Олоҥхото суох саха быһаҕас - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхото суох саха быһаҕас

Олоҥхото суох саха быһаҕас

Дьааҥы улууһун “Олоҥхо” ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Екатерина Васильевна Ноговицына, итиэннэ улуустааҕы култуурабыт, үөрэҕириибит, сынньалаҥ кииннэрбит салайыыларынан, сэтинньи 25 күнүгэр Баатаҕай Арчы дьиэтигэр бэрт дириҥ ис хоһоонноох, үрдүк таһымнаах «Дьааҥы – олоҥхо түһэ» диэн тэрээһин буолан ааста.

 ЮНЕСКО  олоҥхону аан дойду чулуу айымньытынан билиниитэ саха норуотуттан олох бары эйгэтигэр үгүс  тэрээһиннээх үлэни эрэйэр. Ол иһигэр үөрэх эйгэтигэр эмиэ.

  Үөһээ Дьааҥыга үөрэх тэрилтэлэригэр түөлбэ олоҥхотунан үлэ күүстээхтик бара турарын бу тэрээһинтэн биллибит, көрдүбүт-иһиттибит.

Бу тэрээһин саха тыла, олоҥхобут тыла сайдарын туһугар кыһамньылаахтык үлэлээбит, наука таһымыгар тахсарыгар сыратын уурбут, улахан кылааты киллэрбит Нина Игнатьевна Филипповаҕа ананна.

 Нина Игнатьевна Филиппова – Учууталлар учууталлара. Дьоһуннаахай олоҕу олорон, кэлэр көлүөнэ учууталларга эппит, сүбэлээбит тыла-өһө сирдьит буолар, кини үлэлэрин үөрэппит оҕолоро, учууталлара салҕыыллар.

  Бастаан утаа Олоҥхо күнүн аһыллыытын олохтоох алгысчыттарбыт, айылҕаттан айдарыылаах Василий Колесов уонна Прасковья Антонова,  ыраахтан-чугастан кэлбит оҕолорбутун, ыччаттарбытын, ыалдьыттарбытын бука барыларын арчылаан, араҥаччылаан, алгыстаан, ыраастаан, олоҥхо кэрэ эйгэтигэр аргыый аҕай угуйан  киллэрбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.

Дьэ, манна сахалыы куту иҥэриммит оҕолорбутугар, ыччаттарбытыгар, олоҥхоһуттарбытыгар, ыалдьыттарбытыгар муус маҥан таҥастаах кыргыттар, сахалыы сиэринэн алаадьынан күндүлээн, Олоҥхо тыынын уһугуннардылар, кини кэрэ эйгэтигэр киллэрдилэр.

Үтүө мааны алгыс кэнниттэн улуустааҕы дьокутааттар сэбиэттэрин уонна “Олоҥхо” ассоциация бэрэссэдээтэлэ Екатерина Васильевна Ноговицына уонна улуустааҕы үөрэҕирии управлениетын салайааччыта Иннокентий Сергеевич Юмшанов эҕэрдэ тылларын иһиттибит.

Салгыы биир дойдулаахпыт, олоҥхону күүскэ чинчийэн үөрэппит, үгүс научнай үлэ ааптара, баар-суох биллиилээх учуонай учууталбыт, дьааҥылар киэн туттар ытык киһибит Нина Игнатьевна Филипповаҕа анаммыт Педагогическай ааҕыылар саҕаланнылар.

Бу түмсүүбүтүгэр Нина Игнатьевна Филиппова олорон ааспыт олоҕун, үлэтин, ситиһиилэрин, чинчийиилэрин туһунан учууталлар истиҥ-иһирэх тылынан ахтан-кэпсээн аһардылар. Олус дириҥ ис хоһоонноох иһитиннэриилэри истэн, элбэҕи биллибит- көрдүбүт.

