Юрий Борисов олоҥхону Москуба куоракка билиһиннэрдэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Юрий Борисов олоҥхону Москуба куоракка билиһиннэрдэ

Юрий Борисов олоҥхону Москуба куоракка билиһиннэрдэ

Сахабыт сиригэр сэтинньи 25 күнүгэр Олоҥхо күнэ бэлиэтэниэ. Бу күҥҥэ анаан улууска декада биллэриллэн, араас тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Биир дойдулаахпыт, Эмистэн төрүттээх ыччат, олоҥхону тарҕатааччы, толорооччу, филологическай билим кандидата Юрий Борисов Арассыыйа наукаларын академията төрүттэммитэ 300 сылыгар анаммыт норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэҕэ баран кыттыыны ылан кэллэ.


“Москва куоракка «Вклад академической фольклористики в развитие отечественной гуманитарной науки» диэн Арассыыйа наукаларын академията төрүттэммитэ 300 сылын чэрчитинэн норуоттар икки ардыларынааҕы кэмпириэнсийэ үрдүк таһымҥа буолан ааста. Кэмпириэнсийэни А. М. Горькай аатынан Аан дойдутааҕы литература института тэрийэн ыытта.

Бу кэмпириэнсийэ чэрчитинэн «И.В. Пухов — собиратель и исследователь фольклора» диэн Иннокентий Васильевич Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар анаммыт “төгүрүк остуол” буолла. Онно модератордыыр үрдүк чиэскэ тигистим. Итиэннэ «Статья И.В. Пухова «Исполнение олонхо» в свете современной сказительской практики» диэн тиэмэҕэ дакылааты оҥордум. Дакылааппын биллиилээх фольклорист, филологическай наука доктора, литература институтун  сүрүн научнай үлэһитэ, Иннокентий Васильевичтыын өр сыл бииргэ үлэлээбит Алла Ивановна Алиева олус сэҥээрэ, биһирии иһиттэ. Итини тэҥэ, тэрээһин арыллыытыгар быһа тардан олоҥхолообутум. Ону институт  музыковедтара олус сэргээн, көрдөһөн, кэмпириэнсийэ бүппүтүн кэннэ анаан балачча уһуннук олоҥхолоттулар. Түптээх түгэнинэн туһанан, кэмпириэнсийэ үлэтин устата икки төгүллээн «Эпосоведение» диэн ВАК сурунаалбыт туһунан сырдаттым. Манна уруккуттан билсэр фольклористарбын кытта көрсөн көх-нэм буоллум, саҥа чинчийээччилэри кытта билистим. Түмүктээн эттэххэ, бэрт таһаарыылаах, туһалаах сырыы буолла. Былааннаабыппын ситистим. Кэмпириэнсийэ устата үгүс саҥаны иһиттим, элбэх сонуну биллим”, — диэн Юрий Петрович Москваҕа сырыытын туһунан кылгастык сырдатта.

Биир дойдулаахпытын улахан таһымнаах кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кыттыбытынан истиҥник эҕэрдэлиибит, салгыы айар, чинчийэр үлэтигэр үрдүк чыпчааллары баҕарабыт.

Источник: “Амма олоҕо” хаһыат

Поделитесь этой страницей