Өймөкөөн улууһун баһылыктара суруналыыстары кытары көрүстүлэр
“Айыы санаа айана” өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVI Олоҥхо ыһыаҕа түмүктэннэ. Ол эрэн, ыһыах дуораана, ыһыах туһунан сэргэх кэпсээн, истиҥ сэһэргэһии барыта кэнэҕэһин даҕаны уос номоҕор хаалыа турдаҕа.
Соторутааҕыта Өймөкөөн улууһун баһылыктара, ыһыаҕы тэрийээччилэр Дьокуускай куоракка кэлэн ыһыах түмүктэрин таһааран, СӨ бырабыыталыстыбатыгар отчуоттаатылар, тустаах наҕараадаларынан бэлиэтэннилэр. Ону сэргэ, ыһыах хас биирдии кэрэхсэбиллээх түгэнин өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар сырдатар, көрдөрөр аналлаах тиийбит суруналыыстары кытары көрсөн, кинилэргэ махтал үтүө тылларын анаатылар.
Көрсүһүүгэ Өймөкөөн улууһун уонна нэһилиэктэрин баһылыктара: Александр Александрович Иванов (улуус баһылыгын э.т.), Алексей Николаевич Винокуров (Томтор), Павел Валентинович Васильев (Өймөкөөн), Иван Егорович Максимов (Уус Ньара), Альберт Николаевич Вензель (Сордоҥноох), Семен Семенович Аммосов (Үчүгэй), Владимир Петрович Алексеев (Төрүт), Олоҥхо ыһыаҕын дириэксийэтин салайааччыта Николай Сергеевич Обоюков уонна култуура улуустааҕы управлениетын салайааччыта Аксиния Семеновна Сивцева, улуус дьаһалтатын экэнэмииһэ Саргылана Васильевна Алексеева, ыһыах тэрээһиннэригэр быһаччы үлэлэспит Саргылана Николаевна Можукова, Сахаайа Михайловна Григорьева кытыннылар.
Атах тэпсэн олорон сэһэргэһиигэ суруналыыстар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, элбэх ыйытыылары биэрдилэр. Бары билэрбит курдук, өрөспүүбүлүкэҕэ Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар дойдутугар үйэлэргэ “суол-иис хаалар”, ол эбэтэр улахан эбийиэктэр тутуллаллар, суол оҥоһуллар, өрөмүөннэнэр, улуус атын да туруорсуулара учуоттаналлар. Ол да иһин, суруналыыстар интэриэһиргээбит биир ыйытыыларынан ыһыаҕы көрсө улууска туох саҥа сүүрээн киирбитэ, ханнык саҥа эбийиэктэр тутуллубуттара буолла.
ххх
“Айыы санаа айана” өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVI Олоҥхо ыһыаҕын көрсө олус элбэх үлэ ыытылынна. Ол иһигэр, “Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” бырагырааманан Өймөкөөн суола өрөмүөннэннэ. Агиган-Сунтаар муоста бырайыага оҥоһуллуохтаах, сатаннаҕына, эһиил национальнай бырайыакка киллэриллиэн сөп. СӨ Үпкэ министиэристибэтэ көрбүт харчытынан уонна хас биирдии министиэристибэни кытары үлэлэһэн, социальнай эбийиэктэргэ элбэх өрөмүөн ыытылынна. Култуура эбийиэктэригэр, ол иһигэр мусуойга, наадалаах тэриллэр атыылаһылыннылар.
Улуус салалтата “Үйэлээх тутуу” чэрчитинэн икки улахан эбийиэги: Томтор нэһилиэгэр икки мэндиэмэннээх култуура-успуорт комплексын (докумуона барыта оҥоһуллубут) уонна Өймөкөөн нэһилиэгэр култуура таас дьиэтин туруорсубута. Өймөкөөннөр бу туруорсуулара инникитин олоххо киириэҕэр эрэнэллэр.
Ыһыах тэрээһиниттэн инники кэскилбит: оҕолор, ыччаттар эмиэ туора туран хаалбатылар. Олус элбэх оҕо ыһыахха маассабай сыаналарга, волонтерствоҕа күүскэ үлэлээтэ. Күүстээх алгыс түһэн олохпутугар улахан уларыйыы барыа диэн үөрдүлэр.
