Гавриил Колесов уонна олоҥхо
Мэҥэ Хаҥалас улууһун көҕүлээһининэн, РСФСР үтүөлээх, саха норуодунай артыыһа, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уһуйааччы, саха олоҥхотун киэҥ эйгэҕэ таһаарыыга үтүмэн үгүс үтүөлээх Гавриил Гавриилович КОЛЕСОВ аатын үйэтитиигэ анаммыт үлэни торумнуур киэҥ ыҥырыылаах мунньах 2021 сыллааха Дьокуускайга буолавн ааспыта. Ол туһунан суруналыыс Татьяна Маркова суруйбутун ааҕыҥ.
Кэпсэтиини Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Олоҥхо ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэсидьиэнэ Февронья Шишигина иилээн-саҕалаан ыытта:
—Кэлэр 2022 сылга саха норуотун тапталлаах артыыһа, суруйааччы, уһуйааччы, олоҥхону аар саарга аатырдыбыт Гавриил Гавриилович Колесов төрөөбүтэ 90 сылын туолар үбүлүөйдээх сыла үүнэр. Олоҥхо декадатын кэмигэр, бу даатаны хайдах бэлиэтииргэ, кини сырдык аатын үйэтитиигэ үгүс ыйытыылар, этиилэр киирэллэр. Бүгүн манна өрөспүүбүлүкэ тустаах тэрилтэлэрин, уопсастыбаннас бэрэстэбиитэллэрэ, олоҥхону тарҕатааччылар кэлэн олороллор, zoom нөҥүө эмиэ Гавриил Колесов аатыгар сүгүрүйээччи үгүс киһи кыттар. Бу мунньах түмүгүнэн туһааннаах резолюция ылыныллыаҕа. Онон, күндү доҕоттор, санааҕытын аһаҕастык үллэстэн, этиилэргитин киллэрэн иһиҥ, — диэтэ кини. Мунньаҕы көҕүлээччинэн, тэрийээччинэн Гавриил Колесов төрөөбүт дойдута Мэҥэ Хаҥалас улууһа буолар, онон бүтүн дэлэгээссийэ кэлэн олорор.
Бу күн улуус аатыттан баһылыгы I солбуйааччы Семен ПОТАПОВ тыл эттэ. Кини улууска Олоҥхо декадата хайдах бара турарын, быйыл уонна кэлэр сылга улуус киэн туттар олоҥхоһуттара Николай Алексеевич Абрамов-Кынат, Николай Иванович Степанов-Ноорой уонна Гавриил Гавриилович Колесов үбүлүөйдээх сылларыгар бэлэмнэнии, ыытыы торумнарын билиһиннэрдэ. Гавриил Колесов аатын үйэтитиигэ дьон-сэргэ, уопсастыбаннас өттүттэн элбэх этии киирэр эрээри, онтон үксэ кэриэтэ олоххо киирэ иликтэрин бэлиэтээтэ уонна СӨ Ил Дарханыгар, СӨ Бырабыыталыстыбатыгар, Ил Түмэҥҥэ, Олоҥхо иккис 10 сылын тэрийэн ыытыыга СӨ Ил Дарханын иһинэн Национальнай Кэмитиэккэ, Култуура министиэристибэтигэр, о.д.а. тустаах тэрилтэлэргэ аадырыстаммыт Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторун этиилэрин билиһиннэрдэ:
-Бастатан туран, “Олоҥхону бастыҥ толорооччуга” диэн Гавриил Колесов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин олохтуурга уонна сылга биирдэ Олоҥхо күнүгэр туттарарга; 2022 сыл кулун тутар 8 күнүгэр Гавриил Колесов төрөөбүтэ 90 сыла туолуутун өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн киэҥник бэлиэтииргэ анаан хамыыһыйа тэрийэргэ; “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону Г.Г.Колесов толоруутугар Ленинградтааҕы “Мелодия” устуудьуйаҕа грампластинкаҕа устан үйэтиппит звукорежиссер Г.П. Любимовка П.А.Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин аныыры туруорсарга; Дьокуускай куоракка тутуллар Аан дойдутааҕы Олоҥхо киинигэр Г.Г.Колесов аатын үйэтитэр пааматынньык туруорарга; Санкт-Петербург куорат Судаарыстыбаннай Академическай капеллатыгар 1968 сыллаахха Гавриил Колесов толоруутугар П. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхото грампластинкаҕа чахчы манна суруллубута диэн өйдөбүнньүк сурук оҥотторон ыйыырга; Улуу олоҥхоһут Н.И. Степанов-Ноорой төрөөбүтэ 125 сылынан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар анал үбүлүөйдээх хамыыһыйа тэрийэргэ; Николай Степанов-Ноорой “Оҕо Ньургун” олоҥхотун М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхо институтун былааныгар киллэрэн, кинигэ оҥорон бэчээттээн таһаарарга. Кэлин бу этиилэр мунньах резолюциятын сүрүннээтилэр. Көрсүһүүгэ үгүс киһи санаатын үллэһиннэ, этии киллэрдэ.
