«Дьэс солуур түгэҕин тиэрэ баттаабыт курдук…»
Сахалартан бастакынан Нуучча географическай уопсастыбатын кыра кыһыл көмүс мэтээлинэн наҕараадаламмыт уустук уонна ураты дьылҕалаах, дэгиттэр дьоҕурдаах саха чулуу дьахтара Мария Николаевна Петрова киэҥник биллибит араспаанньата Андросова-Ионова.
Урукку Байаҕантай уонна Боотуруускай улуустарын кирбиилэригэр, Таатта үрэх хочотун Таастаах диэн түөлбэтигэр, билиҥҥинэн Таатта улууһун Дьохсоҕон нэһилиэгин Даккы учаастагын сиригэр төрөөбүт кыыс эрдэҕинээҕи аатынан Маайака, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллибитинэн Бөҕө Маарыйа, тус дьулуурунан уонна дьоҕурунан ааҕарга-суруйарга үөрэнэн олоҕун тиһэх сылларыгар наука үлэһитэ буолбут фольклорист, этнограф, саха тылын, былыргытын сэдэх билээччи, олоҥхоһут, норуот ырыаһыта, сахалыы тыйаатыр биир бастакы артыыската, айанньыт олоҕун түһүүлээх-тахсыылаах уһун суола Өймөкөөнүнэн, Дьокуускайынан, Бүлүү өрүс сүнньүнэн эргийэн, Киев, Ленинград, Москва курдук бөдөҥ куораттарынан таарыйан, Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар күннээх Ташкеҥҥа түмүктэммитэ. Олоҥхоһут уонна норуот ырыаһытын быһыытынан айымньылара өссө өрөбөлүүссүйэ инниттэн бэчээттэммиттэрэ, чинчийээччи, публицист быһыытынан үлэлэрэ 1920–1930 сылларга тахсыталаабыттара.
Кини үс төгүл кэргэн тахса сылдьыбыта, онтон биэстэ оҕоломмутуттан бастакы уола олох кыратыгар, икки уола Вячеслав уонна Виктор саҥа атахтарыгар туран иһэн күн сириттэн күрэммиттэрэ, улахан кыыһа Людмила – Соловки оһуобай лааҕырын хаайыылааҕа, 1930-с сылларга ытыллыбыт. Арай оһоҕос түгэҕинээҕи кыра кыыһа Ольга Всеволодовна Ионова историческай наука кандидата, учуонай буолбута, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан талылла сылдьыбыта. Мария Николаевна саха интеллигенциятын бас-көс дьоно В.В. Никифоров-Күлүмнүүрү, А.Е. Кулаковскай–Өксөкүлээҕи, Н.Е. Афанасьевы, С.А. Новгородовы, Саха сирин уонна саха тылын чинчийээччилэр Э.К. Пекарскайы, И.И. Майновы, В.М. Ионовы, В.Н. Васильевы, Г.У. Эргиһи кытта бииргэ үлэлэспит, кинилэргэ көмөлөспүт үлэтэ-сырата уопсастыбаннай уонна научнай өттүнэн өссө ситэри сыаналана илик.
Мария Андросова-Ионова сырдык аатын билигин кини духуобунай нэһилиэстибэтэ уонна икки кыыһын хаан удьуордара ааттаталлар. Ааҕааччыга кини «Саха норуотун айымньыта» диэн 1942 сыллаахха Г.М. Васильев, Х.И. Константинов, В.Н. Чемезов редакциялаабыт хомуурунньуктарыгар киирбит «Аан дойду айыллыбыт ырыата» уонна 1923 сыллаахха бэчээттэммит «Ааҕар кинигэҕэ» тахсыбыт «Аан дойду айыллыбыт ырыата» уонна «Дьыл кэлиитин ырыата» айымньыларын билиһиннэрэбит.
