“Улахан дьолум, олоҕум күндү бэлэҕэ – эн”
Володя уонна Оля
Бөлөххө киир:
Ольга Дорофеева уонна Владимир Михалев – Олоҥхо тыйаатырын артыыстара, “Бэйбэрикээн” киинэҕэ Бэйбэрикээн эмээхсин кыыһа Алтаана Куону уонна Хаардьыт Бэргэни оонньообут артыыстар. Эчи, иккиэн эдэрдэрэ, кэрэлэрэ да бэрт! Бу ааспыт сыл кинилэр ыал буолан, ахсынньы 31 күнүгэр уол оҕолоннулар. Киинэҕэ көстөр уоттаах таптал олоххо да күөдьүйэн кэлэр эбит!
Оля Таатта улууһун Ытык Күөлүттэн, Володя Өлүөхүмэ Хоротуттан төрүттээхтэр. Иккиэн 2013 сыллаахха Арктикатааҕы култуура, ускуустуба үнүстүүтүгэр артыыс идэтигэр үөрэнэ киирбиттэрэ уонна 2017 сыллаахха бүтэрбиттэрэ. Олоҥхо тыйаатырыгар үлэҕэ киирэн, сөбүлүүр идэлэринэн айымньылаахтык, тэтимнээхтик үлэлээн барбыттара.
Реклама
Авиабилеты Якутск-Иркутск со скидкой до 50%
Реклама•6+
Билеты на Олена Уутай (Центр культуры и современного…
Эдэр артыыстар дьоҥҥо биллэр бастакы улахан үлэлэринэн режиссер Константин Тимофеев 2019-2022 сылларга устубут “Бэйбэрикээн” остуоруйа икки киинэтигэр сүрүн оруоллар этэ. Алтаана Куо уонна Хаардьыт Бэргэн көрдө-көрөөт таптаһаллар, күүстээх иэйиилэрэ улахан тургутууну ааһар. Ол эрээри, бу кэмҥэ эдэркээн артыыстары таптаһар сүрэхтэр, пааралар этилэр диир сыыһа буолуо. Көннөрү доҕордуу сыһыаннаахтара.
– Таптал кыыма диэн, мин өйдөбүлбүнэн, уруккуттан доҕордуу сыһыантан үөскүүр диэн баар. Барыта соһуччу, эмискэ таптал кыыма үөскээбитэ. Өскөтүн аттыгар таптыыр доҕордоох буоллаххына, ол саамай улахан дьол уонна олох күндү бэлэҕэ буолар, – диэн Ольга этэр.
Владимир тапталлааҕар бэлэх оҥороругар олус айымньылаахтык сыһыаннаһар. Түннүгүн анныгар уот сүрэҕи умаппыта, элбэхтик сиэдэрэй сибэккинэн симээбитэ. Бэлэҕин дьиэ иһигэр кистиир уонна элбэх суруктары суруйар. Ольга ол истиҥ тыллаах суруктары булаттыыр уонна бииртэн бииргэ баран иһэр, түмүгэр бэлэҕи булан ылар.
“Биһиги дьүһүммүт майгыннаспатар да, дууһаларбыт, сыаннастарбыт уонна олохпутугар буолбут түгэннэр майгыннаһаллар. Холобур, олохпутугар сүүрбэччэ майгыннаһар өрүттэри
булан, ааҕан көрбүппүт.
“Сороҕор, дьээбэлиир. “Бэйбэрикээҥҥэ” абааһы кыыһа Алтаана Куо буолан кубулунан, сиикэй эти хадьырыйар сыаната баар. Эт буһарыннахпытына, ол эт сиир сыанабын үтүктэр, онуоха наһаа кыбыстабын”, – диэн кыыс күлэр.
“Хас биирдии күммүт дьоллоох”
– Бииргэ олорор туох ыарахаттардааҕый уонна үчүгэйдээҕий? Ыарахаттары хайдах аһардаҕыт?
Реклама
Модульное ограждение из профильной трубы FENSGAR
Реклама
Малоэтажный ЖК в окружении леса, Сертолово рядом с СПб
– Бииргэ саҥа олорон эрэр буоламмыт, улахан ыарахаттары көрсө илик курдукпут. Өйбүтүн тутан, улаатаммыт, кыра өйдөспөт түгэн үөскээтэҕинэ, тута быһаарсан, кэпсэтэн кэбиһэбит.
– Саамай дьоллоох, умнуллубат күҥҥүт?
– Иккиэн тэҥҥэ атаарар хас биирдии күммүт дьоллоох. Оттон умнуллубат күннэрбит эмиэ үгүстэр. Иккиэн тыаҕа бултуу, сир аһын хомуйа барарбыт, уопсайынан, айылҕаҕа тахсыыбыт барыта уратытык ааһааччы.