Өймөкөөн улууһун баһылыгын э.т. Александр Иванов чахчы да норуот бүттүүнүн бырааһынньыгын тэрийэн, бүгүн махтал үтүө тылларын истэн олус үөрбүттэрин уонна долгуйбуттарын туһунан эттэ итиэннэ ыһыаҕы тэрийсибит, түүннэри-күнүстэри сүүрбүт-көппүт хас биирдии киһиэхэ, ыалдьыттарга (16 улуус кытынна) махтанна. Ураты махталын Олоҥхо ыһыаҕын туһунан 10-15 мүнүүтэ буола-буола иһитиннэриилэри тэлэбидиэнньэҕэ, араадьыйаҕа, сонуну киэҥник тарҕатар сириэстибэлэргэ, социальнай ситимнэргэ көрдөрөн-иһитиннэрэн испит суруналыыстарга тириэртэ.
“Баҕардахтарына хайаны хамсатар дьон”
Аксиния Семеновна Сивцева, култуура улуустааҕы управлениетын салайааччыта:
-Тэрийээччилэр уонна ыалдьыттар ордук Олоҥхо ыһыаҕын кэмигэр Алгыс этиититтэн долгуйбуппут. Өймөкөөн улууһа элбэх омук дьоно кэлэн көрөр сирэ буолан, ыһыахпыт Арассыыйа эрэгийиэннэрэ хайдах олороллорун кэрэһэлиир сиэркилэнэн буолар. Өймөкөөн турар сирэ да уратылаах — түөрт улахан сир силбэһэн саҕаланар сирэ. Ол иһин, биһиги ыһыах ыытыллар сирин үөрэтэн баран тута: “Өскөтүн Үөһээ Бүлүү ыһыаҕар Саха Өрөспүүбүлүкэтэ тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтээбит буоллахтарына, Саха Өрөспүүбүлүкэтин устуоруйата, саҥа 100 сылга үктэнэр Алгыһа Өймөкөөҥҥө түбэһэр эбит. Онон биһиэхэ сүдү эппиэтинэс сүктэриллибит”, — диэн өйдөөбүппүт
Биһиги улууспут Саха сирэ 2025 сылга диэри сайдыытын стратегиятыгар баара-суоҕа хотугулуу-илиҥҥи бырамыысыланнай уокурук быһыытынан киирбитэ. Биһиги тыа сирин кэскилин түстээри, сылгы иитиитин күүскэ киллэриини, туризмы сайыннарыыны туруорса сатаабыппыт да, сырьевой база эрэ курдук киирбиппит. Ол да буоллар, сылгыһыттарбыт үчүгэй өчөһүүнэн, үс племенной хаһаайыстыбаны тэрийдилэр. Билигин чөл куттаах 4 нэһилиэк дьоно-сэргэтэ хайдах тэринэн, дьаһанан олорорун бэйэҕит көрдүгүт. Кинилэр уу сахалыы тэринэн олороллор, эбээн дьоно баччааҥҥа диэри төрүт дьарыктарын ыһыктыбакка кэллилэр. Кэнники үс сылга күүскэ түмсэн, дьиҥ сахалыы туруктаах нэһилиэктэр баалларын, өссө да чөл туруктаах сирдээх-уоттаах эбиппитин Олоҥхо ыһыаҕар көрдөрдүбүт. Томтор, Үчүгэй, Өймөкөөн уонна Сордоҥноох эрэ нэһилиэктэрин сирдэригэр бырамыысыланнас күүскэ киирбэккэ, чөл туруктаах, сүөһү-ас иитиллэр кыахтаах олороллор. Саха сирин стратегиятыгар Өймөкөөн сайдыытын хаттаан көрөн, тыа хаһаайыстыбатыгар күүстээх бырайыактары киллэрэн, ити түөрт нэһилиэк чөл туруктаах хааларыгар, бырамыысыланнас салгыы киирэн сирбитин-уоппутун алдьаппатыгар үлэлэһиэхтээхпит. Тымныы киинигэр, экстремальнай усулуобуйаҕа олорор дьон ити зонаҕа кыайан киирбэккэбит, ханнык да чэпчэтиигэ түбэспэтибит. Ол иһин, саатар федеральнай суолталаах статус ылан, Арктика зонатыгар тэҥнэһэр чэпчэтиилэри туруорсар үлэни саҕалаатыбыт.
Уопсайынан, Алгыс түһүүтэ Өймөкөөн сайдыытыгар эмиэ күүстээх суолталаах буолуо дии саныыбыт. Олоҥхо ыһыаҕын алгыһын 3 ааттаах-суоллаах алгысчыт: СӨ култууратын туйгуна, Томтордооҕу норуот тыйаатырын артыыһа Константин Винокуров, Семен Сивцев—Өймөкөөн Сэмэн уонна айылҕалаах эдэр уолбут Николай Старков түһэрдэ.
