Олоҥхо персонажтарынан косплей
Тааттаҕа Олоҥхо декадатын чэрчитинэн “Олоҥхо ыллыгынан” диэн бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста. Манна уһуйаан кырачаан оҕолоруттан саҕалаан, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэригэр тиийэ бары бэйэлэригэр сөптөөх, сонун, кэрэхсэбиллээх дьарыгы булан, бэркэ тэһийэн, астынан сырыттылар.
Ол курдук, “Таабырын хонуута”, “Аптаах, алыптаах остуоруйалар”, Дьиэрэй, оҕо саас ырыата”, “Чыыбы-чаабы чабырҕах”, “Чөмчүүк саас оһуохайа”, “Оҕо аймах оһуохайын олохтуоҕуҥ!”, “Олоҥхо эйгэтин оонньуулара”, “Оҕолор оҥорбут оонньуурдара”, “Сайын кэлиитэ” тифлоиспэктээк, олоҥхо фотозоната үлэлээтилэр.
Саамай кэрэхсэбиллээх түгэн – олоҥхо персонажтарынан косплей. Көрүҥ, сэргээҥ.
Анна Боппосова түһэриилэрэ
Поделитесь этой страницей