Булгуруйбат бигэ санаа диэн киниэхэ баара - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Булгуруйбат бигэ санаа диэн киниэхэ баара

Булгуруйбат бигэ санаа диэн киниэхэ баара

Агафья Еремеевна Захаровалыын дьылҕам оруобуна 40 сыл анараа өттүгэр көрүһүннэрбитэ. Кини — оскуоланы саҥа бүтэрбит, муммут-тэммит эдэркээн кыысчаан, уйаара-кэйээрэ биллибэт олох киэҥ суолун төрдүн буларбар, айа-тута, үлэлии-хамсыы сылдьар идэбин таба тайанан үөрэнэрбэр, тирэх буолбут дьонтон биирдэстэрэ этэ.

«Этэ» диэн суруйарга дууһаҕа нааһа да ыарахан, курус… Дьиҥэ, бу суруйуум олунньуга учууталым 80 сааһын туолар үбүлүөйүгэр тахсыахтааҕа. Хомойуох иһин, олох кытаанах сокуонунан ити суруйуум ахтыы буолан, кэмин иннинэ бэчээттэнэр буолла.

Балаҕан ыйын 16 күнүгэр ытыктыыр киһибит, учууталбыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Былатыан Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, учуонай, уопсастыбаннай деятель Агафья Еремеевна Захарова күн сириттэн букатыннаахтык суох буолбута. Кини олоҥхобут Холбоһуктаах Нациялар үөрэххэ, наукаҕа уонна культураҕа тэрилтэлэрин (ЮНЕСКО) быһаарыытынан, киһи аймах культураҕа нэһилиэстибэтин шедевринэн буолуутугар, Арктика института тэриллиитигэр үгүс кылаатын киллэрсибитин ахтары наадалааҕынан ааҕабын.

Булгуруйбат, халбаҥнаабат бигэ санаалаах диэн кинини ааттыахха сөптөөх. Бу киһи быһыытынан биир эмэ чулуу киһиэхэ тиксэр үтүө хаачыстыба биһиги учууталбытыгар баара.

Чаҕылхай билиититтэн сөхпүтэ

Киһи араадьыйаны истэн, күөх экраны көрөн, кинигэттэн курдук билиини-көрүүнү бэйэтигэр иҥэриммэт. Кинигэ киһи өйүн-санаатын сайыннарар дьикти күүстээх. Агафья Еремеевна оскуолаҕа үөрэнэ киириэн иннинэ ааҕарга үөрэммитэ. Оччолорго ити — сэдэх көстүү буолара. Убайын кытта сиэттиһэн кырачаан кыысчаан библиотекаҕа тиийбитэ. Библиотекарь ойуутун көрдүн диэн «Сказка о золотом петушке» остуоруйа кинигэтин биэрбитэ. Кыысчаан көрүөх икки ардыгар миэстэтиттэн харыс да сири сыҕарыйбакка эрэ, ааҕан кэбиспитэ уонна атын кинигэни көрдөөбүтэ. Библиотека үлэһитэ соһуйан эрэ хаалбыта.

Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан сахалыы уонна нууччалыы кинигэни олус элбэҕи аахпыта. Ийэтэ, аҕата сорох ардыгар бопсон көрөллөрө. Убайа нуучча тылын учууталын кэргэн ылбыта. Киниэхэ олус баай библиотекалааҕа. Агаша кыыс ити кинигэлэри утаппыттыы, ааҕыталаан кэбиспитэ. Оскуоланы бүтэрэригэр нуучча классикатын барытын аахпыта. Ленинградка үөрэнэ тиийэн баран, экзамеҥҥа нуучча классическай литературатын преподавателигэр Пушкин «Евгений Онегинын» хас да түһүмэҕин өйүттэн ааҕан биэрбитэ. Учуутала ыраах Саха сириттэн сылдьар кыысчаан чаҕылхай билиититтэн сөхпүтэ эрэ. Нуучча тылыгар уһулуччу үчүгэй билиилээҕэ. Оскуолаҕа Алексеенко Анна Степановна диэн Великие Луки куораттан сылдьар нуучча кыыһа үөрэппитэ. Кини тыа кыысчааныгар бу улуу тылга тапталы иҥэрбитэ. Агафья култуура институтугар үөрэнэ сылдьан литературнай куруһуокка дьарыктаммыта.
Тыа кыысчаана науканан дьарыктанарыгар, кинигэ ыйар суолдьут сулуһунан буолбута чуолкай.