Матвей Васильевич МУЧИН, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай наука кандидата:
—Баатара нэһилиэгиттэн төрүттээх саха норуотуттан бастакы Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Кузьмич Попов быйыл төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиибит. Баатараттан сахаттан бастакы ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Ходулов, норуоттан тахсыбыт талааннар Гавриил Колесов, Лааһар Сергучев төрүттээхтэр. Бу дойдуга олорбуттара, үөрэммиттэрэ, айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ Валерий Ноев, Анастасия Варламова, Данил Санников уонна дойдутун кытта сибээһин тута сылдьар Галина Шахурдина, онтон да атыттар. Гавриил Колесов – айылҕаттан бэриллибит талаан, артыыс, суруйааччы. Саха литературатын классиктарын айымньыларын бастакынан билсибит, билиһиннэрбит кини баар. Өксөкүлээх, Алампа айымньыларын хайдах курдук үчүгэйдик билэрэй, хайдах курдук Алампа хоһооннорун ааҕарай?! Отучча сыллааҕыта Алампаҕа анаан бүтүн бырагыраамалары бэлэмнээн, Саха сирин улуустарынан сылдьара. Саха тылын ураты сөпкө туттара. Саха олоҥхотун саха дьонугар төнүннэрбит, саха олоҥхотун өрө тардыбыт, сайыннарбыт киһи кини буолар! Ол сөпкө сыаналаныахтаах!
Варвара ОБОЮКОВА, фольклорист, Г.Г.Колесов уһуйуллааччыта:
—Биһиги Дьокуускайдааҕы М.Н.Жирков аатынан Музыкальнай училищеҕа Гавриил Гавриилович бэйэтэ туруорсан астарбыт фольклор салаатыгар киниэхэ уһуйуллубут дьоллоохпут. Учууталбыт аатын ааттаабатах, санаабатах күммүт суох. Билигин, бу 20-тэн тахса сыл үлэ барбытынан, кини аатын үйэтитиигэ санаалар, этиилэр, соруктар туолар кэмнэрэ уолдьаста, бириэмэтэ кэллэ дии саныыбын. Гавриил Гавриилович 1968 сыллаахха Ленинград куоракка уһултарбыт 9 грампластинката күн бүгүнүгэр диэри дьону, ыччаты үөрэтэ, уһуйа, туһалыы турар! Оччолорго “Мелодия” устуудьуйа звукорежиссерун Геннадий Павлович Любимовы 2015 сыллаахха буламмыт, олус үөрбүппүт. Ситиммитин күн бүгүн тутан олоробут. Геннадий Павлович 83-с хаарыгар үктэннэ. Саха норуотугар оҥорбут үтүөлэрин иһин киниэхэ “СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ” аат иҥэриллибитэ, “Гражданская доблесть” бочуоттаах бэлиэ туттарыллыбыта. Сахалар тапталларын бэлиэтин көрдөрбүттэрэ. Мин санаабар, Г.П.Любимовка П.А.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни туттардарбыт, сөптөөх, дьоһуннаах быһаарыы буолуох этэ. Билигин Гавриил Колесов “Сахалыы ырыа-тойук туһунан санаалар” үлэтэ 7 омук тылынан (французтуу, ньиэмэстии, польскайдыы о.д.а.) саҥарар кыахтанна. Үбүлэниитин боппуруоһа быһаарыллыбакка, бэчээккэ тахса илик, тахсыаҕын олус баҕарабыт. Биһиги Учууталбыт аатын үйэтитиигэ үлэбитин салгыыбыт.