Элбэх сылгыны түмэн, Күн көрсүүтүн сиэрин-туомун оҥордубут. Биһиэхэ ыһыахха анаан сылгыны уонна табалары Алексей Алексеевич Соколов салайыытынан, тэрийиитинэн аҕалбыт дьоннорбутугар хайаан да махтаныах тустаахпыт. Сайын табаны аҕалар наһаа ыарахан. Сылгыга наһаа чугас Семен Львович Винокуров (Дугуйдан аҕата) күүскэ көмөлөстө. Күнү көрсүүгэ биһиги маастардарбыт дьиҥ сахалыы сулардары, сэлэни тигэн, оҥорон, ону таһынан олохтоохтор бэйэлэрэ баҕа өттүлэринэн кыттыһан, күнү көрсүү тэрээһинигэр мөлүйүөн суумалаах үлэни оҥордулар. Ити барыта мусуойга бэлэх курдук барыаҕа. Онон алгыс өттүгэр өймөкөөннөр күүскэ үлэлээтибит. Мин бэйэбит уолаттарбытын, салайааччыларбытын “баҕардахтарына хайаны хамсатар дьон” диэн мээнэҕэ эппэппин. Бу буолан ааспыт Олоҥхо ыһыаҕа Сахабыт сирин уонна Өймөкөөн улууһун сайдыытыгар улахан олуктары аҕалыаҕа, сайдыы тэтимнээхтик барыаҕа уонна күүспүт, түмсүүбүт өссө күүһүрдэҕинэ, биһиги улууспут өссө да сайдар кэскиллээх, кыахтаах.
“Олохтоохторго махтанабын…”
Николай Сергеевич Обоюков, Олоҥхо ыһыаҕын дирекциятын салайааччыта:
-Олоҥхо ыһыаҕа, бастатан туран, Өймөкөөн дьонун-сэргэтин көмөтүнэн Арассыыйа таһымыгар ыытылынна диэн ис сүрэхпиттэн махтанабын. Мин үлэлии тиийээт, олохтоохтору кытары өйдөһөн, өйөһөн, түүннэри-күнүстэри үлэлээн барбыппыт. Кылгас кэм иһигэр 17 араас эбийиэги туттубут. Өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ, бэдэрээччитэр биһиэхэ олус күүскэ көмөлөстүлэр, бары биир санаанан үлэлээтибит.
“Кистэнэ сыппыт талааннар арылыннылар”
Алексей Винокуров, Томтор баһылыга:
-Хайа да ыһыах ыалдьыттары аһатар, күндүлүүр хорчуоппатынан эмиэ сураҕырар. Биһиги дьоммут хорчуоппаҕа 15 тыһыынча киһиэхэ суоттанан бэлэмнэммиттэрэ. Элбэх урбаанньыт аһылык арааһын атыыласпыта. Бу саас таһаҕас тиэйэр улахан массыынанан аҕалбыт бородууктабытын дьоҥҥо тарҕатан, ыһыах аһылыгын бэлэмнээбиттэрэ. Аһара элбэх ас бэлэмнэнэн, сорохтор бородууксуйалара кыайан батарыллыбата. 200 тыһыынча суумаҕа атыылаһан баран, 50 тыһыынчаҕа атыылаабыт урбаанньыт элбэх. Төһө да ночоотурдаллар: “Ол оннугар Олоҥхо ыһыаҕар бэйэбит кылааппытын киллэрэн, дьону барытын тотордубут”, — диэн үөрэллэр.
Ыалдьыттарга сөптөөх усулуобуйаны тэрийэргэ кыһаллан, 5 душ тутуллубута. Онно 4,2 атмосфернай баттааһыннаах хочуолунайы аҕалан үлэлэтэн, сылаас уу күүскэ бэриллибитэ. Дьон бары астыммытыттан бэйэбит да үөрдүбүт.
Ыһыах ыһыллыбыт “Көмүс күрүө” этнокомплекс тутууларыгар бэйэбит ыччаттарбыт сыраластылар, аҥаардас Томтор нэһилиэгиттэн 30-тан тахса киһи үлэлээтэ. Туос ураһаны Томтор уолаттара бэйэлэрэ туттулар (В.Яроев бырайыагынан). Мин дизайҥҥа эппиэтинэстээх хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ буоларым быһыытынан, 3 эбийиэги оҥоттордум, барытын олохтоохтор бэйэлэрэ туттулар. Онон, ыһыах биһиэхэ өссө кистэнэ, арылла илик талааннары арыйда. Иистэнньэҥэ суох киһи иистэнньэҥ, ууһа суох киһи уус буолла. Сорох эбийиэктэрбитин өссө да тупсарыахпыт. Онон, ити барыта инникитин да улахан тэрээһиннэри ыытарга көмөлөөх буолуоҕа.
