Олоҥхолоох айанньыттар - Нерюнгрига - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхолоох айанньыттар - Нерюнгрига

Олоҥхолоох айанньыттар — Нерюнгрига

         Бу сайыҥҥы Олоҥхо ыһыаҕа Нерюнгрига буолар. Бырамыысыланнай куорат, биллэн турар, нууччалыы эйгэлээх. Онон олохтоохтору эрдэттэн бэлэмниир соруктан, олоҥхо диэн тугун билиһиннэрэ, хайдах толорулларын иһитиннэрэ, “Олоҥхолоох айан: НОО!” ыччат десана ахсынньы 9-12 күннэригэр Нерюнгрига үлэлээтэ.

Үһүс сылын тэриллэр олоҥхолоох айаны, Олоҥхо ассоциациятын өйөбүлүнэн, Култуура уонна ускуустуба Аартыкатааҕы үнүстүүтэ СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин кытта кыттыһан тэрийэр. Онон десаны АГИКИ үөрэххэ проректора Зоя Андреевна Стрекаловская салайан илдьэ сырытта.

Национальнай бибилэтиэкэ медиа-киинин режиссер-оператора Михаил Эверстов уонна “Олоҥхо” сайт редактора, суруналыыс Анисия Иевлева сырыыны сырдатарга матырыйаал хомуйдулар, олоҥхоһуттары уһуллулар.  

Ыччат десанын кыттыылаахтара саастарынан төһө эдэрдэрин иһин, номнуо өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр олоҥхоһуттар буолаллар. Чэ, холобура, наҕараадаларын барытын ааҕа сатаабакка, биирдии ситиһиилэрин бэлиэтээн билиһиннэрдэххэ, Мэҥэ Хаҥаластан “Олоҥхо-баттл” телевизионнай күрэс кыайыылаахтара Станислав Иванов (2023 с.) уонна Аксинья Степанова, Өймөкөөҥҥө 2023 с. ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын ыччакка муҥутуур кыайыылааҕа Марфа Аммосова, Хаҥаластан “Муҥха олоҥхото-2022» күрэххэ бастаабыт Прасковья Лебедева, Үөһээ Бүлүү улууһун Кэнтиктээҕи Олоҥхо оскуолатын уһуйааччыта, олоҥхо күрэхтэрин кыттыылааҕа Кондратий Герасимов, “Олоҥхо дойдутун оҕотобун” өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэс бастыҥа, Амма Бөтүҥүн “Оллоон” бөлөҕүттэн иитиллэн тахсыбыт Мира Егорова,  Бүлүү улууһун удьуор уус олоҥхоһут Шамаевтарын сыдьаана Нарыйа Шамаева.

         Нерюнгри оройуонун төрүт олохтоохторо – эбэҥкилэр. Онон нимҥаканнарын толорууга маастар кылаастары ыыта диэн, СӨ үтүөлээх артыыһа, норуодунай ырыаһыт, эбэҥки култууратын тарҕатааччы, 40 олоҥхону уонна бэйэтин норуотун нимҥаканнарын толорор Валентин Гаврильевич Исаков барса сырытта.

Кини аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктар оҕолоро үөрэнэр “Арктика” оскуола үөрэнээччилэригэр, итиэннэ кинини истэ диэн анаан кэлбит иенграларга нимҥакан ырыатын ыллаан иһитиннэрдэ уонна өйдөбүлүн, суолтатын быһааран кэпсээтэ.

         Дьарыктары эдэр толорооччулар эмиэ ыыттылар: Станислав Иванов бүлүүлэрдии оһуохайы көрдөрдө, Прасковья Лебедева хомуһу сыыйа тардыы ньымаларын билиһиннэрдэ, Марфа Аммосова кырыымпаҕа оонньуурга үөрэттэ, Кондратий Герасимов дэгэрэҥ ырыаҕа уһуйда.

         Ол эрээри наар бэйэбит олоҥхолоон тахсыбатыбыт, нерюнгрилар эмиэ холонон көрдүлэр. Ол курдук,  М.К. Аммосов аатынан 2-с нүөмэрдээх оскуола  үөрэнээччилэрин “Чуораанчык” уонна “Саха аймах” түмсүү актыбыыстарын “Ситим” бөлөхтөрө олоҥхолоон иһитиннэрдилэр.

