Исидор Барахов уонна олоҥхо
Тылбыт сүмэтэ олоҥхобутугар, оһуокайбытыгар сытар. Оттон тылбыт өйбүт-санаабыт көтүүтүн, куппут-сүрбүт иэйиитин-куойуутун дорҕоон гынан көтүтэр, сүрэххэ-быарга, өйгө-санааҕа тириэрдэр, иҥэрэр күүспүт, кыахпыт буолар.
Тыл – норуот нация быһыытынан уратыта, норуот быһыытынан сайдар, үүнэр кэскилэ. Сурук-бичик туһугар 1922 сыллаахха, автономияны ылыахпыт инниттэн, Исидор Барахов большевиктар баартыйаларын X сийиэһигэр Владимир Ильич Ленин национальностарга Сэбиэт былааһа биэрэр көҥүлүн туһунан оҥорбут дакылаатын истэн баран, «Советская власть и Якутия» диэн ыстатыйатыгар бу курдук суруйбута: «… когда все нации, имеющиеся в РСФСР, будут фактически уравнены между собою, когда между ними не будет фактически национального неравенства и на экономической, и на культурной почве. Задача партии состоит в том, чтобы помочь трудовым массам нерусских народов догнать ушедшую вперед центральную Россию, помочь им: а) развить и укрепить у себя советскую государственность в формах, соответствующих национально-бытовым условиям этих народов; б) развивать и укрепить действующие на родном языке суд, администрацию, органы хозяйства, органы власти, составленные из людей местных, знающих быт и психологию местного населения; в) развивать у себя прессу, школу, театр, клубное дело и вообще культурно-просветительские учреждения на родном языке; поставить и развить широкую сеть курсов и школ как общеобразовательного, так профессионально-технического характера на родном языке».
Исидор Барахов тылбыт, сурукпут-бичикпит оннун-тойун буларыгар күүскэ ылсан үлэлээбитин билэбит. Кини: «Этэр тылыҥ ис хоһоонун, туругун тириэрдиигэ интонация күүһүнэн да ситэриэххэ сөп», – диир эбит. Латыынныы алпаабыты ылыныыны туруорсуута кини тылбыт омук быһыытынан атын буолуохтааҕын бэлиэтиир.
Барыта олоҥхоҕо баар
Биһиги тылбыт сиэдэрэйэ, баайа, умсар ууну сомоҕолуур күүһэ олоҥхобутугар баар. Олоҥхо сырдыкка-кэрэҕэ тардыһар норуоппут айымньылаах өйүн-санаатын көтүүтүн үрдүк чыпчаала. Олоҥхобут араас уобарастарын олоҥхоһут абаран-сатаран, сорох ардыгар уруйдаан-айхаллаан, сороҕор күлэн-үөрэн, онолуйан даҕаны ким-туох буолалларын, үрүҥ-хара күүстэри дэбигис араарар тыл дорҕооннорун кытары бэйэтин кутун, уйулҕатын туругунан табатык туттан истээччигэ ылыннарыылаахтык тириэрдэр ураты айдарыыларын күүһүн сөҕүөххэ, уруйдуохха эрэ сөп. Дэлэҕэ даҕаны ЮНЕСКО олоҥхобутун аан дойду бары норуоттарын бараммат барҕа баайын быһыытынан билиниэ дуо?!
Үйэтитии
Исидор Барахов аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын мусуойугар 1930 сыллаахха латыынныы алпаабытынан бэчээттэммит Платон Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо маҥнайгы ырыата, онтон 1931 сыллаахха тахсыбыт «Ньургун Боотур» диэн аатынан аар-саарга саханы аатырдыбыт олоҥхобутун кинигэ гынан таһааттарбыта хараллан сыталлар. Бу оччотооҕуга олоҥхо аан бастаан буукубанан тиһиллэн кинигэ буолан тахсыыта. Исидор Барахов дириҥ толкуйунан, кыраҕы өйүнэн тылбыт сайдар саҕахтара арыллан, Ойуунускай убайбыт уутуйан үөскээбит олоҥхоһуттардаах, салгынныын кытта ырыа ытык Тааттатыгар айыллан төрөөбүт, үөскээбит «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун, норуот улуу айымньытын латыын алпаабытынан бэчэттээн кинигэ оҥорон таһааран үйэтиттэхтэрэ. Мусуойбутугар өссө Алампа Софронов 1927 сыллаахха тахсыбыт «Олох дьэбэрэтэ» диэн драмата, 1926 сыллахха бэчээттэммит «Манчаары» кэпсээнэ кинигэнэн тахсыбыта баар. Ол эрээри, бу дьоммутун ааттарын да ааттыыр кутталлаах кэмнэрэ бааллара. Ким билбэтий, бүтүн Арассыыйа үрдүнэн адаҕыйбыт эрэпириэссийэ ыар сылларын? Норуот тылынан айымньытын үйэтитээччилэрбитин Өксөкүлээх Өлөксөйү (1926 сыллаахха орто дойдуттан суох буолбут киһини), Ойуунускайбытын, Алампабытын «норуот өстөөхтөрө» диэн кэриэтээн ааттарын-суолларын тэпсибиттэрин, түрмэҕэ симэттээбиттэрин! Оттон айымньыларын ыалтан кытары хомуйан ылан уоттуур “үлэлэр” киэҥ далааһыннаахтык барбыттара. Ити билигин мусуойга хараллан сытар, харах харатын курдук харыстыыр кинигэлэрбитин эрэпириэссийэлээбиттэрэ эбээт!