«Чолбон» сурунаал редакцията
ААН ДОЙДУ АЙЫЛЛЫБЫТ ЫРЫАТА
Аҕыс иилээх саҕалаах,
Атааннаах мөгүөннээх,
Айгыр силик аан ийэ дойдукабыт
Хайдах айыллыбыта эбитэй диэн
Ахтан-санаан көрдөххө:
Хоту, соҕуруу улаҕалара –
Долгуйбат тоҥ муустардаах
Улуу байҕалларынан
Тулаламмыт эбит,
Онтон буоллаҕына,
Илин-арҕаа киэҥ эйгэлэрин
Эргитэ санаталаан көрдөххө:
Эргичийэ устуталыы турар
Киэҥ иҥэрэ далай байҕалларынан
Эккиннэтэлэммит эбит.
Сытар таас хайаларынан сындыыстаталаммыт,
Кирбии таас хайаларынан сиксиктэтэлэммит,
Дэриэспэ таас хайаларынан тэллэхтэтэлэммит,
Сымара таас хайаларынан сыттыктаталаммыт,
Үрдүк таас хайаларынан өйүөбүллэтэлэммит,
Тиксиһии таас хайаларынан тирээбиллэтэлэммит,
Очуос таас хайаларынан ойоҕостотоломмут,
Дьапталҕа таас хайаларынан дьайыҥнаталаммыт,
Күкүр таас хайаларынан күлүктэтэлэммит,
Суураллаҕас соһо хайаларынан солооһуннаталаммыт,
Булдьурхай буор хайаларынан булуҥнаталаммыт;
Улуу томороон мастардаах
Догдоон хара тыаларынан тумуллаталаммыт,
Кэтит сис хара тыаларынан кирбиилэтэлэммит,
Киэҥ кэҥкир хара тыаларынан кэтэхтэтэлэммит,
Кыра мастардаах кыҥырай тыаларынан ыллыктаталаммыт.
Ити кэнниттэн өйдөөн көрдөххө:
Үлүскэннэрдээх сүүрүктэрдээх
Улуу үрэхтэринэн сүрүннэтэлэммит,
Дьалысханнардаах сүүрүктэрдээх
Дьаргыл таас үрэхтэринэн дьарҕаалаталаммыт,
Көмүлгэннэрдээх сүүрүктэрдээх
Чөҥөрө чүөмпэ үрэхтэр көҥүл дьөлөрүспүттэр.
Үлүскэннэрдээх сүүрүктэрдээх
Үрүйэ үрэхтэр үмүөрүһэн түһүтэлээбиттэр.
Унаар күөх оттордоох
Улуу хочолор хотолдьуспуттар,
Аҥаарыйар алтан оттордоох
Киэҥ алаастар аҥаат-муҥаат барыталаабыттар,
Улаҕаларын уссуна көстүбэт
Улахан улуу күөллэр олохсуйталаабыттар,
Кэтитин кэмэ биллибэт
Кэмэ суох элбэх күөллэр дэбилиспиттэр,
Төгүрүмтэлэрин түбэ биллибэт
Үгүс көлүйэ күөллэр күөгэлдьиспиттэр.
Итилэр кэннилэриттэн эйгэлэрин
Эргитэ санаталаан көрдөххө:
Кырааскалардаах атахтардаах,
Кылдьыылардаах харахтардаах,
Кырыылардаах тумустардаах,
Кылбары маҥан түүлэрдээх,
Кыҥкынастай саҥалардаах,
Кынтаҕаркаан бэйэлэрдээх
Кыталыктай кыыллар
Кырыйыта көтүтэлээн
Кытыыларын булумуна түһүтэлээбэтэх
Кылбары күөх кырдаллардаах
Киэҥ сыһыылар тэниспиттэр.
Дьороҕоркоон сотолордоох,
Нуоҕайдардаах кутуруктардаах,
Уһун сойуо тумустардаах,
Туруорукаан бэйэлэрдээх
Туруйакаан кыыллар
Тула көтөннөр
Туораларын булуталаамына түһүтэлээбэтэх
Торҕо күөх томтордордоох
Улуу толооттор
Утум-ситим унаарыспыттар.
Олор тулаларынан
Одуулаталаан көрдөххө:
Тураҕастай атыыр сылгы сиэлин, кутуругун
Туруорута туппут курдук
Догдоон хара тыаларынан
Дурдалаталаммыт эбиттэр.
