ЮНЕСКО 90 сылынан олоҥхобутун усталлар
Аан дойду норуоттарын олохторун-дьаһахтарын, култуураларын, үөрэхтээһинин, наукатын харыстыыр, үйэтитэр ЮНЕСКО норуоттар икки ардыларынааҕы холбоһуктаах тэрилтэ дойдутааҕы салаатын үлэһиттэрэ, ЮНЕСКО холбоһук 90 сылыгар анаан, үйэлээх көмүс пуондаҕа киирэр документальнай киинэлэри Россия регионнарын кэрийэн устан саҕалаабыттар.
Бу күннэргэ»Культура» ханаал уста сылдьар. Бэҕэһээ Мэңэ Хаңалас улууһун Гавриил Колесов албан аатын сүгэр Олоңхо дьиэтигэр тахсан үлэлээтилэр. Манна Олоҥхо Ассоциацията түмсүү бэрэсидьиэнэ Февронья Васильевна Шишигина, Мэңэ Хаңалас улууһун Олоңхо түмсүүтүттэн Евдокия Самсоновна Баишева үлэни сүрүннээн кытыннылар.
Ону таһынан, улуус олоҥхону толорооччулара, оскуола үөрэнээччилэрэ, иистэнньэҥнэр түмсүүлэрэ үйэтитии үлэтин киэргэттилэр.
Ону таһынан, Дьокуускайга Олоҥхо тыйаатырын артыыстара «Улуу Кудаҥса» испэктээктэн быһа тардыылары көрдөрбүттэрэ. Киинэни устар хамаанда сэтинньи ыйга Сахабыт сиригэр Олоҥхо бэлиэ күнүгэр бэлэх уунан таңан, бэлэмнээн таһаарыахпыт диэн иһитиннэрдилэр.