Бөлөҕүнэн олоҥхону толорууга күрэс
Ийэ олоҥхоһут, алгысчыт, тойуксут, оһуокайдьыт, үлэ бэтэрээнэ, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайына Прокопий Прокопьевич Максимов төрөөбүтэ 85 сылынан аналлаах олоҥхону бөлөҕүнэн толорууга «Олоҥхо быстыбат ситимэ» диэн күрэс Бүлүү куоратын В.О. Каратаев аатынан Олоҥхо дьиэтигэр сэтинньи 12 күнүгэр буолан ааста.
Оҕолорго I миэстэ — «Дьүрүскэн» фольклорнай бөлөх, Халбаакы орто оскуолата сал. С.Н. Петрова, «Сайдам Дуолан бухатыыр» , Светлана Петрова олоҥхото.
II миэстэ — «Далбарай» фольклорнай бөлөх, М.Н. Жирков аатынан Оҕо ускуустубатын оскуолатын Чернышевскайдааҕы филиала, сал. А.Д. Черкашина, «Ала Хотой кыыл аттаах Алтан Дьааһын бухатыыр», Прокопий Максимов олоҥхото.
III миэстэ — «Өбүгэ ситимэ» фольклорнай бөлөх, Г.С. Донской аатынан Бүлүүтээҕи 2-с нүөмэрдээх орто оскуола, сал. И.П. Докторова, «Тоҕус хара тыаны ортотунан көстөр дьоруо маҥан аттаах Дьохсоҕолдьун бухатыыр», Федот Алексеев олоҥхото
Улахан дьоҥҥо
Кылаан чыпчаал — В.О. Каратаев аатынан олоҥхоһуттар уонна тойуксуттар норуодунай кэлэктииптэрин фольклорнай бөлөхҕө сал. С.Т. Иванова, Бүлүү куората. «Куула хара тыаны кутуругунан булкуйа оонньуур кулан кугас аттаах , кылааннаах өргөстөөх Киис Бэргэн бухатыыр», Семен и=Ивнаов- Чочу Сэмэнэ.
I миэстэ — «Тааһаҕар олоҥхоһуттара» фольклорнай бөлөх, сал. М.Н. Шамаев, «Ыас хара аттаах Толлуман бухатыыр», Маргарита Григорьева-Тамалай олоҥхото.
II миэстэ -«Дорҕоон» этнофольклорнай бөлөх, сал. Н.Ю. Корякина, Бүлүү кората. «Тоҥ Саар бухатыыр» , Сэмэн Каратаев-Ырыа Дыгыйар.
III миэстэ — «Үрүмэччи «фольклорнай бөлөх, Тааһаҕар орто оскуолата, сал. М.Е. Григорьева, «Күүстээх-уохтаах Күндүлү бухатыыр», Петр Решетников-Көһөҥө Бүөтүр.