Үгүс киһи мунньахха Zoom нөҥүө кыттан, санаатын үллэһиннэ. Ол курдук, Олоҥхо тыйаатырын дириэктэрэ Мария ТУРАНТАЕВА: “Геннадий Павлович Любимовка Судаарыстыбаннай бириэмийэни иҥэриэххэ диэн сөптөөх этии”, — диэтэ. Маны таһынан, норуот чулуу дьонун аатынан уулуссалар баалларын, биитэр Олоҥхоһуттар болуоссаттара дуу, искибиэрдэрэ дуу баара эбитэ буоллар, аатырбыт олоҥхоһуттарбыт ааттара онно киирэн иһиэхтэрэ этэ диэн бэлиэтээтэ. Киргизияҕа, Иссык-Кульга “Манасчы болуоссатын” аспыттарын, онно кыргыз омук бастыҥ манасчыттарын мөссүөннэрэ баарын санатта. Кини итиэннэ, сыллата бастыҥ олоҥхону толорооччуга Гавриил Колесов — статуэткалаах Анал бириэмийэ олохтуур санаалаахтарын иһитиннэрдэ. “Cаха Оскарын” курдук буолуоҕа!”, — диэтэ Мария Васильевна уонна Олоҥхо тыйаатырын кэлэктиибэ Гавриил Колесов аатын үйэтитиигэ, кини төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах тэрээһиннэргэ барытыгар кыттарга бэлэмин эттэ.
Анатолий НИКОЛАЕВ, РФ үтүөлээх, саха норуодунай артыыһа:
—Билигин Гавриил Колесовка тэҥнээх олоҥхоһут, хомойуох иһин, суох… Колесов барыларыттан чаҕылхай этэ. Олоҥхобут тутула, акылаата Гавриил Колесовка баар — барыта. Колесов олоҥхолорун тула кэпсэтии барыахтаах. Кини олоҥхолообут олоҥхотун салгыы тутуһуохтаахпыт. Оттон билигин олоҥхолооһун наһаа маассабай буолла. Мин санаабар, олоҥхо олус маассабай буолуон сөбө суох. Мэҥэ- Хаҥаластар, маладьыастар, саха духуобунаһа, култуурата эһиэхэ баар. Долгуйаргыт, туруорсаргыт сөптөөх.
Гавриил Гавриилович төрөппүт кыыһа, СӨ искусствотын үтүөлээх диэйэтэлэ, музыкант Оксана КОЛЕСОВА, аҕатын аатын үйэтитиигэ үлэлэһэр, туруорсар, этии киллэрэр биир дойдулаахтарыгар, биир идэлээхтэригэр махтанан туран, бэйэтин санаатын үллэһиннэ. Ол курдук, кини «Саха сиригэр хостонор күндү алмаас таастартан биирдэстэригэр Гавриил Колесов аатын иҥэрэр тоҕо сатаммат буолуой?» диэтэ.
“Аҕам Өрөспүүбүлүкэ да, Дьокуускай куорат да Бочуоттаах гражданинын аатын сүкпэтэҕэ, оттон Саха сиригэр-уотугар, географическай өттүнэн көрдөххө, хайа чыпчааллара бааллар ээ! Хайа биир чыпчаалыгар Гавриил Колесов аатын иҥэриэххэ сөп. Итиэннэ, 9 гигант пластинкаҕа уһултаран, олоҥхону уһуннук толорууга аҕам аата Гиннесс рекортарын кинигэтигэр киллэриллиэн эмиэ сөп этэ”, — диэн бэрт чопчу этиилэрин билиһиннэрдэ. Василий ВИНОКУРОВ-Кыталык Баһылай, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Кыталык” норуодунай ансаамбыл уус-уран салайааччыта: —Гавриил Гавриилович саха норуотугар, саха култууратыгар киллэрбит кылаата сөпкө сыаналаныахтаах. Кини олоҥхо- тойук туһунан санааларын уонна Алампаҕа аналлаах бырагырааматын дьоҥҥо-норуокка билиһиннэрэр соруктаах дойдутугар, Мэҥэҕэ кэллэҕинэ, мин кинилиин нэһилиэктэринэн сылдьыһарым. Онно көрдөхпүнэ, көрсүһүүлэргэ аҕыйах киһи кэлэр курдук… Арай убайбыт холку: “Долгуйума, бириэмэтэ кэллэҕинэ, истиэхтэрэ!”, — диир… Сөпкө да эппит!
Люлия Николаевна ГРИГОРЬЕВА, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Ытык Сүбэтин салайааччыта:
—Олоҥхо тыйаатырыгар Гавриил Колесов аатын иҥэрэргэ, диэн Ытык Сүбэҕэ Уураах таһааран турардаахпыт. Тыйаатырга Гавриил Колесов аатын иҥэрэр наада. Бүгүн ыччаттарбыт компьютертан тэйбэттэр, оҕолорбут төрөөбүт тылларын умнан эрэллэрэ долгутар… Көлүөнэлэр ситимнэрин бөҕөргөтүүгэ, ыччаты иитиигэ болҕомто күүһүрдүллүөхтээх. Ити, Кыталык Баһылай сөпкө эттэ – киһи аатын күн аайы ааттаатахха дьон-сэргэ, ыччаттар өйдөөн хаалаллар, диэн.
