“Ньургун Боотур” олоҥхо-опера Улуу Кыайыыга кылаата
1940 сыллаахха Суорун Омоллоон Былатыан Ойуунускай уонна Көстөкүүн Оросин “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону суруйан хаалларбыт рукопистарыгар олоҕуран, муусукалаах драма либреттотын суруйбута. Бу муусукалаах драма-олоҥхо сэрии кэмигэр саха норуотугар өстөөҕү утары охсуһуу биир чаҕылхай символа буолбута.
Саха тыйаатырын артыыстара бу туруорууну сэрии кэмигэр сыанаттан түһэрбэккэ оонньообуттара, Саха сирин оройуоннарын барытын кэрийэн көрдөрбүттэрэ.
1943 сыл кулун тутар 16 күнүгэр драма 100 туруоруутун бэлиэтээбиттэрэ. Ити сыралаах үлэ түмүгэр киирбит 158 тыһыынча 300 солкуобай үбү тыйаатыр кэлэктиибэ сэрии пуондатыгар тааҥка тутуутугар сиэртибэлээбиттэрэ. Ол үбүнэн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” диэн ааттаммыт тааҥка тутуллубута.
Ити курдук, саха олоҥхотун боотура сэрии хонуутугар фашистары кыдыйа айаннаабыта.
Музыкальнай пьесаттан — операҕа
Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырын мусуойугар “Дьулуруйар Ньургун Боотур” драманы оонньообут артыыстар айымньы ааптардарын кытта түспүт хаартыскалара баар. Хаартыска хаҥас өттүгэр, иккис эрээккэ испэктээк худуоһунньуга Георгий Туралысов мичээрдии турар. Кини аттыгар либретто ааптара Дмитрий Сивцев-Суорун Омоллоон турар.
Ньургун Боотур оруолун толорбут Михаил Жирков уонна Туйаарыма Куо — Александра Новгородова икки ардыларыгар драма муусукатын суруйбут композитор, Марк Жирков турбут. Туйаарыма Куо аттыгар, Үрүҥ Уолан көстүүмүттэн сылыктаатахха, биллиилээх олоҥхоһут Үстүүн Нохсоороп көстөр быһыылаах. Кини диэки төбөтүн хоҥкутан драма режиссера Василий Местников турар. Онтон хормейстер Василий Попов уонна пианистка Полина Розинская, балетмейстер Сергей Владимиров-Климов тураллар. Тула өттүлэригэр аатырбыт “Ньургун Боотуру” сэрии кэмигэр оонньобут драма маҥнайгы састаабын артыыстара.
1943 сыллаахха үбүлүөйдээх сүүс оонньуу турбутунан сибээстээн, өрөспүүбүлүкэ Үрдүкү Сэбиэтэ тыйаатыр режиссеругар Василий Местниковка, Уот Уһутаакыны оонньообут Виктор Саввиҥҥа САССР үтүөлээх артыыстарын аатын иҥэрбитэ. Артыыстар Михаил Жирков, Мария Белолюбская, Александра Новгородова, электроцех сэбиэдиссэйэ Николай Горбачев, балетмейстер Иван Каренин САССР Үрдүкү Сэбиэтин Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыттара.
Бу туруоруу сатаммытын айымньы сэттэ сыл иһигэр операҕа кубулуйбута туоһулуур. Бастаан көннөрү пьеса курдук суруллубут айымньы муусукалаах олоҥхо-драмаҕа кубулуйар, онтон улахан сыралаах үлэ түмүгэр опера буола үүммүтэ.
1947 сылга, Саха АССР 25 сыллаах үбүлүөйүгэр, тыйаатыр кэлэктиибэ Марк Жирков уонна Генрих Литинскэй муусукаларыгар «Ньургун Боотур»операны туруорбута. Маны ааҕыҥ Иитээччилэр бэлисипиэтинэн сылдьаллар
Олоҥхо – Аҕа дойду сэриитин символа
Саҥа туруоруу, биллэн турар, көрөөччүлэр истэригэр улахан ырытыыны, сороҕор мөккүөрү даҕаны таһаарбыта. Олоҥхону тыйаатырга туруоруу ньыматын, тылын-өһүн туттуутун, артыыстар оонньуулларын ырытыы күүрээнин ол кэмҥэ олорбут дьон өйдүүллэр. Өрөспүүбүлүкэ киин хаһыатыгар икки нүөмэргэ араарыллан, улахан ырытыы-эрэссиэнсийэ тахсыбыта. Ааптардар – Георгий Башарин уонна Николай Заболоцкай. Манна даҕатан эттэххэ, Георгий Прокопьевич олоҥхо туһунан өссө 30-с сыллартан хас даҕаны ыстатыйаны таһаарбыта.
Оччолорго олоҥхо саха норуотун баайынан, Сэбиэскэй былааска туһалааҕынан ааҕыллара өссө даҕаны ыраах этэ, саха интэлигиэнсийэтэ былыргыны барытын сотон кэбиһэр санаалаах РАПП сойууһун кытта кытаанах киирсиилэри көрсүбүт кэмнэрэ этэ.