Хорсун санаа кыайыылааҕынан тахсыбыта

«Оскуола — производство — үрдүк үөрэх» бачыым үгүс тыа сирин ыччатын үөрэхтэн матарбыт бачыым буоларын мэлдьэһэр сатаммат. Икки-үс сыл устата сарсыардаттан хара киэһээҥҥэ диэри хара үлэҕэ эриллибит, көлөһүнүн тохпут ыччат билиигэ-көрүүгэ баҕата, тардыһыыта ханнан хаалара, баар суол этэ. Учуонайдар киһи үс сыл устата үлэтинэн, үөрэҕинэн дьарыктамматаҕына, ити дьыалатын умнан кэбиһэр диэн бэлиэтииллэр. Кырдьыга да оннук. Оннооҕор киһи уоппускаттан үлэтигэр таҕыстаҕына, үлэҥ-хамнаһын ороҕугар кыайан киирбэккэ, эрэй бөҕөтүн көрөҕүн. Дьыалаҕын умнубут курдук буолаҕын. Оскуоланы уһулуччу үчүгэйдик бүтэрбит биир эмэ оҕону үрдүк үөрэххэ ыыталлара. Атыттар тутуспутунан фермаҕа үлэлии барыахтаахтара. Агашалаах кылаастарыттан эмиэ мэтээлинэн бүтэрбит ахсааннаах оҕону үрдүк үөрэххэ туттарса баралларыгар мэктиэлээбиттэрэ. Онтон хаалбыттар фермаҕа үлэлии барар комсомольскай путевканы илиилэригэр туппуттара. Агаша салгыы үөрэниэн олус баҕарбыта.
Хомсомуол райкомугар тиийэн, үрдүк үөрэххэ туттарсыахпын баҕарабын диэн көрдөспүтэ. Оччолорго эппитин мас-таас курдук толотторор систиэмэ көҥүллүө баара дуо?. Олох киэҥ аартыгар саҥардыы үктэммит эдэркээн кыыс аккаас хаҕыс тылларын истэн, наһаа диэн хомойон тахсыбыта. Билиигэ-көрүүгэ тардыһыыта күүһэ бэрдиттэн, харса суох эр хорсун санаатын ылынан, Эверстова Роза диэн нуучча кыыһынаан Дьокуускайга үөрэх туттарса киирбиттэрэ. Атыттар куттанан, сорунан да көрбөтөхтөрө. Хомсомуол, партия ыйыытын-кэрдиитин толорбот киһи оччолорго улахан «буруйдаах киһи» курдук көстөрө. Мантан Агафья Еремеевна эдэр сааһыттан бэйэтэ туспа булгуруйбат санаалааҕа, толкуйдааҕа, быһаарыныылааҕа, хорсуна көстөн кэлэр.

