Бүлүү олоҥхото — быстыбат ситим - Сайт Олонхо
Главная / События / Бүлүү олоҥхото — быстыбат ситим

Бүлүү олоҥхото — быстыбат ситим

Бүлүү улууһугар сэтинньи ый 11 күнүгэр Олоҥхо декадата үөрүүлээхтик арылынна. Алгыс сиэрин туомун толордо алгысчыт Саввинова Нюргуяна Капитоновна.

Кэлбит дьон алгыстаах алаадьыны амсайан сүрдэрин бөҕөргөтүнэн, алгыс ыллылар.

В.О.Каратаев аатынан Бүлүүтээҕи олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар народнай коллективын салайааччыта Иванова С.Т. бэлэмнээн таһаарбыт “Бүлүү олоҥхото — быстыбат ситим” кинигэтин сүрэхтэниитэ буолла.

Бу кинигэҕэ киирбит 14 олоҥхоһуттар олоҥхолорун оллоонноон олорон, үс көлүөнэ олоҥхоһуттар толордулар.

Кинигэни Бүлүүтээҕи кииннэммит библиотечнай ситим Эдэр ыччат библиотекатын кылаабынай библиотекара СӨ култууратын туйгуна Светлана Семеновна Николаева сиһилии ырытыыны оҥордо.

Бу улахан үйэлээх кинигэ тахсыбытынан, Бүлүү улууһун администрациятын социальнай уонна эдэр ыччат политикатын отделын салайааччыта Елена Николаевна Федорова,

Бүлүү куорат МТ баһылыгын солбуйааччыта Николай Варламович Иванов,

М.Н.Жирков аатынан култуура уонна норуот айымньытын сайдыытын киинин салайааччыта Алена Александровна Дашевская.

“Тыымпы нэһилиэгэ” МТ баһылыга Акимар Акимович Михайлов, Чернышевскай уонна Тааһаҕар нэһилиэгин баһылыктара. Тааһаҕар “Эйгэ” норуот айымньытын уус-уран салайааччыта СР култууратын туйгуна, Олоҥхо ассоциациятын чилиэнэ Гульнара Павловна Алексеева. Олоҥхоһут Шадрин М.С. Мэхээлэ уола Иван Михайлович Шадрин, Олоҥхоһут В.О. Каратаев кыыһа, Анна Васильевна Мандарова, эҕэрдэ, махтал тылларын эттилэр.


Саха фольклорун куттарыгар — сүрдэригэр иҥэриммит ураты талааннаах дьоммутун наҕараадалааһын буолла.

Арассыыйатааҕы фольклорнай түмсүү Саха сиринээҕи отделениятын “Култуура уонна искусство сайдыытыгар кылаатын иһин” мэтээли туттулар: Калачикова Светлана Павловна, Иванов Дмитрий Тарасович, Фомина Тамара Васильевна, Мэҥкэр Сэмэн Хабырыыл Уола, Харлампьева Каролина Петровна, Харлампьева Светлана Петровна.

Арассыыйатааҕы фольклорнай түмсүү Саха сиринээҕи отделениятын “Иитии, үөрэтии уонна настаабынньык” өйдөбүнньүк мэтээлинэн наҕараадаланнылар: Григорьева Маргарита Егоровна, Петрова Светлана Николаевна.

Бүлүү олоҥхото быстыспат ситимин олоҥхо народнай коллектива бигэргэттэ.

Бу кинигэ ааҕааччыларга, олоҥхону сэҥээрээччилэргэ, Бүлүү улууһун олохтоохторугар олус улахан бэлэх, дьоһуннаах кинигэ буолар.

Поделитесь этой страницей