1938 сыллаахха олоҥхо сүрүн көмүскээччитэ Былатыан Ойуунускай “норуот өстөөҕө” аатырар. Дьэ, уонна санаан кэбиһиҥ, хайдах курдук хорсун санаалаах дьон кини дьыалатын салҕаабыттарын!
1942 сыл кулун тутар 21 күнүгэр тахсыбыт эрэссиэнсийэ маннык тыллартан саҕаланар: “Якутскайдааҕы Государственнай драматическай театрыгар Д.К.Сивцев олоҥхоҕо олоҕуран суруйбут музыкальнай драмата «Дьулуруйар Ньургун Боотур» турда. Аҕа дойдуну көмүскүүр улууканнаах сэриилэһии бириэмэтигар бу драма туруута улахан патриотическай суолталаах”.
Ыстатыйа маҥнайгы тылларыттан суруйааччылар олоҥхо улахан патриотическай тыыннааҕын, Аҕа дойду сэриитигэр өстөөҕү утарылаһыы символа буоларын ыйаллар: “Саха олонхотугар икки күүс охсуһар. Бииринэн, ааһар былыт албыннаах, көтөр былыт көлдьүннээх, түгэх дойду түөкүттэрэ, дириҥ дойду дьилбиннэрэ — абааһы адьарай аймахтара: иккиһинэн, аһыныылаах санаалаах айыы аймахтара, көмүскэстээх санаалаах күн улуустара. Кинилэр икки ардыларыгар хаһан да эйэлэспэт дириҥ өстөһүү, хааннаах охсуһуу буолар. Манна урут саба түһээччинэн, ыар буруйдааҕынан абааһы аймаҕа көстөр”. Айыы аймаҕа — сэбиэскэй норуот, абааһы аймаҕа – урут саба түспүт фашистскай Германия. Бу санааны арыйыыга маҥнайгы ыстатыйа улахан аҥаара ананар. Кириитикэ иһигэр “эбисийээнэ сирэйдээх Геббельс” сымыйаны тарҕатар пропагандата хаарыллар, оттон Гитлер туох даҕаны ханарытыыта суох Уот Уһутаакыга холонор.
Маҥнайгы эрэссиэнсийэ бүтэһигэр драманы ырытыы саҕаланар. Онно ырытыы быыһыгар, композитор Марк Жирков драма муусукатын, тойугун барытын нуотаҕа киллэрбитэ этиллэр. Башарин уонна Заболоцкай “Испиэктээх барыта муусуканан оонньонор, кини музыкальнай айымньыта операны санатар” диэн бөлүһүөктүүр санаанан түмүктүүллэр.
Иккис эрэссиэнсийэ бүтүннүү айымньы ис хоһоонун, артыыстар оонньууларын ырытыыга, сыана быһаарыыларын ырытыыга анаммыт. Ньургун Боотур оруолун толорбут Михаил Жиркову оонньуутун биһирээн хайҕаабыттар, Кыыс Кыскыйдаан, Түөнэ Моҕол урукку оонньуулартан тупсубуттарын бэлиэтииллэр. Туйаарыма Куо оруолун толорооччу Александра Новгородованы сүрүннээн хайҕыыллар эрээри, сорох мизансценаларга туһааннаах иэнийиини (эмоцияны) сатаан тиэрдибэтэ диэн сэмэлииллэр.
Эрэссиэнсийэҕэ, Василий Местников салайааччылаах эдэр кэлэктиип туруорбут сыалын сүнньүнэн толорбут диэн түмүккэ кэлэллэр. Түмүк тылга олоҥхо сэрии кэмигэр улахан туһалаах күүс буоларын бигэргэтэн суруйаллар: “Биһиги Ийэ дойдубут народтарын тыл өттүнэн айымньыларыгар, кинилэр кырдьыктаах историяларыгар баар улуу бухатыырдары уонна фашистскай Германия утары бара турар Аҕа дойдуну көмүскүүр улууканнаах сэриилэһии албан ааттаах бухатыырдарын сценаҕа көрдөрүүнэн театр советскай народ патриотическай тыынын өссө ордук күүһүрдэр, онон тапталлаах Ийэ дойду көмүскэлигэр бэйэтин улахан кыттыытын көрдөрөр”.
“Ньургун Боотур” – Кыайыы ыһыаҕар
Аатырбыт Кыайыы ыһыаҕар тыйаатыр артыыстара олоҥхоттон быһа тардан сыаҥкалары көрдөрбүттэрэ. Саха тыйаатырын артыыстара Михаил Жирков – Ньургун Боотур, Петр Решетников – Сорук Боллур, Александра Новгородова — Туйаарыма Куо ордук күүрээннээх тойуктарын ыллаан, Кыайыыны өрөгөйдөөбүттэрэ. Бу кэмҥэ саха олоҥхото Сэбиэскэй норуот биир улуу баайа буолара мэктиэлэнэн, сүппэт, умнуллубат кэскиллэммитэ. Ыстатыйаҕа Емельян Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын устуоруйатын уонна култууратын судаарыстыбаннай холбоһуктаах мусуойун уонна Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Опера уонна балет тыйаатырын мусуойун хаартыскалара туһанылыннылар.
Егор Карпов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/nurgun-bootur/