Сиэр сылгы сиэлин, кутуругун
Силэйэ баттаталаабыт курдук
Сиэрэй хара тыалар
Симсиһэ үүнүтэлээбиттэр.
Киргиллэрдээх киис кыыллар кутуруктарын
Кэккэлэтэ тутуталаабыт курдук
Кэтит кэҥкил хара тыалар
Кэрийэ үүнэтэлээннэр кирбиилэтэлээбиттэр.
Араҕастай атыыр сылгы
Ардайдаах сиэлин, кутуругун
Арыйыта баттаталаабыт курдук
Айдаар хара тыаларынан арааттаталаммыт эбит.
Ньалҕархай өҥнөрдөөх,
Намылдьыгас будьурхай мутуктардаах,
Саһархай тэлибирэстэй сэбирдэхтэрдээх,
Хатыр маҥан туостардаах
Чаллах хатыҥнарынан
Чараҥнаталааннар киэргэтэлиир эбиттэр.
Ити сирдэр дойдулара
Бэрдьигэс мастардаах
Быар хайаларынан билиилэммиттэр.
Өрүүтүн көҕөрө турар
Көп күөх мутукчалардаах,
Таҥнары намылыйан үүнүтэлиир лабаалардаах,
Хатырхай хатырыктардаах
Харыйа мастарынан хадьааһыннаталаммыттар.
Онтон уларытан
Өйдөөн, дьүүллээн көрдөххө:
Үргүүк үрүҥ сүүрүктэр
Үрэх-үрэх устун
Үөрдүһэн үтүрүһэн үөскэтэлээбиттэр.
Хаҥыл хара сүүрүктэр
Дайды-дайды аайы
Ханыылаһан, хабырыһан иитиллитэлээбиттэр.
Адаархай муостардаах,
Көп мөлбөкөй түүлэрдээх,
Уһун сулугур уҥуохтардаах
Улуу кыыллар
Тайҕа-тайҕа аайы
Тарҕанан көҥүл үөскэтэлээбиттэр.
Ардайдаах аһыылардаах
Адьырҕа кыыллар
Халыҥ хара тыаларга
Ханыылаһан хаҥыл барыталаабыттар.
Күөх кылааннардаах
Көп күндү түүлэрдээх
Үтүө кыыллар
Үрэх-үрэх бастарыгар
Үөрдүһэн көҥүл үөскэтэлээбиттэр.
Итилэртэн эргитэ санаталаан көрдөххө:
Киэҥ байҕалларга
Кэтит иэннэрдээх,
Уһун үлүгэр уҥуохтардаах,
Модун моонньордоох,
Күдэн күүстэрдээх,
Адьырҕа тиистэрдээх,
Амырыыннаах дьүһүннэрдээх
Сүрдээх сүдүрүүн кыыллар, балыктар
Көҥүл үөскэтэлээн, төрөтөлөөн,
Үөрдүһүтэлээн, үмүөрүһүтэлээн,
Олохсуйталаан устуталыыллар эбиттэр.
Онтон уларытан
Одуулаан көрдөххө:
Үксүн дьүүлэ-түбэ биллибэт
Үгүс үлүскэннэрдээх үрэхтэригэр,
Элбэҕин кэмэ ахсаана биллитэлээбэтэх
Элбэх эҥин-эҥин күөллэригэр
Суон сүргүөхтэрдээх,
Халыҥ хайыылардаах,
Хабырыттаҕас хатырыктардаах,
Кэтит тэрэгэр кутуруктардаах,
Күөх өҥнөрдөөх
Күтүр улахан балыктар
Көҥүл үөскэтэлээн, устуталаан мөлбөрүспүттэр.
Ахса аата биллибэт элбэх
Кылбалдьыгас өҥнөрдөөх
Кыра балыктар
Көҥүл ыататалаан, ыамнаталаан,
Иитиллитэлээн дэлэччи дэбилийбиттэр.