Бу ааҕыыларга дьүүллүүр сүбэ I миэстэни анаата Боронук орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталыгар, үөрэх чааһыгар дириэктэри солбуйааччы, Дьааҥы биир бастыҥ учуутала Акулина Трофимовна Стручковаҕа. Кини Нина Игнатьевна Филиппова кинигэлэрин, учуобунньуктарын, босуобуйаларын олус тиийимтиэтик ырытан, быһааран кэпсээтэ. Ону таһынан Н.И. Филиппова төрүччүтүн үөрэппитин туһунан сырдатта.

Иккис миэстэни ылла Баатаҕай орто оскуолатын алын кылаастарын учуутала Анна Николаевна Стручкова. Кини «Олонхону чинчийиигэ анаммыт олохтоох ытык киһибит Н.И. Филиппова үлэлэрин нөҥүө төрөөбүт тылы сайыннарар үлэлэр эйгэлэрин тэрийии» диэн үлэтин билиһиннэрдэ.

Үһүс миэстэҕэ тигистэ Баатаҕай орто оскуолатын төрүт култуураҕа учуутала Юнна Павловна Неустроеваҕа. Кини Нина Игнатьевнаҕа үҕрэммит кэмнэрин ахтан-санаан аһарда.

Бу ааҕыыларга сэҥээрдибит Баатаҕай орто оскуолатын алын кылаастарын учууталын үлэтин «Особенности восприятия персонажей олонхо детьми младшего школьного возраста с русским языком обучения «. Нуучча оҕолоругар хаһыс да сылын тиһигин быспакка ылсан үлэлиирин кэпсээтэ.

Дьааҥы олоҥхолоро бүттүүн Саха сирин устун тарҕаммыт уу сахалыы тылынан айыллыбыт буолан, хайа баҕарар улуус дьоно истэн, ааҕан, тута өйдүүллэр эбит.

ХХI үйэҕэ тиийэ олорон, Ийэ олоҥхоһут сүдү аатын ылбыт Дария Андреевна Томская анаан чинчийбит дьоно-сэргэтэ бэлиэтииллэринэн, 42 олоҥхолоох, онтуттан уонтан тахсата араас көрүҥүнэн уһуллубут. Бу күҥҥэ диэри үс олоҥхото бэчээттэммит. Икки олоҥхото бэчээккэ бэлэмнэммит.

Онон билигин оҕону, ыччаты Дьааҥы олоҥхотун билиһиннэрэр, онно олоҕуран сайдар суолун тобулунарыгар кыаҕы биэрэр балачча матырыйаал мунньуллан эрэр эбит. Онон, кэнники сылларга олоҥхону ааҕыыга, үөрэтиигэ сүрүн болҕомто ууруллар буолан, олоҥхону ааҕыыга араас таһымнаах күрэхтэр ыытыллар буоллулар.

Олоҥхо күнүн көрсө, айан суола ырааҕынан сибээстээн, бастаан дьүүллүүр сүбэ кэтэхтэн кытааччылары иһиттэ. Оҕолор кэтэхтэн кыттыбыттара үчүгэй. Манна сүрдээх элбэх оҕо кыттыыны ылла.

Кэтэхтэн кыттааччыларга I миэстэ Дьааҥы Верхоянскай куоратын кыысчаана Рожина Владианнаҕа, II миэстэ Горохова Софьяҕа  (Элгэс нэһилиэгэ), III миэстэ Чёрней Юраҕа (Арыылаах нэһилиэгэ) тигистилэр. Бу манна «Онолутар олоҥхоһут», «Кэскиллээх олоҥхоһут» ааттарын ыллылар Элгэс уолаттара Аркадий уонна Николай Окладниковтар. «Кылыһах ырыалаах, дорҕоон тойуктаах» олоҥхоһут аатын ылла эмиэ Элгэс уола Арсен Иванов.

Биһиги саамай сөбүлээбит күрэхпитинэн буолла олоҥхо уобарастарын көрдөрөр «Олоҥхо дьоруойдара» диэн күрэх. Дьэ, манна бэркэ диэн уобарастары ойуулаан, кэпсээн, ыллаан-туойан иһитиннэрдилэр. Манна күрэххэ I миэстэ — Наумова Наталина (Боруулаах), II миэстэ — Сергей Колесов (Баатаҕай),  «Кэскиллээх уобарас» — Артем Иванов (Боронук), «Түһүлгэлээх олоҥхо дьоруойа» — Эрсан Слепцов (Боруулаах), «Ураты көстүү» — Юмшанов Дамир (Боруулаах).

