"Олоҥхо дьыктаана" аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар тута тургутукка кыттыҥ - Сайт Олонхо
Главная / События / "Олоҥхо дьыктаана" аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар тута тургутукка кыттыҥ

«Олоҥхо дьыктаана» аахсыйа чэрчитинэн ыытыллар тута тургутукка кыттыҥ

Олоҥхо күнэ буолара чугаһаата. Онон тэрээһиннэр номнуо саҕаланнылар.

Олоҥхо дэкээдэтин уопсай бырагырааматын бу https://olonkho.nlrs.ru/archives/7168 сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.  

Оттон улуустарынан туох хаһан буолара манна “2024 сыл” диэҥҥэ баар https://olonkhotheater.ru/projects/olonkho-decade/

         Быйылгы Олоҥхо дэкээдэтэ бу күһүн биһиги кэккэбититтэн туораабыт ытыктабыллаах Агафья Еремеевна Захарова сырдык кэриэһигэр ананар. Кини олоҥхобут аан дойду таһымыгар тахсарыгар, ЮНЕСКО олоҥхону киһи аймах чулуу айымньытынан бигэргэтэригэр, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар олоҥхону үөрэтии тиһигэ олохтоноругар, наука өттүттэн чинчийиигэ, киэҥ эйгэҕэ тарҕатыыга, үйэтитиигэ, сокуонунан көмүскэллээх буолуутугар, о.д.а. араас бырайыактар, идиэйэлэр, былааннар олоххо киирэллэригэр уонна олор көдьүүстээхтик үлэлииллэригэр сүҥкэн өҥөлөөх көҕүлээччи, киэҥ далааһыннаах тэрийээччи, улахан учуонай, мындыр салайааччы, дойдутун, норуотун туһугар олорбут патриот буолар.

         Бу дэкээдэ ыытыллар кэмигэр, ол эбэтэр сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр диэри, ол аата барыта 10 күн устата, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин https://new.nlrs.ru/ саайтыгар, “Олоҥхо дьыктаана” сырдатар аахсыйа чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэ V-VIII уонна IX-XI кылаастарыгар икки тылынан – нууччалыы уонна сахалыы – тута тургутук (онлайн тест) ыытыллыаҕа.

         Хас биирдии тургутук олоҥхо туһунан тирэх билиини бэрэбиэркэлиир 10 ыйытыылаах буолуоҕа. V-VIII уонна IX-XI кылаастарга, итиэннэ нууччалыы уонна сахалыы тыллаахтарга, барытын учуоттаан, тус-туспа уустуктардаах боппуруостары бу “Олоҥхо” саайт бэлэмнээтэ.

         Түмүк тута тахсар. Хас баалы ылбыккын көрөҕүн уонна “Олоҥхо дьыктаана” аахсыйаҕа кыттыбытыҥ туһунан Туоһу суругу хачайдаан ылаҕын.

         Тургутук сигэтин саҕаламмыт күнүгэр тарҕатыахпыт, ону социальнай ситимнэринэн бэйэ-бэйэҕитигэр ыытан (репостаан) иһээриҥ. Сорукпут — Саха сирин V-XI кылаастарын үөрэнээччилэрин 100 % хабыы. Онон учууталлар өйүүллэригэр уонна көҕүлүүллэригэр көрдөһөбүт, эрэнэбит.

Матырыйаал иннигэр Петр Доргуев уруһуйа. Тиэкискэ куйаар ситимин аһаҕас ханаалыттан туһанныбыт.

Поделитесь этой страницей