Валентин Исаков: “Олоҥхону толору толоруоҕуҥ!” - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Валентин Исаков: “Олоҥхону толору толоруоҕуҥ!”

Валентин Исаков: “Олоҥхону толору толоруоҕуҥ!”

Олоҥхо ыһыаҕа бэрт тэрээһиннээхтик, үчүгэйдик буолан ааста. Ырыата-тойуга дуорайда, суон сураҕа сир-сир аайы тарҕанна, оонньуулаах, дьоҕурдаах дьон-сэргэ тоҕуоруста.

Хаартыска: Ааптар түһэриитэ

Муона Чараҥар СӨ үтүөлээх артыыһын, Ил Дархан стипендиатын, олоҥхоһут, ньимҥакалаан, норуот ырыаһыта Валентин Исаковы көрсө түһэн, оһуордаах-мандар­даах сөрүүн ураһаҕа киирэн, атах тэпсэн олорон, кэпсэтэ түстүбүт. Кини буола турар ыһыах, олоҥхо күрэһин туһунан санаатын үллэстэр

– Олоҥхо ыһыаҕа бу Амма сиригэр буолбута наһаа үчүгэй дии саныыбын. Эрдэттэн бэлэмнэммиттэрэ көстөр. Бу дойдуга Чээбий эрэ баар буолбатах, кини да иннинэ сүүһүнэн олоҥхоһут уутуйан үөскээн-төрөөн, олоҥхолообут сирдэрэ. Ырыа Чээбий дэтэригэр, кини сүрдээх элбэх дьону үөрэппититтэн, аата ааттанан хаалбыт. Дойду сирин: мэҥэлэр, таатталар, уус алданнар улахан олоҥхоһуттара кинини бэйэлэрин учууталларынан ааҕаллара биллэр.

Чээбийи истэн улааппыт, эккирэтэ сылдьан истибит киһи Күннүк Уурастыырап  сүрдээх үчүгэй бэйиэт, норуот суруйааччыта. Бэйэтэ олус үчүгэй олоҥхоһут. Ол олоҥхолууругар Чээбийтэн үөрэммитим диэн ис сүрэҕиттэн махтана кэпсиирэ. Онон бу олоҥхо тылын-өһүн сүмэтэ иҥмит, силистэнэн-мутуктанан сайдыбыт сирэ буолар.

– Олоҥхо күрэһин туһунан тус санааҥ, дьэ, хайдах баран иһэр?

– Сэмээр киирэммин барыларын көрдүм-иһиттим. Оҕо дьон элбээбитэ сүрдээҕин үөрдэр. Онон оҕо дьоҥҥо үчүгэй олоҥхоһуттар үөскээн тахсан эрэллэрэ, сылтан сыл ырыалара-тойуктара тупсан иһэрэ көстөр. Олоҥхо ыһыаҕын суолтата, кэскилэ итиннэ сытар буоллаҕа.

Биһиги урукку кэмнэргэ үксүн биир эрэ киһини – Гаврил Колесовы истэн, үтүктэн кэллэхпит. Билигин үгүстэр бэйэлэрин суолларын булан, ыллыыр-туойар буолан эрэллэрин бэлиэтиэххэ наада.

Биэс сиринэн олоҥхону иһиттибит. Манна саамай үчүгэйэ диэн – 35-тэн үөһэ саас­таахтарга кыттар киһитэ элбэх, ол эрэн, хомойорум диэн биир баар. Олоҥхону толорууга баара-суоҕа 20-лии мүнүүтэни биэрэллэр. Олоҥхоһут 20 мүнүүтэҕэ хайдах да барытын ситэрэн-хоторон этэр кыаҕа суох. Тоҕо диэтэр, улахан олоҥхолорго ырыалара уһун, холобур, Тойон Дьаҕарыма дойдутуттан тэйэр ырыатын биир бэйэм 27 мүнүүтэ устата ыллыыбын. Онно өссө эбэн-сабан, ис-искиттэн итийэн-кутуйан бардаххына, чаас аҥаарыттан тахсыбытын билбэккэ да хаалаҕын.

Ойуунускай “Ньургун Боотуругар” 20-30 мүнүүтэ устата ылланар хас да ырыа баар. “Кулун Куллустуурга”, “Мүлдьү Бөҕөҕө” биир оннук. Ити улахан түөрт олоҥхону ааттаатым. Онон 20 мүнүүтэ сүрдээх аҕыйах, киһи тугу ситэн этиэй?

Аны олоҥхо аҥаара тылынан этии, аҥаара ырыа буолуохтаах. Тыл баайын син биир этэн көрдөрүөхтээххин. Бу барыта бириэмэҕэ хааччахтанан, дьадайан хаалар.

Сорох ардыгар саныыбын ээ – Олоҥхо ыһыаҕар улахан олоҥхоһуттар төһө кыахтаахтарынан, түүннэри-күнүстэри олоҥхолуулларын ситиһиэххэ баара. Күрэхтэһиилэрэ атын сиргэ буоллун. 5-6 сиринэн олоҥхо түүннэри тохтообокко, дуорайа туруоҕун баҕарабын.

Кыргызтар “Манастарын” сэттэ түүннээх күҥҥэ бэ­­йэ-бэйэлэрин солбуһа сылдьан, ыллыыллар. Дьиктитэ диэн, бу кэм устата тохтообокко, дьон утуйа-утуйа, аһыы-аһыы истэр үгэстээхтэр. Биһиэхэ бу эмиэ кыаллыан сөп этэ дии саныыбын. Былыр да оннук үгэс баара.

Уонтан тахса сыллааҕыта этинэн турабыт: бүрээттэр “Гэсэрдэрин”, кыргызтар “Манастарын”, биһиги олоҥхобутун тэҥҥэ үс күн устата толоруохха диэн. Ол саҕана үс чаастан ордук этэр киһи суох этэ. Билигин аҕыстыы чаас этэр дьон баар буоллулар. Онон билигин ити кыаллыан сөп.

Мин “Ньургун Боотуру” түөрт тус-туспа олоҥхо оҥороммун, дьоҥҥо-сэргэҕэ ыллаа­бытым. Ол саҕана “Тойук” ансаамбылга үлэлиир этим. Мантыҥ 16 чаас устата барар. Оттон Гаврил Колесов 9 чаас толордоҕо дии. Биир ый устата кини ыллаабыт ырыатыттан сороҕо пластинкатыгар киирбэккэ хаалбыт.

Ити 4 улахан олоҥхону: “Мүлдьү Бөҕөнү”, “Кулун Куллустууру”, “Тойон Дьаҕарыманы”, “Ньургун Боотуру” толору ыллыырга холонуохпутун наада этэ.

Онон этэрим итинник – олоҥхобут тылын-өһүн кыччаппакка, дьадаппакка, барытын толору ыллыахха, сайыннарыахха баар этэ диэн.

Ааптар: Ангелина Васильева, «Саха сирэ»

Поделитесь этой страницей