“Мультимедийнай экраннанныбыт”
Саргылана Алексеева, улуус дьаһалтатын экэнэмииһэ:
-Сүрүннээн, биһиэхэ өрөспүүбүлүкэ министиэристибэлэрэ улаханнык көмөлөстүлэр. Атыыласпыт тэриллэрбитин оскуолаларга уонна уһуйааннарга биэриэхпит. 2022 сылтан үлэлэһэн, социальнай эбийиэктэри сэбилээһин үлэтэ барда. Ол иһигэр Ирбэт тоҥ саарыстыбатын иһигэр мультимедийнай экран уурулунна. Сайыҥҥы куйаас сатыылаан турдаҕына, сир анныгар тыбыс-тымныыга киирбит дьон таарыччы ити экраҥҥа улуус олоҕун көрдөрөр устуулары көрөн ааһаллара кэрэхсэбиллээх.
“Аны Байаҕантай ыһыаҕар бэлэмнэниэхпит”
Павел Васильев Өймөкөөн сэлиэнньэтин баһылыга:
-Биһиги нэһилиэктэн ыһыах тэрээһиннэригэр 150 киһи кытынна. Уопсайынан эттэххэ, биһиги нэһилиэк кыһыннары омук туристарын көрсөр буолан, дьону көрсөргө син үөрүйэхтээхпит. Биһиги нэһилиэк дьоно Хаҥалас, Нам, Кэбээйи уонна Аллараа Халыма дэлэгээссийэлэрин кыахпыт баарынан үчүгэйдик көрүстүбүт, түһүлгэбитигэр ыҥыран күндүлээтибит — дьоммут махталларын күн бүгүҥҥэ диэри тириэрдэллэр. Аны эһиил Өймөкөөммүтүгэр Байаҕантай ыһыаҕар бэлэмнэниэхпит.
“Айылҕабыт күүһүгэр эрэммиппит”
Иван Максимов, Уус Ньара баһылыга:
-Биһиги, уус-ньаралар хаһан да сылдьыбатах улахан тэрээһиммитигэр кытынныбыт. Биллэрин курдук, нэһилиэкпит 90 бырыһыанын нуучча аймах ылар.
Улуус дьаһалтатын кытары бииргэ үлэлэһэн, ыһыах суолтатын быһаарар соруктаах научнай-бырактыычаскай кэмпириэнсийэни тэрийбиппит, ыһыах туһунан быһаарар-сырдатар үлэни ыытаммыт, хамсааһын саҕаламмыта.
СӨ бырабыыталыстыбата сыллаааҕы үлэтин отчуоттуу кэлэ сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕа ыытыллар улууһун киинигэр көмөлөһөн, дотация көрөргө быһаарбыттарыгар махталлаахпыт. Ол курдук, 8 мөлүйүөннээх суума көрүллэн, улахан уулуссабытын аспааллыы сылдьабыт. Ону тэҥэ эһиил Култуура киинигэр олохтоох өрөмүөнү ыытыахтаахпыт. Бу барыта – Олоҥхо ыһыаҕын чэрчитинэн.
Нэһилиэкпитигэр 20-тэн тахса маҕаһыыннаахпыт, кинилэр бары аһынан-үөлүнэн (500-тэн тахса тыһыынчаҕа) босхо көмөлөстүлэр.
Ону таһынан 100-тэн тахса киһи ыһыахха кытынна, хас биирдии тэрилтэ салайааччыта ыһыаҕы кэлэн илэ хараҕынан көрдө, эт кулгааҕынан иһиттэ. Онон, хаһан да ыһыах диэни билбэтэх дьоммут махтаналлар, кэлбэтэх дьон кэмсинэллэр. Ыһыах кэмигэр 80 киһини көрсүөхтээхпитин уопсайа 4 күн астата 530-ча киһини аһаттыбыт. Түһүлгэбитигэр кэлбит дьону, ол иһигэр спортсменнары, судьйалары, кырдьаҕастары, ыҥыран күндүлээтибит. Хаалбыт бородуукталарбытын төттөрү тиэйэн аҕалан, кыра дохуоттаах ыалларбытыгар уонна байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттар уолаттардаах дьоммутугар босхо биэрдибит.
Онон, Томтортон төһө да ыраах олордорбут, Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыаҕар кыттыбыппытынан киэн туттабыт. Бары да улахан уопуту ыллыбыт. Кистээбэккэ эттэххэ, итиччэ улахан тэрээһини хайдах ыытабыт диэн дьиксинэр, долгуйар этибит. Ол гынан баран, биири билэр уонна эрэнэр этибит: биһиги айылҕабыт биһиэхэ көмөлөһүө диэн. Оннук да буолла! Алгыс хайдах түспүтүттэн, барыта орун-оннугар, нус-хас барбытыгар аар айылҕабытыгар махтанабыт.