Олоҥхону дьиэ кэргэнинэн толорууга бэртээхэй күрэх ыытылынна. Дьиэ кэргэн сылынан сибээстээн, төрөппүттэр оҕолорун кытта тэбис-тэҥҥэ олоҥхолоон соһуттулар. Бу манна I миэстэни кырдьаҕас Дьааҥы куоратыттан Рожиннар ыллылар. II миэстэ – Баатаҕайтан үс бухатыыр уоллаах Колесовтар. III миэстэ –Баатаҕайтан Гатиловтар.

Салгыы тэрийээччилэр квест оонньууну оонньоттулар. Бу оонньууга кыайыылааҕынан Элгэс орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ буоллулар. «Арктика» ыччата иккистээтэ. Чөрүмчэ орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ үһүстээтилэр. Бу күн үлдьү «Олоҥхо алыптаах дойдутугар» уруһуй күрэҕин оҕолорун уруйдаатылар-айхаллаатылар. Манна 5-6 саастаахтарга Аммосова Сайнаара (Сартаҥ) бастаата. Иккис – Айсен Рожина (Остуолба), III м –  Аделя Слепцова (Баатагайдааҕы «Күнчээн» оҕо уһуйаана).

7-9 саастаахтарга I м – Эһэ Хайатыттан Иноземцева Изабелла, II м –Баатаҕай орто оскуолатыттан Маша Другина, III м – улуустааҕы ускуустуба оскуолатыттан Валерия Касимова.

10-13 саастаахтарга I м – Юмшанова Тамара (Баатаҕай, улуустааҕы ускуустуба киинэ), II  м – Александра Слепцова (Баатаҕай оҕо киинэ), III м – Марина Чирикова (Адыаччы).

14-17 саастаахтарга I м – Горохова Арина (Баатаҕай).

«Мин куукулам» олоҥхо дьоруойдарынан оонньуурдарга күрэххэ 5-6 саастаахтарга I м –  Чириков Виктор (Адыаччы), II м – Мирослав Осипов (Сартаҥ), III м – Слепцова Василиса.

7-9 саастаахтарга I миэстэ – Савелий Васильев (Баатаҕай), II м –  Юлия Слепцова (Мачах), III м –Калерия Ефимова (Баатаҕай).

10-13 саастаахтарга  I м –Адыаччыттан Николина Акимова, II  м –Северяна Егорова (Баатаҕай), III м – Айгылаан Старостин (Баатаҕай).

Быйылгы Олоҥхо күннэригэр Баатаҕай орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, төрөппүттэрэ, учууталлара олус көхтөөхтүк кытыннылар. Олоҥхо тыынын бэркэ диэн киллэрэн сэҥээртилэр.

Түмүкпэр этиэм этэ, олоҥхото суох саха быһаҕас саха диэхпин баҕарабын. Толору саха буолар туһугар олоҥхобут ытык өйдөбллэрин ийэ өйбүтүгэр, олоҥхо тылын сүөгэйин-сүмэтин ийэ тылбытыгар, олоҥхо күүһүн ийэ куппутугар иҥэриниэхпитин наада.

Аныгы сайдыылаах саха оҕото, эдэр ыччата тылыттан тэйбэтин, ийэ тылын сайыннардын диэн туран, Олоҥхо күннэрин, тэрээөһиннэрин өрө көтөҕуулээхтик тэрийэн ыыппыт алгысчыттарбытыгар, салайааччыларбытыгар, олоҥхоһуттарбытыгар, кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар бука барыларыгар барҕа махтал буолуохтун!

Анна Николаевна Стручкова,

Баатаҕай орто оскуолатын учуутала 

Поделитесь этой страницей