Итилэр кэннилэриттэн
Эргитэ көрдөххө:
Ириэнэхтиир байҕаллар эҥээрдэриттэн
Эҥин эриэн түүлээхтэр эгэлгэлээхтэрэ
Эргийэ көтөн кэлэннэр,
Хотугу муустаах байҕал
Киэҥ киэбин дэбис-дэхси
Тохтотолоон, сымыыттаталаан
Саарыталаан, салгылаталаан
Көҥүллэринэн үөскэтэлээн,
Көтүтэлээн төннүтэлиир эбиттэр.
Онтон буоллаҕына,
Артыаллаһан үөскүүр
Аймах билэ дьоннор
Хайдах үөскээн испиттэрэй диэн
Өйдөөн-санаан көрдөххө:
Төрөтөлөөн, үөскэтэлээн,
Төлөһүйтэлээн төннүтэлиир
Төгүл бараан дьоннордоох эбиппит.
Кэнчээрилээн, кэлитэлээн,
Киэбирэн, сититэлээн кэхтитэлиир
Кэриэн билэ дьоннордоох эбиппит.
Ситигирдик айыллыбыт
Бу отто аан ийэ дойдукабыт
Кэтит киэбигэр,
Киэҥ эйгэтигэр
Хара тыалар кыыллардыын,
Күөх далай балыктардыын,
Үрүҥ хара сүүрүктэрдиин,
Көтөр кынаттаах кыыллардыын –
Бука барылара
Бу биһиги
Боҕулдьуйар сүһүөхтэрдээх,
Эргичийэр иэччэхтэрдээх,
Хоҥкуйар хоолдьуктардаах,
Босхо бастардаах
Барыйар бар дьоннор
Иитиллэрбит кэскилигэр,
Туһанарбыт туһугар,
Олохсуйарбыт оҥоруутугар
Ситигирдик тэриллибит эбиттэр.
Итилэр үрүт өттүлэрин
Өйдөөн көрдөххө:
Күлүгэ көстүбэт
Күөх халлаанынан
Үрүттэниллибит эбиттэр.
Ол алын кырыытын
Адыылаан көрдөххө:
Күндү күөл саҕа буолан
Күлүбүрдээн, күөрэйэн көстөр,
Төгүрүйэ кэлэн сүтэр,
Үс өргөстөөх
Үрүҥ маҕан күннээх эбиппит.
Сэттэ муҥха бааччытын
Тиэрэ бырахпыт курдук
Эриэн түүн ийэкэбит
Иэнигийэн тахсан,
Хараҥардар хараҥарар түүннээх эбиппит.
Түүнүгэр буоллаҕына,
Дьэс солуур түгэҕин
Тиэрэ баттаабыт курдук
Тэтэрэ ойон тахсар
Тэргэн ыйынан сырдатыллар эбиппит.
Бу балары барытын
Өйдөөн-санаан көрдөххө:
Бу айыллыбыт аан ийэ дайдыкабыт
Уларыйбат уйгу быйаҥынан оҥоһуллубут,
Кэлбэрийбэт кэтит кэскилинэн тэриллибит,
Аралдьыйбат араҕас илгэнэн айыллыбыт эбит
Ситигирдик айыллаталаан испит
Аҕыс иилээх-саҕалаах,
Атааннаах мөгүөннээх
Айгыр силик аан ийэ дайдыкабыт
Иэҕэлдьийбэтин диэн
Сэттэ сиринэн биттэхтэммит,
Тулхатыйбатын диэн
Тоҕус сиринэн туорайдаммыт,
Өҕүллүбэтин диэн
Үс киит балыгынан
Өһүөлэнэн туругурбут эбит.