Дьиэ кэргэн үгэстэрэ диэни билиҥҥитэ киллэрэ иликпит. Кэнники аргыый аҕайдык олохпутугар киллэрэн иһиэхпит дии саныыбын. Уопсай быраабылалар бааллар, холобур, аһыы олорон, төлөпүөнү туһаныа суохтаахпыт.
– Майгыннаһар, уратылаһар өрүттэргит?
Реклама
Скидки до 50% на билеты S7 Airlines с 11 по 13 сентября
Реклама•6+
Билеты на Олена Уутай (Центр культуры и современного…
– Майгыннаһар өрүттэрбит элбэхтэр эбит. Уратылаһар өрүттэрбит диэҥҥэ өйбөр туох да киирбэт. Биир эрэ майгыннаспат өрүттээх эбиппит: хайдах муусуканы сөбүлүүрбүт уратылаһар. Мин классиканы, джаз, симфония муусукатын истэрбин сөбүлүүбүн, оттон кини үксүн тэтимнээх ырыалары истээччи.
Биһиги дьүһүммүт майгыннаспатар да, дууһаларбыт уонна олохпутугар буолбут түгэннэр майгыннаһаллар. Холобур, олохпутугар туох майгыннаһарын ааҕан көрбүппүт:
Иккиэн ыал улахан оҕолоробут. Мин ыал үс кыыһыттан улаханнарабын, Володя үс уолтан эмиэ бастакы.
Зодиак бэлиэтигэр уу эйгэлээхпит – мин Скорпиоммун, кини – Балык. Гороскоппутугар иккиэн дьиэ кыылларабыт – мин Ыппын, кини – Сибиинньэ (тупсаран, “Кабаммын” диир). Хата, дьиэ кыыллара буолан, дьиэ-уот сыһыаныгар хаһаайыстыбаннайдарбыт быһыылаах. Итэҕэспит диэн, иккиэн наһаа өр утуйарбытын, сынньанарбытын сөбүлүүбүт, дьиэҕэ өр сытан, утуйан да хаалбыт буолааччыбыт.
Дьоҥҥо сыһыаммыт майгынныыр. Холобур, мин оҕо саадыгар наар соҕотох сылдьар биир кыыһы талан оонньооччубун. Олоҕум устата эмиэ соҕотохсуйбут дьону көрүстэхпинэ, доҕор сылаас тыынын бэрсэргэ талаһар курдукпун. Володя ким эрэ кыһалҕалаах буоллаҕына, илиитин утары уунарын, ыксаабыт түгэннэригэр өрүһүйэ сүүрэрин хайгыы, астына көрөбүн.
Төрөппүттэрбит эмиэ маарыннаһаллар. Мин ийэм аҕабыттан биир сыл аҕа, Володя ийэтэ эмиэ. Мин Володяттан биир сыл улахаммын.
Иккиэн фантастиканы, холобур, “Марвел” биир да сиэрийэтин көрбөтөх эбиппит. Хайдах киинэни, ханнык бүлүүдэни сөбүлүүрбүт эмиэ биир, “Кола”, “Спрайт” курдук гаастаах утахтары сэҥээрбэппит, биирдэ эмит иһиэххэ сөп.
Өссө иккиэн биир түүллэри түһээбит буолааччыбыт. Ити курдук, сүүрбэччэ майгыннаһар өрүппүтүн булан аахпыппыт.
– Ийэ, аҕа буолуу туох иэйиилэри саҕарый?
– Иккиэн ийэ уонна аҕа буоламмыт, сыһыаммыт бөҕөргөөбүт, кытааппыт, эппиэтинэспит улааппыт курдук. Бэйэ-бэйэҕэ өссө ордук болҕомтолоох буоларга үөрэтэр.
Эдэр ыалларга судаарыстыба көмөтө баара үчүгэй. Төһө да туһана илик буолларбыт, «100 сыл оҕолоро» хапытаалы, Ийэ хапытаалын туһаныахпыт дии саныыбын.
* Ольга түүллээх эбит, оҕото уол буоларын түһээн көрбүт. Бастакы үс түүлгэ киниэхэ кэрэттэн кэрэ бастыҥаны, илин кэбиһэри бэлэхтииллэр, бэйэтэ суһуох симэҕин тала турар буолар, күндү түүлээх сон кэтэр. Онон кыыс буолуо дии саныыра.
