонай киһи сөбүлэһэн, киинэлэрбитин улахан эрэйинэн оҥордубут. “Сахаполиграфиздат” дириэктэрэ А.М. Скобелев “досьены” 2 кинигэнэн иэс таһааран, улаханнык көмөлөспүтэ. 2004 сыллаахха куонкурус бастакы туура Москваҕа буолла. Арассыыйаҕа кыайдаххына эрэ салгыы иккис туурга бараҕын. Онон эппиэтинэс улахан, бу үлүгэрдээх үлэҥ таах хаалыан сөп. Татаардар сабантуйдарын киллэрбиттэр. Мин киинэтэ да, тылбааһа да суох, 700 лиистээх, нууччалыы тылынан эрэ оҥоһуллубут досьебын тутан, Москваҕа көмүскүү тиийдим. Ол иннинэ эпостаах бырааттыы омуктарбытыттан – хакаастартан, бүрээттэртэн, алтаайдартан, тывалартан рецензия ыллыбыт, бары өйөөтүлэр. Татаардарбыт докумуоннара биһиэнинээҕэр олох мөлтөх эбит. Арассыыйатааҕы норуот айымньытын дьиэтигэр тиийбиппэр, ЮНЕСКО Арассыыйаҕа экспердэ Э.С. Кунина наһаа үчүгэйдик сыһыаннаспыта. Биир үлэһитин сыһыаран, кинилиин өссө күүскэ кичэйэн көннөрдүбүт, эптибит. Онон Арассыыйаҕа бастаан, аны өссө улахан үлэ үөһүгэр түстүбүт. 700 лииспитин 900-кэ тиэрдэн, английскайдыы тылбаастатан, барытын ситэрэн-хоторон, Парижка ЮНЕСКО-ҕа тиийдибит.

Парижка, ЮНЕСКО “тэбэр сүрэҕэр”

Онно ЮНЕСКО эспиэрдэрэ күүскэ көмөлөстүлэр, хас эмэ төгүл көннөрүүлэрин ырытан, эбэн, хат эрэдээксийэлээн, досьебыт 1000 лиистээх буолла, ол тухары нууччалыы (О.И. Чарина, мин) уонна английскайдыы эрэдээксийэтин (А.В. Разин, Т.К. Ермолаева, А.А. Скрябина уо.д.а.) хат-хат оҥорбуппут. Бүтэһиктээх “Заявка-Досье” Арассыыйа Федерациятын аатыттан аан дойдутааҕы жюри көрүүтүгэр 2005 сыл сайыныгар киирбитэ. Досьебытын от күөҕэ баархат тастаан, көмүһүнэн суруйтаран, хоруопкалаан баран, Лизалыын ЮНЕСКО ыстаап-кыбартыыратыгар илдьэн туттардыбыт. Дьэ, кэтэһии буолла. 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр Парижка аан дойдутааҕы жюрига 80 досье киирбититтэн, 43-һэ кылаан чыпчаал буолбута. Биһиги досьебыт уопсастыбаннай түмсүү, Олоҥхо ассоциациятын аатыттан барбыта. ЮНЕСКО биһиги досьебыт научнай өттүнэн үчүгэйдик оҥоһуллубутун хайҕаан, аны атын омуктарга үтүө холобур, “образец” курдук буолбуппут.

Онон өбүгэлэрбит хаалларбыт сүдү баайдара, улуукан олоҥхобут ЮНЕСКО-ҕа киһи-аймах култуурунай нэһилиэстибэтин өйүнэн уонна тылынан айбыт айымньытын кылаан чыпчаалынан ааттаммыта. Итинтэн сиэттэрэн, 2006-2015 сылларга өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо 10 сыла биллэриллибитэ. Судаарыстыбаннай тус сыаллаах бырагыраама ылыллыбыта. 2008 сыллаахха Олоҥхо киинэ тэриллэн, онно мин салайааччынан ананан, күн бүгүҥҥэ диэри бу бырагырааманы үлэлэтэн олоробут.

Олоҥхо симэлийбэт дьылҕаланна

— Агафья Еремеевна, эдэр, оҕо дьоҥҥо быһааран эттэххинэ, олоҥхо суолтата тугуй?