Ситигирдик ким хайа
Ситэрэн киспэлээн тэрийбитэй,
Сол курдук туохтан
Тутулуктанан туругурбутай
Бу аҕыс иилээх саҕалаах
Айгыр силик
Аан ийэ дайдыкабыт диэн
Ахтан-санаан көрдөххө:
Бу күлүгэ көстүбэт
Күндүл күөх халлаан
Үрүт өттүгэр,
Үс хаттыгастаах
Өндүл маҕан халлаан
Үрүт өттүгэр
Үүт күөл үктэллээх,
Үкэр куйаас тыыннаах
Аҕыс салаалаах
Ача күөх от далбардаах,
Үүт-аас бэйэлээх
Үрүҥ айыы тойон аҕатайбыт
Аҕыс ахтар айыытын кытта
Артыаллаһан сылдьан,
Тоҕус сөҥнөр дьөһөгөйдөрүн кытта
Дьүөрэлэһэн олорон,
Дьылҕа хаанныын дьылҕалааннар,
Одун биистиин оҥоруулааннар,
Түмэн биистиин төлкөлөөннөр,
Чыҥыс хаанныын дьылҕалааннар,
Сыта-тура сыаналааннар,
Олоро-тура дуумайдааннар,
Кэскиллээх кэс тылларын кэпсэтэлээннэр,
Дьоһуннаах олох тылларын олохтотолооннор,
«Уостан симэлийэр уулардаах,
Охтон баранар мастардаах,
Ойон тахсар күндэл маҕан күннэрдээх,
Саһаран көстөр сандалы маҕан ыйдаах
Отто тойон бараан дайдым
Олохтонуох тустаах», – дэһэн
Олохтуурга оҥоруу оҥорон,
Уруйдаспыттара үһү диэн
Урукку үйэлэргэ олохсуйбут
Удьуордарбыт номохтоноллор эбит.
Сол курдук
Үөһээ Үрүҥ айыы тойон
Оҥоруутунан олохтоммут эбит:
Бу аҕыс иилээх-саҕалаах
Атааннаах мөгүөннээх
Айгыр силик
Аан ийэ дайдыкабыт, доҕоттоор!
ДЬЫЛ КЭЛИИТИН ЫРЫАТА
Тохсунньу ый тоҕус эргэтигэр,
Уубуттан уһуктаммын,
Ороммуттан тураммын,
Таһырдьалыыр тахсаммын,
Көмүс тиэрбэс саҕа
Күөл уу көрөрбүнэн
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Толомон туруу бараан дойдум
Урсунун одуулаан көрдөхпүнэ, –
Тоҕус үөрдээх тураҕастай атыыр сылгы
Кутуругун туруору туппут курдук,
Догдоҥ хара тыа ортотугар
Көтөр кынаттаах тойоно буолбут
Хотой хомпоруун, хара дьаҕыл
Чаачыгырыыр таас таҥалай,
Чуучугуруур туус тумус,
Бүлгүннээх киэнэ бөҕөтө,
Табыталлаах киэнэ талыылааҕа,
Хотоҕойдоох киэнэ хорсуннааҕа,
Кус хоро сириттэн туран,
Тобураҕы сыһыарбат
Добун маҥан халлааны аннынан
Сурулаччы тайбаан,
Көхсө күнү бүөлээн,
Санна халлааны хаххалаан,
Тиийэн кэлэн,
Бу догдоон хара тыа ортотугар
Тоҕус мас төбөтүн дьөрбөлүү тардан ылан,
Уон дьааҥы хотуурун курдук
Хардастыгас тыҥыраҕынан
Хатана түһэн баран,
Тоҕус иилээх-саҕалаах
Толомон туруу бараан дойдуну улаҕатынан
Кыһыл чааскы саҕа уоттаах хараҕынан
Урбачыччы көрөн баран,
Кырыылаах дьэҥкир таас тумсун
Түүлээх ньилбэгэр
Үс төгүл туора сотуннаҕына,
Уор дьыбар аҥаар муоһа тостор,
Хатан дьыбар халбарыйар,
Күүстээх дьыбар күлгэдийэр,
Ахсым дьыбар ахсыыр,
Бастыҥ дьыбар манньыйар.
Оол кэлин өттүттэн
Олунньу ый уон саҥатыгар
Ой хара тыа ортотугар
Уон былас от түгэҕин саҕа
Хаардаах уйатыгар тиийэн,
Икки тэллэҥэс туос саҕа
Нэлим көмүс кынатынан
Үс төгүл тэбиэн баран,
Үрдүгэр тоһоҕос от саҕа буолан,
Ноҥнос кына олоро түһэн баран,
Үс төгүл чоҥкуначчы туойдаҕына –
Догдоҥ хара тыа тобураҕа тооронор,
Көмнөҕө күлгэдийэр.