СӨ “Олоҥхо ассоциацията” уопсастыбаннай тэрилтэ вице-бэрэсидьиэнэ Елена ПРОТОДЬЯКОНОВА бу түмүктэнэн эрэр сылга ассоциация үлэтин былааныгар 44 үбүлүөйдээх киһи киирбитин, мэҥэлэр дьон санаатын түмэллэрэ үчүгэйин бэлиэтээтэ:
— “Олоҥхо искибиэрин” оҥорууга Ассоциация грант суруйбута, хомойуох иһин, куорат дьаһалтата өйөөбөтө. Билигин, АГИКИ иннигэр турар искибиэргэ болҕомтобутун ууран, онно оҥоруохпутун баҕарабыт. Олоҥхо – сүдү айымньы, ким да аатын сүгүө суохтаах дии саныыбыт. Онон, Аллараа Бэстээхтээҕи Олоҥхо дьиэтигэр (дириэктэр Е.Н.Иванова) Гавриил Гавриилович Колесов аатын иҥэрэргэ диэн этиилээхпит. Уонна манна Үөрэтэр киин тэриллэрэ буоллар, диэн баҕа санаалаахпыт. Г.Г. Колесов аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни олохтууру өйүүбүт. Фольклор, тыйаатыр эйгэлээхтэри Гавриил Колесов аатынан бэстибээллэри ыытарга ыҥырабыт. Өрөспүүбүлүкэ, улуустар мусуойдара Г.Г.Колесов айар үлэтин туһунан анаан матырыйааллары түмэн, таҥан, мусуойу өссө байытаргыт наада”, — диэн сонун этиилэри киллэрдэ Елена Николаевна.
СӨ Култууратын министиэристибэтин искусствоҕа салаатын салайааччыта Ньургуйаана ИЛЛАРИОНОВА:
— Министиэристибэ иһинэн 20-чэ киһилээх анал хамыыһыйа тэрийиэхпит, онно Мэҥэ Хаҥалас бэрэстэбиитэллэрэ киириэхтэрэ, бу бүгүҥҥү көрсүһүүгэ киирбит этиилэри барытын дьүүллэһэн баран, мунньах Резолюциятыгар киллэриҥ, — диэтэ.
Кэпсэтиигэ өрөспүүбүлүкэ биллэр-көстөр дьоно, салайааччылар, фольклористар, учуонайдар, култуура-искусство диэйэтэллэрэ Егор Шишигин, Василий Илларионов, Аиза Решетникова, Кирилл Гаврильев, Николай Бугаев, Мария Герасимова-Сэҥээрэ, Борис Михайлов, Галина Попова-Санаайа, Саргылаана Адамова, Элла Ушницкая, уо.д.а. кыттан, санааларын үллэһиннилэр. Саха норуотун ытык киһитэ Гавриил Колесов аатын үйэтитии, кини төрөөбүтэ 90 сылын өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник бэлиэтииргэ бэлэмнэнии боппуруостара Саха сирин олохтоохторун үгүстэрин долгутарын туоһулаан, бу туһааннаах мунньахха zoom нөҥүө Дьааҥыттан, Чурапчыттан, Бүлүүттэн, Өлүөхүмэттэн уо.д.а. уопсайа 12 улуустан бэрэстэбиитэллэр кытыннылар.
Онон, бу биир эрэ улуус дьыалата буолбатах, Гавриил Колесов – норуот киһитэ, Саха сирин бүттүүнүн киэн туттуута, кини төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр култуурунай марафон быһыытынан, хас ый аайы улуус-улуус аайы ыытылла туруохтара диэн эрэнэбит. Мунньах аһаҕас кэпсэтиигэ киирбит санаалары, этиилэри түмэн, 10-тан тахса пууннаах туһааннаах резолюцияны ылынна. Хаһан эрэ, ханна эрэ Гаврил Гаврильевич: «Билигин эдэр ыччат тойугу сэҥээрбэт буолла, кураанах кулуупка куйаарабын…», — диэбитин аахпыттааҕым. Оттон билигин, кини баара, тыыннааҕа эбитэ буоллар, этэргэ дылы, төһө эрэ үөрэн, харахтара дьоллоохтук чаҕылыҥнаһаллар этэ?! Бириэмэтэ, кэмэ кэллэҕэ.
Татьяна МАРКОВА.
© edersaas.ru сайтан: https://edersaas.ru/gavriil-kolesov-uonna-olo-ho/