Нуучча оҕолоро тойуктууллара, олоҥхо хомоҕой тылынан саҥараллара дууһабытын үөртэ, бу фольклорнай бөлөхтөрү салайар  Маргарита Дмитриевна Поповаҕа махтанар санаабытын күүһүртэ.  Кини бэйэтэ Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүттэн төрүттээх. Музыкальнай училищены бүтэрээт, Нерюнгрига ананан тиийбит. Онтон ыла 40-ча сыл тухары саха төрүт култууратын араас омук тоҕуоруһан олорор куоратыгар салҕыбакка тарҕатар, хомуска, тойукка, олоҥхоҕо уонна оһуохайга уһуйар.

Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар тыһыынчанан киһи кыттар үгэстээх. Хата, бу куоракка  оскуолалары таһынан, өссө орто анал үөрэх кыһалара бааллара абыраллаах буолсу: устудьуоннары массовкаҕа кытыннараллара чуолкай.

Ол иһин медицинскэй уонна  технологическай кэллиэстэргэ сылдьан, олоҥхо туһунан билиһиннэрэн сэһэргээн, презентация көрдөрөн, ыллаан-туойан аастыбыт.

Оттон 2-с оскуолаҕа букатын да саха култууратын билиһиннэрэн кэнсиэрдээтибит.

Онон устудьуоннар да, үөрэнээччилэр да олоҥхо туһунан син туох эрэ өйдөбүллээх хааллылар ини диэн эрэнэ саныыбыт.  

Олоҥхо дьоро киэһэтэ култуурунай-этнографическай киин балаҕаныгар буолла.

Нерюнгри оройуонун култуураҕа уонна ускуустубаҕа салалтатын начаалынньыга Туйаара Алексеевна Петрова кэлэн эҕэрдэлээтэ, түөрт күн устата улахан үлэни ыытан баран эрэрбитин бэлиэтээн эттэ.

“Саха аймах” түмсүү (сал. Ирина Ильинична Кузьмина) биир дойдулаахтарбытын ыҥыран, итиэннэ медицинскэй кэллиэстэн устудьуоннар баҕаларынан кэлэннэр, түмүктүүр тэрээһиммит бэрт сэргэхтик ааста.  

Олоҥхо хомоҕой тылын, кылыһахтаах тойугун истэн, “Саха аймах” олус долгуйда,  көрсүһүү бүппүтүн кэннэ, хас биирдиилэрэ илии тутуһан махтанна.

Дархан этээччи Станислав Иванов оһуохайыгар үҥкүүлээн, олус диэн астынан тарҕастылар.

Үөрбүппүт  диэн, биһигини улуус баһылыга Роман Михайлович Щегельняк көрүстэ, Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтин сырдатта, Аал Луук Мас хайдах буоларын көрдөрдө. Кини: “Урукку ыһыахтартан ураты буоларын ситиһиэхтээхпит”, — диир.

Бу айар айан биһиги десаммыт хас биирдии кыттыылааҕар олус туһалаах буолла.

Бастатан туран, олоҥхону билиһиннэрдибит, хайдах толорулларын иһитиннэрдибит.

Иккиһинэн, олоҥхобутун нууччалыы эйгэҕэ сырдатар уопуту ыллыбыт.

Үсүһүнэн, тэрилтэлэри кэрийэн, олохтоох нэһилиэнньэни кытта көрсөн, кыраайы үөрэтэр түмэлгэ сылдьан, Олоҥхо ыһыаҕа буолар оройуонун туһунан элбэҕи биллибит.

Төрдүһүнэн, Сээркээн Сэһэн настаабынньыкпыт, хаама сылдьар энциклопедиябыт, өркөн өйдөөх сир түннүгэ киһибит Валентин Гаврильевич Исаков кэрэхсэбиллээх кэпсээннэринэн, былыргы номохторунан, аан дойду эпостарын билэринэн, олоҕу анаарар мындыр көрүүлэринэн билиибитин хаҥаттыбыт.

  Бэсиһинэн, биир санаалаах ыччат маннык түмсэн, өссө да элбэх оҥкулу олохтоотубут, бырайыактары былааннаатыбыт, олоҥхобутун ыччакка хайдах тарҕатар туһунан сонун идиэйэлэри толкуйдаатыбыт.

Онон бары өттүнэн көдьүүстээх командировкабытын тэрийбит АГИКИ салалтатыгар, Нерюнгри дьаһалтатыгар уонна култууратын управлениетыгар барҕа махталбытын тиэрдэбит!    

        

Поделитесь этой страницей