Аан дойду диэкки
Аҥаарыччы көрөн баран,
Алта төгүл чаҥырҕаччы саҥардаҕына, –
Аан туман арахсар,
Күдэн туман көтөҕүллэр,
Саарба кыыл саннын түүтүн
Арыйа баттаабыт курдук
Адаар хара тыа алын кырыытыттан
Аламай маҥан күн
Алта былас от түгэҕин саҕа буолан,
Аҥаарыйа ойон тахсар буолла.
Оол кэлин өттүттэн өйдүөн дьүүллээн көрдөххө
Кубулҕаттаах кулун тутар ыйым
Уон саҥатыгар тиийэн кэллэхпинэ –
Тус соҕуруу диэкиттэн
Күтүр күүстээх көй салгын тыал тыалырбыт –
Көмүрүө хаарбын күлгэдиппит
Күтүр тымныы күүһүн алдьаппыт.
Уор тымныы уоҕун уҕарыппыт,
Ааттаах тымныы аҥаар муоһун тоһуппут,
Дохсун тымныы уу дьулайын тобулбут,
Тус соҕуруу дойдуттан
Туллук кыылым туруу сириттэн
Сурулаччы көтөн кэллэ.
Кытай бараан сириттэн
Кырбас эт кыйаарынан кыттыһан,
Кыраһа хаарынан кынаттанан,
Сытыы тыалынан атахтанан,
Сыыр чыычааҕа ааттанан
Сырылаччы көтөн кэллэ, –
Сыа хаарым сымнаата,
Күрдьүк хаарым күлгэдийдэ,
Эргэнэ хара тыам тиитэ иэччэхтээтэ,
Халдьаайы сирим харалдьыта таҕыста,
Үрүйэ сирим дулҕата көһүннэ,
Үрүҥ сүүрүктэрим үлтү хаамсан,
Үрэх-үрэх баһыттан
Үөрдэрин булсуһар буолан бардылар,
Хара сүүрүктэрим хампы хаамсан,
Хамчааккы дайҕа баһыттан
Ханыыларын булсуһар буолан бардылар.
Тус илин диэкки көрдөххө –
Эттээх ат кутуругун
Экчи быһа баттаабыт курдук
Эргэнэ хара тыам кэтэх өттүттэн
Аламай маҥан күнүм,
Сэттэ былас от түгэҕин саҕа буолан,
Тэмтэйэ ойон тахсар буолла;
Аан күдэн араҕыста;
Тэгэл тымныы тэйдэ;
Уор дьыбар уларыйда;
Хатан дьыбар халбарыйда,
Оол кэлин өттүттэн
Аҕыс иилээх-саҕалаах
Аан ийэ дойдум эйгэтин диэкки
Аҥаарыччы көрөн турдахха, –
Аламай маҥан күннэригим
Алаарыччы ойуутун диэккиттэн
Итии сиккирэстэй тыал тыалыран кэлбит эбит.
Бу хайа кэм эбитэй диэн өйдүөн көрдөхпүнэ –
Уулан устар будулҕаннаах
Муус устар эбэккэйим эбит!
Уон ордуга биэс саҥатыгар
Тиийэн кэлэн өйдүөтэххэ, –
Көтөр кынаттаах кыыл
Көйгөтө буолбут
Тураах диэн көтөрүм
Сурулаччы тайбаан кэлбит,
Күрдьүк хаарым көтөҕүллүбүт,
Сойуо хаарым солбонуйбут,
Кур муус күлгэдийбит,
Үрүйэ уута үөрдүспүт,
Силис уута сиэттиспит,
Дайҕа уута тардыспыт,
Үрэх уута үмүөрүспүт,
Байҕал уута барыласпыт,
Муора уута булкуспут,
Тоҥмут ирбит.
Отут уорҕалаах модун дьыл уларыйбыт.
Эргэ дьыл эстибит, –
Саҥа дьыл салаллыбыт эбит доҕоттоор!