Онтон кэлин түүл түһээбитэ: Чөркөөх былыргы өтөҕөр киирэн кэлбитигэр, биир модун көстүүлээх, наһаа үөрбүт харахтаах удаҕан дьахтар “Уол!” диэн кэбиспитэ уонна төрүөхтээх оҕо туһунан үгүс үтүө тыллары эппитэ. Сүрүннээн, оҕо эрдэҕиттэн тылга, кинигэҕэ сыһыар диэбит…
Айар үлэ алыба
– Эһиги биир айар эйгэҕэ үлэлииргит көмөлөһөр дуу?
– Биир эйгэҕэ үлэлиирбитин Володя сөбүлүүр аҕай, “иккиэн наар бииргэ сылдьабыт, тус-туспа үлэлиирбит эбитэ буоллар, миэхэ куһаҕан буолуо этэ” диэччи. Миэхэ эмиэ оннук.
Володяны наһаа үчүгэй артыыс дии саныыбын. Дьүһүннээх үтүөтэ, куолас мааныта. Оруолугар миигиннээҕэр күүскэ дьарыктанар, тылын начаас үөрэтэр. Кэнники кини үлэтигэр быдан ыалдьар буолбуппун. Тыйаатырга оонньуур хас оруолун ахсын мин долгуйуу бөҕө. Оруолга тэҥҥэ кыттыгастаах буоларбыттан, тугу эрэ сүбэлиирбиттэн астынабын аҕай, бэйэбин кыратык режиссер курдук сананан ылабын. Улахан бырайыактарга ыҥырыахтарын наһаа баҕарабын. Инникитин иккиэн астык бырайыакка уһуллуохпут диэн эрэнэбин.
“Биирдэ бэйэбиттэн ыйыппытым: “Туох сыаллаах сыанаҕа тахсыбыный?” Үчүгэйдик тобулан толкуйдаабытым, хоруйум маннык этэ: “Мин сыанаҕа тахсабын: түҥ былыргыттан өбүгэлэрбит хаалларбыт сүдү күүстэрин – олоҥхо курдук үрдүк ускуустубаны көрдөрөөрү, тойугу иһитиннэрээри, саха тыла симэлийбэккэ, өрүү чэчирии, сайда турарын, тыыннаах
буоларын, кэнэҕэски ыччат биһигини көрөн, култуурабытын, үгэстэрбитин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕата турарын иһин”.
– Испэктээк буолуон иннинэ ханнык эмит сиэри-туому толороҕун дуу?
– Сыанаҕа тахсаары сылдьар түгэн – миэхэ биир дьикти, алыптаах көмүс түгэн буолар. Грими бэйэм оҥосторбун астынабын, оруолбун бэйэм оҥорорум курдук, грими эмиэ бэйэм айан-тутан көрүөхпүн наада. Оҥостон, таҥнан-симэнэн баран, сыана ойоҕоһугар тиийэн, хайаан да бэйэм айбыт туоммун толоробун.
Бастаан урут кыратык турукка киирэн, “һуу!” диэн тыын таһааран баран, сыанаҕа ойон тахсан, астына-дуоһуйа, бэйэбиттэн тэптэн биэрэн оонньуур этим. Кэлин оннук сатаммат буолбута. Баттанан, куолаһым сабыллан, этим-сииним ыгыллан хаалара. Сыанаҕа тахсар миэхэ эрэй курдук буолан киирэн барбыта…
Тоҕо диэтэр, биирдэ бэйэбиттэн маннык ыйыппытым: “Туох сыаллаах сыанаҕа тахсабыный?” – диэн. Үчүгэйдик тобулан толкуйдаабытым уонна хоруйум маннык этэ: “Мин сыанаҕа тахсабын: биһиги түҥ былыргыттан өбүгэлэрбит хаалларбыт сүдү күүстэрин – олоҥхо курдук үрдүк ускуустубаны көрдөрөөрү, тойугу иһитиннэрээри, саха тыла симэлийбэккэ, өрүү чэчирии, сайда, тыыннаах буоларын, кэнэҕэски ыччат биһигини көрөн, култуурабытын, үгэстэрбитин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕата турарын иһин”.
Дьэ, итинник санаалаах сыанаҕа тахсарбар, олус улахан эппиэтинэстээх буолбута, “дьоҥҥо кыайан үчүгэйдик тиэрдиэм суоҕа, сатаабаппын, тойугум мөлтөх, атыттар курдук таһымнаахтык оонньообоппун” диэх курдук санаалар кэлэн баттаан барбыттара, сабыллан, кэхтэн эрэр курдугум. Ол кэннэ хайдах гынан сыанаҕа тахсан, уруккум курдук дуоһуйа оонньуубун диэн, араас ньымалары көрдөөбүтүм.