Кини Саха судаарыстыбаннай университетыгар историческай салааҕа дьыалатын биэрбитэ. Киирии экзаменнарын «үчүгэй» уонна «туйгун» сыаналарга туттарбыта. Онон үрдүк үөрэххэ киирдим диэн бүк эрэнэ сылдьыбыта. Ол гынан баран ити бүөмчү санаа атынынан эргийэн тахсыбыта. Киирбит оҕолор испииһэктэригэр Агаша аата суоҕа. Кыысчаан олус диэн соһуйбута, хомойбута. Приемнайга көтөн түспүтэ уонна «мин тоҕо испииһэккэ суохпунуй?» диэн быһаччы ыйытыы биэрбитэ. Биир саастаах дьахтар: «Куһаҕаннык экзаменнаргын туттардаҕын дии», — диэн хоруйдаабыта. «Суох, үчүгэйдик туттарбытым», — диэн Агафья хоруйдаабыта. Ол кэнниттэн били дьахтар тохтотон, киниэхэ телеграмманы көрдөрбүтэ. Телеграмма ис хоһооно: «Хомсомуол райкомун уурааҕын кэһэн, Захарова уонна Эверстова үөрэх туттарса бардылар. Кинилэри үөрэххэ ылбаккытыгар» диэн этэ. Кыысчааны преподаватель наһаа аһыммыта. «Эһиил туттарса кэлээр, мин эмиэ экзаменационнай хамыыһыйаҕа баарбын, хомойума» диэн аатын-суолун, төлөпүөнүн нүөмэрин суруйан биэрбитэ. Үүтүн тохпут оҕо курдук, олус хомойон дойдутугар төннөөхтөөбүтэ. Ама да ааспытын иһин, наһаа кыбыстыылаах суол этэ.

Агафья өсөһөн райкомолга тиийбэтэҕэ. Оччоттон билиҥҥэ диэри учуутал тиийбэт. Кинини Тулуна оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан анаабыттара. Нөҥүө сылыгар Ленинградка култуура институтун бэлэмнэнии курсугар үөрэнэ киирбитэ.

Онон тыа кыысчаана иннигэр туруоруммут сыалын-соругун систиспитэ. Күүстээх, хорсун санаа кыайыылааҕынан тахсыбыта.

Хаалбатаҕыттан кэмсиммитэ

Нева өрүс үрдүгэр куорат Агафьяны элбэх түмэллэринэн (музей), историческай пааматынньыктарынан умсугуппута. Эрмитажка экскурсоводтар уонна куорат гидын курстарыгар үөрэммитэ. Илиҥҥи тыллар факультеттарын устудьуоннарын кытта доҕордоспута. Араас дьаһалларга сылдьара. Сайынын бу факультет устудьуоннарын кытта Казахстаҥҥа тутар этэрээккэ барбыта. Сибиинньэ комплексын туппуттара. Күнүһүн наһаа итии буолан, түүнүн үлэлииллэрэ. Оччотооҕу кээмэйинэн олус элбэх харчыны аахсыбыттара. Төннөн иһэн, Москваҕа сылдьан таҥас-сап бөҕө атыыласпыттара.

Агаша спордунан утумнаахтык дьарыктаммыта. Харбыыра, баскетболлуура, уонна теннистиирэ. Балары таһынан художественнай гимнастиканан эмиэ үлүһүйэн ылбыта.

— Нөҥүө сайыныгар эмиэ дойдубар кэлбэтим. ССРС норуоттарын музейдарын Сибиирдээҕи салаатыгар үлэлээбитим. Лидия Григорьевна Лильчук диэн түмэл үлэһитин кытта чугастык билсибитим. Саха сирин фондатын көрөммүн, картотекалары оҥорорго көмөлөспүтүм. Лидия Григорьевналыын манна экспедицияҕа кэлэ сылдьыбыппыт. Ити түмэлгэ мин аҕам икки коллекцията баар. Былыргы мас иһиттэр уонна булт тэриллэрэ. Онон онно аҕам аата онно сурулла сытар. Түмэл үлэһиттэрэ күн бүгүнүгэр диэри миигин ахталлар үһү. Аны санаатахпына, түмэл улахан оскуолатын ааспыт эбиппин. Үөрэхпин бүтэрбитим кэнниттэн кафедраҕа хааллараары гыммыттарыгар аккаастаммытым. Дойдубар эрэ төннүөхпүн баҕарарым. Нуучча оҕолоро Ленинградка хаалыахтарын наһаа баҕараллара. Миигин акаары курдук көрөллөр, сөҕөллөр. Хабаровскайга уонна Барнаулга үлэлии барарбар этиилэр киирдилэр. Эмиэ кыккыраччы аккаастанным. төннөн кэлэн баран, үлэтэ суох сылдьаммын, итинтэн наһаа кэмсиммитим, — диэн кэпсээбиттээх Агафья Еремеевна.

