Олоҥхоһут Маргарита Григорьева – уһуйааччы, толорооччу, айааччы
Саха омуга үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит уус-уран айымньылара сүдү күүстээх тыыннаахтарын билэбит. Кэнники сылларга аар-саарга аатырбыт норуот тылынан уус-уран айымньытын чыпчаала – олоҥхобут – өбүгэлэрбитин кытары быстыспат ситимниир баайбыт буолар.
Ону өйдөөн, өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо күнүн анаан тэрийэн, киэҥ хабааннаах тэрээһиннэри ыыталлар. Оттон мин бүгүн Арассыыйаҕа Уһуйааччы уонна Саха сиригэр Үлэ сылынан норуот уус-уран айымньытын тарҕатааччы, элбэх оҕону иитэн-такайан таһаарбыт, «Оҕону олоҥхоҕо уһуйуу» кинигэ ааптарын, үлэһит үлэһит үтүөтэ, талааннаах уһуйааччы Маргарита Егоровна Григорьева туһунан кэпсиэм.
Кини кыра эрдэхтэриттэн уһуйбут оҕолоро бары олоҥхо ырыатын-тойугун дэгэтин бэркэ толороллорун бэлиэтииллэр. Аныгы үйэ оҕолорун олоҥхонон умсугутар манан дьыала буолбатах. Уһуйааччы бу сүдү айымньыга оҕолор болҕомтолорун тардан, туруулаһан ситиһэр.
Маргарита Егоровна кэлин кэмнэргэ аны алгысчыт быһыытынан биллэр. Тааһаҕар саҥа таас оскуолата кини алгыһынан, арчытынан аһыллан, билигин сырдыгынан сыдьаайар. Быйыл оскуола үөрэнээччилэрин байыаннай дьайыыларга сылдьар байыастарга суруйбут 100-кэ суруктарын эмиэ кини алҕаан, арчылаан ыыппыттарын тутан олус үөрбүттэрин, сылааһынан илгийэрин, арчылыырын, харыстыырын туһунан биллэрбитэрэ.
Дьону култуураҕа тардыбыта
Маргарита Егоровна 1969 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн Өлөөн оройуонугар Харыйалаахха тыа кулуубун сэбиэдиссэйинэн үлэтин саҕалаабыт. Онно түөрт сыл курдук үлэлээн баран, дойдутугар Тааһаҕарга төннөн кэлэн, кулууп сэбиэдиссэйинэн таһаарыылаахтык үлэлээбит.
Ааспыт үйэ 70-с сылларыгар сэбиэскэй кэм өрөгөйдөөн турдаҕына, нэһилиэккэ араас тэрээһин, бэстибээл өрө ньиргийэн олороро, ол аайы эдэр эрчимнээх үлэһит кыыс сүүрэрэ-көтөрө. Дойдутун дьоно кэпсииллэринэн, кини үлэлээбит кэмигэр нэһилиэк олоҕо култуурунай-сырдатар өттүнэн күүскэ сайдыбыт: драмкуруһуок үлэтин саҕалаабыт, хомсомуоллар кулуупка дьиэлэммиттэр, ыччат түмсүбүт. Эдэрдии эрчимнээх үлэһит кэлэн нэһилиэк олоҕун сэргэхсиппит. Дьону бэйэтин тула түмэр, интэриэстэрин тардар буолан, үҥкүүгэ, хуорга, ырыаҕа, литературнай уонна драмкуруһуоктарга күргүөмүнэн, үөрэ-көтө кыттар буолбуттар. Оччотооҕу драмкуруоһуоктан саҕыллан, кэлин норуот тыйаатырыгар кубулуйбутун олохтоохтор астына кэпсииллэр.
Салайар, туруорсар дьоҕурдаах, актыыбынай позициялаах, таһаарыылаах үлэлээх диэннэр биир дойулаахтара ол кэмҥэ Маргарита Егоровнаны сэбиэт дьокутаатынан талбыттар.
Оҕону олоҥхоҕо уһуйааччы
Маргарита Егоровна ханнык даҕаны эйгэҕэ үлэлээтэр, туппута тупсан, санаабыта сатанан, ылсыбыта ыпсан иһэр аналлаах. Дьон ортотугар, үлэ-хамнас үөһүгэр сылдьыбыт киһи үтүөлээх сынньалаҥҥа даҕаны таҕыстар, нэһилиэгин дьоно көрдөспүттэрин быһа гыммакка, ыччаты фольклорга уһуйарга сөбүлэспитэ. Ыччаты, оҕолору фольклору кытары ситимниир улахан кэскиллээх хайысханы тутуспута. Сахалыы ырыаны-тойугу, олоҥхону, өбүгэлэрбит хаалларбыт үгэстэрин сөргүтэн, ыччакка иҥэрэр, уһуйар уустук идэни ылсан «Үрүмэччи» ансаамбылга оҕолору уһуйсар.
