Олоҥхо баай тылын-өһүн таба суруйарга холонон - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо баай тылын-өһүн таба суруйарга холонон

Олоҥхо баай тылын-өһүн таба суруйарга холонон

Л. А. Попов аатынан Сунтаардааҕы киин бибилэтиэкэҕэ өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциацията, СӨ Национальнай бибилэтиэкэтэ, М. К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет, Олоҥхо научнай института, ХИФУ норуоттар тылларын уонна култууратын институтун көҕүлээһиннэринэн сылын ахсын ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи «Олоҥхо дьыктаана” аахсыйа ыытылынна.

Дьыктааны ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиограба Мария Иванова лоп-бааччы ааҕан суруйтарда. П. А. Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоттон быһа тардыыны барыта 42 киһи суруйда.

Ол курдук, “Үчүгэй суруксут” — Нелли Яковлева., ССОШ №1 10 “а” кылааһын үөрэнээччитэ, “Бастыҥ суруксут” — Тамара Спиридонова, СЦДТ фольклорга уһуйааччыта, “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” — Надежда Петрова, СХПК “Үрдэл” кылаабынай буҕаалтыра ыллылар.

Дьыктааҥҥа кыттыыны ылбыт дьоҥҥо барыларыгар Туоһу сурук туттарылынна.

Таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарар, олоҥхо баай тылын-өһүн, билиини-көрүүнү кэҥэтэр сыаллаах Олоҥхо декадатын чэрчитинэн ыытыллыбыт дьыктааҥҥа кыттыыны ылбыт бар дьоммутугар махталбытын тириэрдэбит.

Мария Алексеева,

ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа кылаабынай бибилэтиэкэрэ,

Сунтаар.

Поделитесь этой страницей