Агафья Еремеевна театрдарга сөбүлээн сылдьара. Ленинград чахчы билии-көрүү биһигэ этэ. Кыысчаан сайдыбыта, олох оскуолатын ааспыта. Дойдутугар кэлэн үлэлээн-хамсаан баран, эмиэ Ленинградка аспирантураҕа туттарсан үөрэммитэ. Илиҥҥи тыллары үөрэтэр кафедраҕа үлэлиир дьоппуон тылын үөрэтэр учууталы кытта көрсүбүтэ. Кини дьоппуон тылын үөрэтэргэ Агафьяны ыҥырбыта. Ол эрээри дьылҕа хаан атын суолу ыйбыта.

Олоҕо суох омугумсуйууга күтүрээһин

Үөһээ этэн аһарбытым курдук, булгуруйбат бигэ санаалаах, көнө сүрүннээх, хорсун дьон бу олоххо сорох ардыгар үтүрүм-хатырым, сороҕор өрө тутуллаллара баар суол.

Агафья Еремеевна олох түһүүтүн-тахсыытын, барытын этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билбитэ. Арыый мөлтөх киһи онтон чачайан аллараа диэки сурулуу туруох түгэннэрэ эмиэ бааллара.

Аспирантураны бүтэрээт, СГУ историко-филологическай факультетыгар саха салаатыгар үлэлээбитэ. Ити үлэлээбит кэмин олус күндүтүк ахтар. Оччолорго аксакаллар Николай Дьячковскай, Гаврил Филиппов, Иван Винокуров уонна Василий Протодьяконов бааллара. Кэтэхтэн үөрэтии деканын солбуйааччытыгар тиийэ үүммүтэ.

Айдааннаах 1986 сыл үүммүтэ. Устудьуоннар Теплай күөлгэ хаҥкылыы сылдьаннар куорат олохтоох ыччаттарын кытта охсуспуттарын, туох да буруйа суох үс устудьуон көҥүлэ быстыбытын күндү ааҕааччы, өйдүүр буолуохтааххын. Саха салаатын преподавателлэрэ «националист» аатырбыттара. Агафья Еремеевна фольклору уонна саха литературатын революция иннинээҕи кэмин историятын үөрэппитэ. Ити кэмҥэ кини улахан охсууну ылбыта. Үҥсүү-хаҥсыы…

— Университекка Георгий Башарин салайааччылаах националистическай тэрилтэ баар диэн буолбута. Ити олох сымыйа этэ. Мин Башаринныын биир тиэргэҥҥэ олоробун. Ол эрээри кыайан көрсүбэппит. Кини аанын айаҕар барарын-кэлэрин кэтиир массыына турара. Кырдьаҕас сарсыарда ахсын күөх хонууга хаама, зарядка оҥоро киирэрэ. Онон олох эрдэ, 6 чааска миэхэ киирэн кэпсэтэрэ. Миигин харыстыыра. Үөрэтэ турдахпына, лекцияларбын магнитофон лиэнтэтигэр суруттаран ылаллара. Биһиги факультет саамай улахан охсууну ылбыта. Инчэҕэй эттээх тулуйбат айылааҕа этэ. Үгүспүт ыалдьыбыта, доруобуйабыт кэбирээбитэ. СГУ партийнай тэрилтэтин сэкирэтээрэ Петр Павлович Лимонов инсультаан хаалбыта. Ректор Арьян Ильич Кузьмины үлэтиттэн ууратан кэбиспиттэрэ. Дьон түргэнник уларыйаллар. Урут илэмэ-салама көтөр дьоно дорооболоспот да буолан хаалбыттара. Утары тиийэммин өрүү дорооболоһон кэпсэтэрим. «Миигин кытта кэпсэтэргиттэн куттаммаккын дуо?» — диэхтиирэ. «Националистическай тэрилтэ чилиэннэрин» испииһэгэ баара. Онно мин үһүс дьахтарынан турар этим. Барыта оҥоһуу, сымыйа этэ. Дьиҥэ, интернационалист бөҕө буоллаҕым дии. Учууталларым нууччалар, доҕотторум араас омуктар. Биһигини ыҥыран ыла-ыла мөҕөллөрө-этэллэрэ, үлэбиттэн уурата сатыыллара, — диэн ахтара Агафья Еремеевна.

