Ытык Күөлгэ олоҥхо дьоро киэһэтэ
Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҕаламмыт Олоҥхо декадатын чэрчитинэн, «Сарыал» култуурунай киин «Алгыс» балаҕаныгар олоҥхо кэһиилээх, арыылаах алаадьылаах дьоро күн буолан ааста.
Сахалыы сайаҕас кэпсээннээх, өбүгэ оонньуулаах саха балаҕаныгар Ытык Күөл олохтоохторо, оҕолор хото муһуннулар.
«Удьурҕай Таатта» этно-бөлөх М.Н. Андросова-Ионова алыптаах олоҥхотун мустубут дьоҥҥо толордо. Оҕолор толорооччу хас биирдии омуннаах-төлөннөөх тойугун болҕойон олорон иһиттилэр, олоҥхо умсулҕаннаах остуоруйатын сэргии, биһирии ылыннылар.
Билиҥҥи кэм буккуурдаах кэмигэр сахалыы эйгэлээх, эйэҕэс сэһэннээх олоҥхо киэһээтэ хас биирдии киһи сүрэҕин сылааһынан, сырдыгынан угуттаата, сырдык өрүү кыайыылаах тахсарыгар эрэли үөскэттэ.
Анна Яковлева.
Поделитесь этой страницей