— Ханнык баҕарар олоҥхо сүрүн идиэйэтэ, ис хоһооно – киһи Киһи буолуута. Айыы бухатыыра Үрдүкү айыылар этиилэринэн, үөрэхтэринэн үс дойду моһолун туораан, Айыы киһитэ буолан уһаарыллан тахсыыта. Олоҥхоҕо Айыы итэҕэлэ наһаа күүскэ киирэ сылдьар. Норуот итэҕэлин, историятын, философиятын, үгэстэрин, уус-уран тылын баайын бүтүннүү илдьэ сылдьар. Олоҥхобут туохха да тэҥнэммэт, сүдү айымньы, үөрэҕэ суох өбүгэлэрбит, өйдөрүн уонна иччилээх тылларын күүһүнэн айан хаалларбыт духуобунай кэриэстэбиллэрэ уонна нэһилиэстибэлэрэ буолар. Онон, олоҥхо – биһиги итэҕэлбит диэн этэр толору кыахтаахпыт. Цикллара, сюжеттара баайынан, элбэҕинэн, олоҥхо ураты миэстэҕэ турар, орто олоҥхо киэбэ — 15-20 тыһыынча, онтон улахан олоҥхолор 36-63 тыһыынча устуруокалаахтар. Билиҥҥи ыччаттартан 110 киһи, оҕолортон 250, улахан дьонтон 30-ча толорор дьон баар буоллулар. Олоҥхону толорорго үөрэтэр устуудьуйалар, оскуолалар улуустарынан тэриллэн, былааннаах үлэ баран, оҕо-ыччат дьоҥҥо тарҕанан, бу сүдү баайбыт сүппэт, симэлийбэт дьылҕаланна.

Олоҕун олуктара

Агафья Еремеевна Захарова Мүрү орто оскуолатын бүтэрэн баран, Н.К. Крупская аатынан Ленинградтааҕы култуура институтугар киирбитэ. Культпросветучилищеҕа, СГУ-га, Гуманитарнай чинчийии институтугар, АГИКИ-га үлэлээбитэ, билигин өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо киинин салайар. Үс улахан аан дойдутааҕы бырайыагы үлэлэтэн, олоххо киллэрбитэ: Олоҥхону ЮНЕСКО билиниитин (2005); “Циркумполярная цивилизация в музеях мира: вчера, сегодня, завтра” (2007-2009), ол иһигэр “Олоҥхо кыһата” диэн инновационнай бырайыак ааптара, о.д.а. Олоҥхону харыстааһыҥҥа, үөрэтиигэ Судаарыстыбаннай тус сыаллаах бырагыраама кини салалтатынан оҥоһуллубута, ону Ил Түмэн сокуон быһыытынан ылыммыта (2008). Кини көҕүлээһининэн “СӨ норуоттарын эпическэй нэһилиэстибэлэрин харыстааһын туһунан” (2008) сокуон ылыллыбыта. Олоҥхо тыйаатырын кэнсиэпсийэтин оҥорбута. 100-тэн тахса научнай үлэ, ыстатыйа, босуобуйа, кинигэ ааптара. Арассыыйатааҕы научнай пуондалар граннарыгар кыттан кыайар. Филологическай наука кандидата, доцент. Арассыыйа социальнай уонна педагогическай Академияларын дьиҥнээх чилиэнэ, аан дойдуга, Арассыыйаҕа уонна өрөспүүбүлүкэҕэ эпическэй нэһилиэстибэ экспердэ. Киэҥ хабааннаах уопсастыбаннай үлэни ыытар: ЮНЕСКО дьыалаларыгар СӨ национальнай кэмитиэтин бюротун чилиэнэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо 10 сылын ыытар кэмитиэт чилиэнэ, Олоҥхо киинин научнай салайааччыта (2008-2015 сс.). СӨ норуоттарын материальнайа суох култуурунай нэһилиэстибэлэрин киинин салайааччы (2015-2019 сс.), билигин Олонхо тыйаатырын иһинэн Олоҥхо киинин салайааччы (2019). Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайката, Уус Алдан улууһун Бочуоттаах гражданина.

Ангелина Васильева

© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/agafya-zaharova-olo-ho-bi-igi-ite-elbit/

Поделитесь этой страницей