Ити ыгыыны-түүрүүнү, охсууну кини тулуйбатаҕа. Быарынан улаханнык ыалдьан, суорҕаннаах-тэллэххэ сыппыта. Үлэтиттэн тохтуурга күһэллибитэ. Олох хараҥа балаһата ааҥнаан кэлбитэ. Үтүө санаалаах суох буолбатахтара, бааллара. Кинини Василий Николаевич Иванов чэпчэки соҕус үлэҕэ ылан, өйөөбүтэ. Киһиэхэ кыра да наада. Агафья Еремеевна Василий Николаевичка махтала муҥура суоҕа. Нэһиилэ сыккырыыр тыына эрэ сылдьыбыта. Агафья Еремеевнаны Ньурба ойууна эмтээбитэ. Быарыгар искэн баар диэбиттэрэ. Ити кырдьаҕас эмтээбитин кэнниттэн искэнэ тардан хаалбыта. Мантан ылата кини үрдүк күүс баарыгар итэҕэйбитэ.

— Айылҕаттан айдарыылаах дьон — улуулар. Мин итинтэн сиэттэрэн, кинилэр тустарынан научнай тиэмэ ылбытым. Ити — былыргы дириҥ култуура, норуот үгэһэ. Ойууннааһыны, магияны үөрэппитим. Өлөн баран тиллибитим. Маныаха күүстээх санаам эмиэ көмөлөспүтэ. Эппиккэ дылы, ууну-уоту ортотунан ааспытым. Олох эриирин-мускуурун, түһүүтүн-тахсыытын барытын көрбүтүм. Билигин мин туохтан да куттаммаппын. Күүстээх санаалаах (волялаах) уонна духуобунаһынан дьарыктанар киһи тугу барытын тулуйар, кыайар. Корея, Непал, Монголия, Бурятия, Тува, эбээн ойууттарын кытта алтыспытым. Хотугу Америка индеецтэрин кытта көрсүбүтүм. Кинилэр бары биир сүрүннээхтэр. Айылҕа күүстэрин олус үчүгэйдик туһаналлар. Ол кистэлэҥнэрин баһылыыллар, билэллэр. Билиҥҥээҥҥэ диэри кинилэртэн үөрэнэбин, — диэн кэпсиирэ Агафья Еремеевна.

* * *
Киниэхэ үөрэммит устудьуоннар учууталбытыгар дириҥ ытыктабылбыт биир төрүөтэ, арааһа, кэлиҥҥи кэмҥэ сирэй көрбөх, дьон-сэргэ туһугар буолбакка, бэйэтин эрэ иннин көрүнэр киһи үксээбитигэр, оттон көнө сүрүннээхтэр, халбаҥнаабат бигэ санаалаахтар аҕыйаабыттарыгар сытара буолуо.

Людмила НОГОВИЦЫНА.

https://ulus.media/2024/10/12/bulgurujbat-bige-sanaa-dien-kiniehe-baara/

Поделитесь этой страницей