«Аан бастаан оҕолору олоҥхоҕо бэлэмнииргэ консультант быһыытынан сылдьыбытым, бастаан үс буолан дьарыктыырбыт. Оттон Дария Егоровна көспүтүн, Валентина Дмитриевна аккаастаммытын кэннэ, 2006 сылтан бэйэм хаалбытым. Аан бастаан 6 оҕону уһуйбутум, оттон бүтэһигэр кылаастарынан бүтүн оскуоланы үөрэтэр буолбутум. Үс сылынан анал бырагыраама оҥорон, онон үөрэтэн барбытым. Төрөппүттэр атын оҕолору эмиэ үөрэтиэххэ наада диэн туруорсаннар, билигин Олоҥхо оскуолата буола билиннэ. Ааспыт сылтан бастакы кылаастартан 9-с кылаастарга диэри фольклору үөрэх быһыытынан киллэрэн үөрэтэллэр. Алталыы оҕону олоҥхоҕо уһуйан Чурапчынан, Хаҥалаһынан, Мииринэйинэн, Ньурбанан, Горнайынан, Алданынан, Үөһээ Бүлүүнэн Олоҥхо ыһыахтарыгар сырыттыбыт. Оҕолорум ситиһиилээхтик кыттан сынньалаҥ путевкаларынан наҕараадаланан Москва, Санкт-Петербург, о.д.а. лааҕырдарыгар сылдьыбыттара. Үөрэппит, уһуйбут оҕолорум билигин улаатан, идэ ылан, бэйэлэрэ бөлөх тэринэн, оҕолору уһуйа сылдьалларыттан олус үөрэбин. Кинилэр билиҥҥиттэн дьарыктанан, уһуйан элбэх оҕону, ыччаты такайыахтара, оччоҕо ийэ тылга таптал, сүгүрүйүү, сахалыы өйбүт-санаабыт сүтүө суоҕа, өлбөт үйэлэниэ диэн эрэнэбин», – уһуйааччы Маргарита Егоровна санаатын үллэстэр.
Аатын ааттатааччылар
Эппиппит курдук, Маргарита Егоровна ылсыбыта ыпсан, кини тойукка, оһуокайга, олоҥхоҕо уһуйбут оҕолоро бииртэн-биир бастыҥнарынан буолан, кыайыы үрдэллэрин дабайан ситиһиилэнэн, кини аатын ааттаппыттара. Бу сыллар тухары уһуйааччы элбэх оҕону иитэн-такайан таһаарда. Бастакы уһуйуллааччылара, номнуо оскуоланы бүтэрэн баран салгыы фольклор, тыл, култуура, уйулҕа үөрэҕин хайысхаларыгар идэ ылан өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарынан үлэлии, айа-тута сылдьаллар.
Сааһырбыт киһи диэтэххэ, оҕолорун бытырыыс курдук батыһыннаран илдьэ сылдьан Чурапчынан, Хаҥалаһынан, Мииринэйинэн, Ньурбанан, Горнайынан, Үөһээ Бүлүүнэн Олоҥхо ыһыахтарыгар кытыннартаата диэн биир дойдулаахтара киэн тутта кэпсииллэр.
Кини аатын ааттаппыт оҕолорунан – Тамара Григорьева (Куланова), Стас Иванов, Сайыына Григорьева буолаллар. Бу оҕолор кылыгырас куоластарынан, аан бастаан олоҥхо улахан күрэһэр кыайыы чыпчаалын билэн, төрөөбүт дойдуларын Тааһаҕары уонна уһуйааччыларын аатын ааттаппыттар.
2006 сыллаахтан Шамаев Саша, онтон Куланова Тамара, Иванов Стас, Осипов Ким, Александров Саша, Осипова Алена, Григорьева Дора, Осипова Кристина, Григорьева Сайыына, бииргэ төрөөбүт Миша, Алеша, Сайыына Шамаевтар, Поскачина Алина, Поскачина Таня, Шамаев Коля, Шамаева Нарыйаана дьарыктанан, улахан ситиһиилэммиттэрэ.
Үлэһит үтүөтэ
Тааһаҕар баһылыга Семен Каратаев уһуйааччы Маргарита Егоровна туһунан үтүө тылынан ахтар:
– Маргарита Егоровна Тааһаҕар нэһилиэгин уопсастыбаннай үлэтин олус көхтөөх, биир сүрүн кыттыылааҕа. Кини сынньалаҥҥа да олордор, уопсастыбаннай үлэтэ-хамнаһа күөстүү оргуйар: нэһилиэк сэбиэтин хас да ыҥырыытын дьокутаата, оскуола оҕолорун уонунан сылларга фольклорга уһуйан олоҥхо, оһуокай курдук уустук уус-уран айымньылар эйгэлэригэр киллэрдэ. Кини ииппит-үөрэппит оҕолоро улуус, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа уонна аан дойду таһымыгар ыытыллар араас күөн-күрэскэ кыайыылаахтарынан буолаллар. Кини улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ Тааһаҕар нэһилиэгин олоҥхону өрө тутар нэһилиэк быһыытынан биллэрдэ.
Өр сылларга Маргарита Егоровна улууска тэриллибит олоҥхо ансаабылын биир сүрүн чилиэнэ, үгүс элбэх тэрээһиҥҥэ ансаамбылы кытары олоҥхону толорооччу быһыытынан бэйэтин көрдөрдө. Оҕолору эрэ уһуйарынан, олоҥхону толорооччу быһыытынан эрэ муҥурдаммакка, Маргарита Егоровна бэйэтэ эмиэ олоҥхону айан суруйар, ону толорор. Кини «Күүстээх-уохтаах ыас хара аттаах Толлуман Бухатыыр» олоҥхото чахчы сиппит-хоппут, олоҥхо ис сюжетын толору арыйар айымньы. Олоҥхо дьоруойдара уус-уран тыл көмөтүнэн толору ойууланыылара – бу барыта Маргарита Егоровна олоҥхону айааччы быһыытынан толору сиппитин-хоппутун көрдөрөр.
Бу маннык сыралаах үлэни билиҥҥэ диэри ыыта сылдьарыттан биһиги биир дойдулаахтара киэн туттабыт уонна махтанабыт.
Сайаана Львова, «Саха сирэ», 2023