Медитациялаан, сыана муннуктарыгар алаадьы ууран, миэхэ көмөлөһөрү арааһы барытын көрдөөбүтүм. Онтон кэнники биир ньыманы булбутум уонна тойугум, оонньуурум, санаабар, тупсан барбыта. Тоҕо диэтэр, көрдөһөр буолбутум…
Сыана ойоҕоһугар тиийэн олорон эрэ иэйэн-куойан ис сүрэхпиттэн көрдөһөн, “Баһаалыста, тойукпутун, олоҥхобутун дьон биһирээтин, сэҥээрдин” диэн, өбүгэлэрбэр көрдөһүүбүн кынаттаан ыытабын. Ол чахчы миэхэ күүс биэрэр курдук буолааччы. Мин оонньообут оруолларбын барыларын таптыыбын…
Ольга Дорофеева Олоҥхо тыйаатырыгар оруоллара:
Туйаарыма Куо – «Туйаарыма Куо» П.А. Ойуунускай, режиссер П.А. Колесов (2018).
Хамначчыт кыыс – «Эллэй Боотур» Г.В. Баишев-Алтан Сарын, режиссер А. Борисов (2011).
Айталыын Куо – «Ала Булкун» В.Т. Захаров-Чээбий, режиссер Г. Менкяров (2018).
Сыралыма Куо – «Дьырыбына Дьырылыатта»
П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ, режиссер М. Корнилова (2016).
Тырым Тыргылла – «Эрбэхчэй Бэргэн» В. Исаков, режиссер Д. Тутаев (2012).
Кэкэ-Ооко – «Күн Эрили» Н.И. Степанов-Ноорой, режиссер М. Маркова (2015).
Эмээхсин – «Таптал Талыыта» («Муки любви»)
М. Андросова-Ионова, режиссер С. Борисова (2014).
Куорат кыыһа – “Ойуун түүлэ” («Сон Шамана»)
А.Е. Кулаковскай, режиссер А.С. Борисов (2020).
Норуот – “Үс күн” («Три святила») А. Кулаковскай,
П. Ойуунускай, А. Софронов, режиссер Р. Дорофеев (2019).
Хор – «Улуу Кудаҥса» П.А.Ойуунускай, режиссер А. Борисов (2018).
Кыһыл Буулуур соноҕос – «Улуу Даарын бухатыыр»
М.Т. Шараборин-Кумаров, режиссер М. Маркова (2021).
Аан Ахталыйа – «Улуу Даарын бухатыыр» М.Т. Шараборин-Кумаров, реж. М. Маркова (2021).
Саха тыйаатырыгар оруоллара:
Даллаҕар кыыс Кэтэриинэ – “Прости, отец, прости!”
В. Харысхал.
Сүөкүлэ – “Төлкө” Н. Якутскай.
Анна Пейдж – “Фальстаф” У. Шекспир.
Күөх Кэтэриинэ – “Манчаары” В. Никифоров-Күлүмнүүр.
Маны тэҥэ, “Экспедиция. Умнуллубат кэмнэр…” (режиссер
Г. Менкяров), «Якутск, я люблю тебя» (режиссердар А. Амбросьев, Р. Дорофеев, М. Лукачевскай, С. Потапов), “Бэйбэрикээн эмээхсин” (режиссер К. Тимофеев) киинэлэргэ, «Дьол тааһа» (режиссер М. Платонова) сэрийээлгэ уһуллубута.
Түмүккэ
Дьэ чахчы, бу эдэр артыыстары иннилэригэр төһөлөөх оонньоно илик оруоллара, дьоллоох көмүс түгэннэрэ, саҥа арыйыылара, аан дойду арыллыбатах аартыктара күүтэллэрэ буолуой? Онуоха кинилэргэ барыта баар ээ – эдэрдэрэ, кырасыабайдара, талааннаахтара, сиэрдээх үтүө майгылаахтара, сүрэхтэригэр тапталлаахтара, өйөбүл буолар дьонноохторо, таптыыр идэлээхтэрэ, үрдүккэ тардыһар ыралаахтара…
Алаһа дьиэҕит элбэх оҕо саҥатынан чугдаардын, чугас доҕор, аймах дьонунан туоллун, уйгу-быйаҥ олохтонуҥ, ураты уобарастарынан, саҥа булумньугутунан, айар үлэҕитинэн саха дьонун үөрдэ, маанылыы туруҥ диэн алгыыбыт!
Ааптар: Ангелина Васильева, «Саха сирэ»
20.01.2024, 11:15
Хаартыскалар О.Дорофеева тус архыыбыттан.