Олоҥхо ассоциациятын 25 сыла
Саха норуодунай бэйиэтэ Күннүк Уурастыырап ити курдук олус бэргэнник этэн, суруйан кэбиспитэ, бу, Национальнай эпоһы харыстааһыҥҥа “Олоҥхо Ассоциацията” Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ төрүттэммитэ 25 сыла туолуутун бэлиэтиир дьоро түһүлгэҕэ хаста даҕаны ахтыллан, ураты тыыннанан иһилиннэ.
Үйэ чиэппэрэ кэрэ-бэлиэ дааталаах тэрээһиҥҥэ ахсынньы 4 күнүгэр М.К.Аммосов аатынан ХИФУ “Сэргэлээх уоттара” Култуура киинигэр саха омук чулуу айымньытын ОЛОҤХОНУ харыстыыр, үйэтитэр, пропагандалыыр, сайыннарар, инники кэскилин түстүүр туһугар айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьар дьон мустубут. Бу күн, биллэн турар, эҕэрдэ, махтал тыллара этиллиэхтэрин этилиннилэр.
Мустубут дьону олоҥхолоон, оһуохайдаан, тойуктаан көрсөн, Дьокуускай куорат 7N-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрин уонна СӨ Култуура, ускуустуба кэллиэһин фольклоргакэлэктииптэрэ бэйэлэрин талааннарынанолус үөртүлэр, долгуттулар.
СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирэ Афанасий Ноев, бу курдук, ыччаттарбыт үтүө үгэстэргэ уһуйуллан, үүнэн-сайдан иһэллэрэ эрэлбитин өссө бөҕөргөтөрдиэн бэлиэтээн туран, мустубут дьону СӨ Бырабыыталыстыбатын уонна салайар министиэристибэтин аатыттан Олоҥхо ассоциация 25 сылынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлээтэ.
—Икки үйэ алтыһыытыгар, ХХ үйэ биһиэхэ бэлэхтээбит, биэрбит олоҥхоһуттарын, кинилэр айан таһаарбыт, ыллаан-туойан хаалларбыт олоҥхолорун, Платон Алексеевич Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхону аан дойду сэргээтин диэн суруйан хаалларбытын уонна эһиги — ытык сааскытыгар сылдьар, киэн туттар дьоммут, ону барытын иилэ хабан ылан, дьарыктанан, саҥалыы тыыны биэрэҥҥит, ХХ үйэ бүтүүтүгэр, кэлэр ХХI үйэҕэолоҥхобут – биһиги олохпут сайдыыта, философията буолар диэн, олоҥхону биһиги кэлэр кэскилбитигэр көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ биэриэхтээхпит диэн өйдөөн тураҥҥыт, маннык уопсастыбаннай хамсааһыны тэрийэҥҥит, олоҥхо тарҕаныытыгар, олоҥхо дириҥииригэр дьоһуннаах кылааккытын киллэрэҕит. Эһиги 90-с сыллартан олоҥхо туһугар туох баар күүскүтүн-кыаххытын биэрэн, айымньылаахтык үлэлиигит. Олоҥхо эйгэтэ – бу биһиги итэҕэлбит, философиябыт, бу биһиги кэлэр кэскилбит буолар, онон мин эһиэхэ махтанабын, сүгүрүйэбин! Биһиги бу ХХI үйэҕэ үктэнэрбитигэр, 1999 сыллаахха сөпкө тайаммыппыт, ону аан дойду өйдөөн, өйөөн, ЮНЕСКО курдук тэрилтэ саха Олоҥхотун өрө тутан, аан дойду култуурунай баайа-дуола буоларынан билиммитэ. Инникитин даҕаны бары бииргэ, түмсүүлээхтик, кэлэр кэскилбитин түстүөҕүҥ! — диэн туран, оччолорго өрөспүүбүлүкэ араадьыйатын-тэлэбиидэнньэтин салайан олорон Олоҥхо Ассоциацията тэриллиитин өйөөбүт, күүс-көмө буолбут култуура миниистирэ Афанасий Иванович Ноев “Олоҥхо Ассоциацията” Өрөспүүбүлүкэтээҕи уопсастыбаннай тэрилтэ Бэрэсидьиэнигэр Феврония Васильевна Шишигинаҕа Эҕэрдэ суругу туттарда.