1998 сыллаахха уһуллубут «Мохсоҕоллой Боотур» олоҥхону көрдөрдүлэр - Сайт Олонхо
Главная / События / 1998 сыллаахха уһуллубут «Мохсоҕоллой Боотур» олоҥхону көрдөрдүлэр

1998 сыллаахха уһуллубут «Мохсоҕоллой Боотур» олоҥхону көрдөрдүлэр

Олоҥхо дьиэтигэр аҕам саастаах дьоммутун чиэстиир тэрээһин буолла. Хайҕал, махтал тыллара этилиннилэр.
Дьэ, онтон 1998 сыллаахха уһуллубут Кирилл Никонович Никифоров — Лөкөчөөн «Мохсоҕоллой Боотур» олоҥхотун улахан экраҥҥа көрдөрдүлэр. Олоҥхону автор бэйэтэ туойан саҕалаата. Быыс арыллаатын кытта, аҕыс Айыыларбыт кэчигирэһэн олорон, тура — тура туойан доллоһутан олоҥхобут саҕаланна.

Олоҥхо олоҥхонон! Ааспыт кэм ахтылҕана, орто дойдуттан күрэммит дьоммутун — сэргэбитин көрөн долгуйдубут. Дьоммут дьоҕурдарын көрөн сөҕүү — махтайыы да ханна барыай.
Олоҥхо испиктээкили Михаил Тихонович Мойтохонов көрөөччүлэр быыстарыгар олорон устубут. Көрөөччүлэр сүрдээхтик болҕойон көрөллөр, үөрэн саҥа аллайаллар, ытыс таһыналлар, күлүүлээх түгэннэргэ күлэн да ылаллар.
Лидия Степановна Афанасьеваны кытта сэргэстэһэн олорон көрдүбүт. «Эчи, эдэр да буолан көстөбүт! Чуолкайдык да уһуллубут. Татьяна Семеновна олоҥхону сатабыллаахтык туруорбут», — диэн ботур-ботур кэпсэтэн күндү дьоммутун ахтан, санаан аастыбыт.
Михаил Тихонович оһуохай буоларын батыһа сылдьан устубута, билигин фонда, архив буолан Айталина Михайловна — Сахаайта кичэллээхтик харайарын таһынан, итинник дьон көрүүтүгэр таһаарара хайҕаллаах суол.
Мин Вадиммын көрөн долгуйдум, харааһынным… Оо, оҕом барахсан! … Эбээбит Варвара Саввична Симэхсин эмээхсин оруолун толорбутун көрдүм. Бэйэм сатаан оонньооботохпуттан кыбыста санаатым.
Михаил Тихонович Мойтохонов фондатыгар төһөлөөх элбэх оһуохайдьыт, тойуксут уһуллан хаалбыта биллибэт. Фонда, архив, история — барытын харыстыыр тустаахпыт.

Васма Иванова

Поделитесь этой страницей