Соһуччу булумньулар
Ити кинигэлэри, эрэпириэссийэ туоһуларын, аҕыйах сыллааҕыта Үөһээ Бүлүү Өргүөт нэһилиэгиттэн соһуччутук булбуппут. Исидор Барахов аатынан Судаарыстыбаннас мусуойун үлэһиттэрэ эспэдииссийэ тэринэн Өргүөккэ тахса сылдьыбыппыт, Иустин Петров диэн Өргүөккэ олорор дьиэтин туран биэрэн аан бастакы оскуоланы арыттарбыт ытык кырдьаҕас баара. Кини ыччаттара – Петров Трофим Иустинович Москваҕа үөрэх салаатын иниспиэктэринэн үлэлээбит киһи уонна педагогическай наука хандьыдаата, ХИФУ бэрэпиэссэрэ, Саха АССР норуотун үөрэхтээһинин үтүөлээх үлэһитэ Тамара Ивановна Петрова олорбут тэлгэһэлэрин, дьиэлэрин көрөөрү ыйдаран тиийбиппит. Кинилэр төрүт уһаайбаларыгар аймахтара Евдокия Юрьевна Петровалаах олороллор. Евдокия Юрьевна кинилэр маллара ампаарга толору ууруллан сыталларын көрдөрбүтэ. Кумааҕылар, кинигэлэр, сурунааллар, латыын тылынан тахсыбыт улуус хаһыаттара бөҕө кинилэр хайдах уурбуттарынан ампаарга хараллан сыталлар. Көҥүллэтэн чинчийэн көрдүбүт. Улахан дьааһыкка угуллубут кинигэлэри биир-биир хостоотубут. Түгэххэ кичэллээхтик ууруллубут кинигэлэри булан ыллыбыт. Онтукпут латыын алпаабытынан Дьокуускайга Саха кинигэтин бэчээтэ 1931 сыллаахха таһаарбыт Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотун бастакы кинигэтэ, Алампа «Манчаарыта», «Олох дьэбэрэтэ» буолан соһуттулар. Кинигэлэр тастарыгар хара чэрэниилэнэн «г. Вилюйск-1932 г. ТрофПетр.» диэн суруктаахтар. Алаас сахалара барахсаттар хараҥа, түҥкэтэх олохпутун сырдык кыым буолан сырдаппыт айымньылардаах дьонун төһө да «норуот өстөөҕө» диэбиттэрин иһин итэҕэйбэтэхтэрэ, хаһан эрэ ааттара тиллэригэр кистэл бүччүм эрэллээхтэрэ. Бу тус бэйэлэрин олохторугар да кутталлааҕын аахсыбакка, кистии уурбут кинигэлэрэ бу биһиги үйэбитигэр тиийэн кэлэн күн сирин көрдөхтөрө, «кэпсии-ипсии» сыттахтара.
Латыын алпаабытын сүдү оруола
Бараховтаах туруорсан киллэрбит латыынныы алпаабыттара. Арай оччолорго ити олоҥхобут бэчээттэммэтэх буоллун? Былыргы аас-туор олоххо төһөлөөх олоҥхо олоҥхоһутун кытары симэлийбитэ буолуой? Умнуллан барыан да сөбө. Ону латыынныы бэчээттэммит олоҥхобут барахсаны кистээн ууруммут дьонноох буоламмыт, ону хаттаан саҥа алпаабыкка таһааран олоҥхобут тыыннаах эргиллэн кэллэҕэ. Тылбыт сүмэтин сүтэрбэккэ, симэлиппэккэ, олоҥхобут умнуллубакка, аар-саарга аатырарыгар онно олук уурбут ол атааннаах-мөҥүөннээх сүүрбэһис сыллар эдэркээн салайааччылара Исидор Бараховтаах кимиэллээх киирсиилэринэн, дьүккүөрдээх үлэлэринэн ситиһиллибитэ. Төрөөбүт ийэ тылбыт өлбөт үөстэммитэ, симэлийбэт дьылҕаламмыта. Күн бүгүн урааҥхай саха ырыата дьиэрэйэр, олоҥхото доллоһуйар. Аҕыйах күнүнэн Исидор Барахов төрөөбүт улууһугар Үөһээ Бүлүүгэ, Бүлүү Эбэ Хотун күөх кытылыгар Олоҥхо ыһыаҕа ньиргийиэ, урааҥхай саха олоҥхотун уруйа улаатыа!
Светлана Копыленко,
Үөһээ Бүлүүтээҕи Исидор Барахов аатынан Судаарыстыбаннас мусуойун дириэктэрэ.