Олоҥхо өлбөт-сүппэт үйэлэнэригэр дьоһун үлэни ыытыспыта
Олоҥхо театрын бар дьоно Б. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, РФ педагогическай уонна социальнай наукаларын академиятын чилиэнэ, тыл билимин хандьыдаата, Уус Алдан улууһун Ытык киһитэ Агафья Еремеевна Захарова бу дьыл балаҕан ыйын 16 күнүгэр биһиги кэккэбититтэн букатыннаахтык барбытынан чугас дьонугар, аймахтарыгар, дьиэ кэргэнигэр дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
А.Е. Захарова өрөспүүбүлүкэ билимин уонна култууратын эйгэтигэр биир сэдэх диэйэтэллэриттэн биирдэстэрэ буоларын кини араас өрүттээх чинчийбит үлэлэрэ Саха сирин, Арассыыйа эрэ түһүлгэтигэр буолбакка, бүтүн аан дойду таһымнаах бырайыактарга тиийэ ситиһиилээхтик олоххо киирбиттэрэ туоһулуур.
Агафья Еремеевна университекка үлэлиир сылларыгар СГУ иһинэн үлэлиир Проблемнай лабораторияҕа улахан научнай-методическай үлэни иилээн-саҕалаан ыыппыта. Ол курдук үрдүкү үөрэх кыһатыгар национальнай үөрэх тиһигин концепциятын төрүттэспитэ. Ол түмүгэр, СГУ иһинэн Педагогическай институт итиэннэ Ускуустуба уонна култуура Арктикатааҕы судаарыстыбаннай института тэриллибиттэрэ.
А.Е. Захарова олоҥхо өлбөт-сүппэт үйэлэнэригэр дьоһун үлэни ыытыспыт дьоннортон биир бастыҥнара буолар. Ол курдук Олоҥхо киинин научнай салайааччытынан үлэлиир кэмигэр биир идэлээхтэрин кытта ордук биһирэммит уонна биллибит аан дойдутааҕы бырайыактарынан олоҥхону ЮНЕСКО испииһэгэр киллэрэри туруулаһан ситиһиилэрэ этэ.
Агафья Еремеевна көҕүлээһининэн Арассыыйаҕа аан бастаан СӨ төрүт норуоттарын эпическэй нэһилиэстибэлэрин харыстыыр, араҥаччылыыр сокуон ылыллыбыта.
1991 сыллаахха А.Г. Лукинаны кытта Үҥкүү национальнай театрын концепциятын бэлэмнээбиттэрэ, Арктика институтугар хотугу олохтоох омуктар үҥкүүлэрин сөргүтэр, сайыннарар, тарҕатар соруктаах “Аар Аартык” этнофольклорнай ансамбль тэрийбиттэрэ.
А.Е. Захарова Олоҥхо театрын төрүттэспит, концепциятын суруйсубут дьоннортон биирдэстэрэ буоларынан күөн туттабыт.
Агафья Еремеевна учуонай быһыытынан, үгүс өрүттээх, элбэх хайысхалаах үлэтинэн аан дойду таһымыгар тахсар суолу кыайа-хото тобулара. Ол курдук Саха сиригэр, Соҕуруу Кореяҕа, Германияҕа историяҕа, этнокултуураҕа сыһыаннаах аан дойду таһымнаах симпозиумнар ыытыллалларыгар төһүү күүс буолбута.
А.Е. Захарова Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ЮНЕСКО дьыалаларыгар национальнай кэмитиэт бюротугар, СӨ Олоҥхо 10 сыллаах үлэтин бэлэмнээн ыытыыга СӨ национальнай тэрийэр кэмитиэтигэр биир тутаах киһинэн, Өрөспүүбүлкэтээҕи Олоҥхо киинин салайааччытынан, «Вестник АГИИК» сурунаал редколлегиятын чилиэнинэн, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун итиэннэ Ускуустуба уонна култуура Арктикатааҕы судаарыстыбаннай институтун Учуонай сэбиэттэрин чилиэнинэн үрдүк таһымнаахтык, чахчы ирдэбиллээхтик үлэлээн кэлбитэ.
Агафья Еремеевна 60 тахса научнай үлэлэрдээх. Кини научнай үлэлэрэ кэриэй, дьоппуон, поляк, английскай, турок, ньиэмэс тылларыгар тылбаастаммыттара. Уһун кэмҥэ үлэлээбит фундаментальнай монографията «Архаическая ритуально-обрядовая символика народа саха (по материалам олонхо)». Кэлин В.Л. Серошевскай “Якуты” үлэтин 2 томун хомуйан бэчээттэппитэ. “Якутский героический эпос олонхо: сохранение, изучение и развитие” хомуурунньукка дьоһун монографическай үлэтэ тахсыбыта. А.А. Ермолаевы кытта “Олоҥхо: төрүт нэһилиэстибэ үөрэҕэ” кинигэни суруйбута. Быйыл “По зову земли Олонхо” кинигэтэ тахсыахтаах. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри Олоҥхо энциклопедиятын бэлэмнээһиҥҥэ ис сүрэҕиттэн өрө көтөҕүллэн туран көмөлөһө сылдьыбыта.
Киэҥ билиилээх-көрүүлээх ученай, күндү киһибит Агафья Еремеевна олоҥхо туһугар турууласпыт уһулуччулаах сыратын, кэнчээри ыччакка туһуланар үгүс өрүттээх дьоһун үлэтин, үөрэппит-такайбыт, билиини иҥэрбит үтүөтүн үйэлэр тухары махталынан эрэ ахтыахпыт!
Кини билим эйгэтигэр суруйан хаалларбыт үлэлэрэ, дириҥ ис хоһоонноох этиилэрэ, олоҥхо туһугар үлэлээн кэлбит үлэтэ-хамнаһа алтыспыт дьонугар, эдэрдэргэ эркээйи буолан салҕанан бара туруо!
Ытыктабыллаах Агафья Еремеевна, уһун уугар сымнаҕастык утуй! Быдан дьылларга быраһаай!
Олоҥхо театрын бар дьоно. 16.09.2024 с.