Дэбдиргэҕэ олоҥхону 83 оҕо толордо - Сайт Олонхо
Главная / События / Дэбдиргэҕэ олоҥхону 83 оҕо толордо

Дэбдиргэҕэ олоҥхону 83 оҕо толордо

Сэтинньи 26 күнүгэр Игидэй орто оскуолатыгар өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллар Олоҥхо декадатын чэрчитинэн олоҥхону өйтөн ааҕыы дьоро киэһэтэ буолан ааста.

Бу бырайыагы үһүс сылын саха тылын уонна литературатын учуутала Ефимова Варвара Константиновна иилээн-саҕалаан ыытар.

Илгэлээх Игидэй сиригэр Эдуард Карлович Пекарскай сыылкаҕа кэлэн олорор кэмигэр, Константин Григорьевич Оросины сорудахтаан, ыаллыы Дьүлэй нэһилиэгэр олорор олоҥхоһуту, Миинэ уола Дьөгүөссэни ыллатан, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону суруйтаран, «Образцы народной литературы якутов» кинигэтигэр бэчээттэппитэ. Онон Игидэй нэһилиэгэ Саха сирин үрдүнэн олоҥхо аан бастаан суруллубут нэһилиэгэ буолар.

 Оскуола программатыгар киирбит олоҥхолору бөлөҕүнэн өйтөн ааҕыы күрэһэ сылын аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйда.

Билиҥҥи сайдыылаах IT үйэтигэр сатаан дорҕоону таба саҥарбат, уу ньулдьаҕай, уҥуоҕа-сүһүөҕэ суох саҥарар оҕо элбээбитэ кистэл буолбатах. Устар ууну сомоҕолуур олоҥхобутун өйтөн ааҕан, тылларын эрчийэллэр. Сыанаҕа дуоспуруннаахтык туттан-хаптан олорон, дьон иннигэр болҕомтону тардар гына ыраастык саҥарарга үөрэнэллэр.

Быйылгы күрэспитигэр I-XI кылааска диэри үөрэнээччилэр бука бары олоҥхону өйтөн аахтылар. Бу түгэн олус үөрүүлээх, долгутуулаах буолла.

Алын сүһүөх учууталлара күүскэ ылсан үлэлээбиттэрин түмүгэр, оҕо эмиэ да туойан, эмиэ да олоҥхо тэтимигэр киирэн, уобараһын арыйан ааҕыыта ситиһилиннэ. Истээччини үөртэ, астыннарда.

Тэрээһини М.Н. Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылыгар аналлаах «Олоҥхоһут кыыс» улуустааҕы күрэскэ «Алгыс ырыалаах толорооччу» анал ааты ылбыт IX кылаас үөрэнээччитэ Ай Куо Аммосова «Ахтар айыыһыт алгыһа» норуот ырыатынан саҕаланна.

Олоҥхону оскуола үрдүнэн 83 оҕо өйтөн аахта. Күрэс үс сүһүөҕүнэн барда: алын, орто, үрдүкү кылаастар. Оҕолор бары сахалыы таҥнан кытыннылар.

     Түмүккэ алын сүһүөххэ:

I Үрдэл – III кылаас бөлөҕө, П.Е.Решетников- Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ Көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» (сал. Антоева Лариса Ивановна).

II Үрдэл – II кылаас бөлөҕө,»Уот кугас аттаах Кустук Бухатыыр» олоҥхо (сал. Павлова Евдокия Павловна).

III Үрдэл – IV кылаас бөлөҕө, «Бухатыыр ата» (Дьулуруйар Ньургун Боотур) олоҥхото (сал. Захарова Александра Ильинична).

IV Үрдэл – I кылаас бөлөҕө, П.Е.Решетников-Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ көҕөччөр аттаах-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр” (сал. Захарова Александра Афанасьевна).

Орто сүһүөх кылаастарга:

I Үрдэл – V  кылаас бөлөҕө,  К.Г. Оросин «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото (сал. Ефимова Варвара Константиновна, Иванова Саргылана Алексеевна).

II Үрдэл –  VIII кылаас, Н.П.Бурнашов-Тоҥ Суорун «Кыыс Дэбилийэ Бухатыыр» (сал. Ефимова В.К., Баннова Наталья Борисовна).

III Үрдэл – VI кылаас бөлөҕө, С.С.Васильев-Борогонскай» Мөҥүрүүр Бөҕө» олоҥхо (сал. Ефимова В.К., Захарова Любовь Николаевна).

IV Үрдэл – VII кылаас бөлөҕө, У.Г.Нохсооров «Дыырай Бэргэн» олоҥхото (сал. Ефимова В.К., Сунхалырова Зинаида Анатольевна).

       Үрдүкү  кылаастарга:

I Үрдэл – IX кылаас бөлөҕө, С.С.Васильев-Борогонскай «Эрчимэн Бэргэн» олоҥхото (Сал. Ефимова В.К., Габышева Александра Васильевна).

II Үрдэл – XI кылаас бөлөҕө, П.А.Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхото (сал. Ефимова В.К., Матаннанова Дария Терентьевна).

III Үрдэл – X кылаас бөлөҕө, С.С.Васильев-Борогонскай»Айыы Дьураҕастай» олоҥхото (сал. Ефимова В.К., Ермолаева Мария Павловна).

          

  

Бу курдук биир ситимнээх куолаан үлэбит оҕо киһи буолан кииллийэн, саха буолан сандааран, өйүн-санаатын сааһылаан, саҥатын-иҥэтин чочуйан, дьарыктаан тахсарыгар олук уурара саарбаҕа суох.

    Варвара Ефимова, Дэбдиргэ, Таатта.

Поделитесь этой страницей