““Бу кыаллыбат” диэн тыллары истибэтим…”
Альберт Вензель, Сордоҥноох баһылыга:
-Биһиги, төһө да кыра нэһилиэк буолларбыт, баарбытынан-суохпутунан үлэлэстибит.
Кэлбит ыалдьыттары кими да холдьохпокко, кэлбит дьону барытын сахалыы төрүт астарбытынан (кус, куобах, үөрэ миинэ, балык уо.д.а.) күндүлээтибит.
Ыһыахпыт саҕаланыан нэдиэлэ курдук иннинэ айылҕабыт эһэ, куобах уо.д.а. атын кыыллары көрдөрбүтэ. Итинник кыыллары көрдөрөн күндүлээбитигэр ыһыахпыт этэҥҥэ барар буолла быһылаах диэн эрэх-турах санаммыппыт.
Ыһыах тэрээһинигэр үлэлээбит уолаттарбытыгар улаханнык махтанабыт. Бары биир тыынынан үлэээн, өссө да тугу эрэ оҥоруох, тутуох баҕаҥ күүһүрэр. Үлэлээбиппит тухары “бу кыаллыбат” диэн тыллары кимтэн да истибэтим, онон үлэлииргэ чэпчэки этэ.
Үс түүннээх күн һээдьэлээтилэр
Семен Аммосов, Үчүгэй баһылыга:
-Олохтоох дьон турунан туран кытыннылар, санааларын түһэрбэккэ үлэлээтилэр. Онон, ыраах да олордорбут, бары ыһыахха кыттыбыт курдук буоллубут. Биһиги нэһилиэк аҕыйах ахсааннаах дьон түһүлгэтин тэрийдибит. Эбээн Бытантайтан ураты хоту улуустар бары кэллилэр. Ыһыах ыалдьыттара эбээннэр үс түүннээх күнү быһа тохтоло суох һээдьэлээбиттэрин сөхтүлэр-махтайдылар.
Табаларбытын аҕаларга айылҕабыт улаханнык көмөлөстө. Олоҥхо ыһыаҕын аайы хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэрэ хайаан да баар буолар уонна элбэх ыалдьыттааҕынан кэрэхсэтэр.
Аҕыйах нэһилиэктээх улуус Ыһыаҕы кыайа-хото ыытта
Владимир Алексеев, Төрүт баһылыга:
Төрүт нэһилиэгэ Томтортон 320 килэмиэтир, Уус Ньараттан 330 килэмиэтир ыраах сытабыт. 370-ча киһилээх (бастайааннай олорооччута – 274) кыра нэһилиэк да буолларбыт, Олоҥхо ыһыаҕар эдэрдиин-эмэнниин бары күүскэ бэлэмнэммиппит, 38 киһилээх дэлэгээссийэнэн кэлэн кытынныбыт. Муома, Мэҥэ Хаҥалас уонна ыраах Сунтаар улуустарын дэлэгээссийэлэрин көрсөн илдьэ сырыттыбыт.
Уопсайынан, Олоҥхо ыһыаҕа курдук өрөспүүбүлүкэ улахан тэрээһингэр 7 эрэ нэһилиэктээх улуус күүскэ турунан үлэлээбитин бэлиэтиэххэ наада. Аар айылҕабытыгар, улууспут уонна Томпо дьаһалталарыгар махтанабыт.
ххх
Ити курдук, “Айыы санаа айана” Олоҥхо ыһыаҕын – норуот бүттүүн бырааһынньыгын сиэрин-туомун, тутаах өйдөбүллэрин тутуһан ыыппыт өймөкөөннөр улаханнык киэн тутталларын, махтал тылларын аныылларын истэн, киһи эрэ долгуйар. Этэргэ дылы, өймөкөөннөр хайаны хамсатар кыахтаахтарын, аар айылҕаларыгар сүгүрүйэллэрин, ыалдьытымсахтарын, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээхтэрин, үүнэр-сайдар кэскиллээхтэрин көрдөрдүлэр. Өймөкөөҥҥө уостубат олох тыына иилии эргийэ турарын көрдөрөр аҕыс салаалаах Аал Луук мас кэнэҕэһин даҕаны ыалдьыттарын кыһыннары-сайыннары ыҥыра-угуйа турдун.
Надежда Егорова, «Саха сирэ» хаһыат кэрэспэдьиэнэ
2023, 17.07