«Харама Боотур уонна Амма Куо» олоҥхо-остуоруйанан
Олоҥхо ыһыаҕын көрсө бу күннэргэ Ольга Иванова-Сидоркевич аатынан оҕо айар, сайдар киинигэр биир дойдулаахпыт, Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыһа Марина Корнилова салалтатынан «Амма чэчирэ» ансаамбыл «Харама Боотур уонна Амма Куо» диэн Илья Семёнов-Ураанай Уола олоҥхо-остуоруйатын туруутугар үлэлэспитэ.
“Амма чэчирэ” ансаамбыл уус-уран салайааччыта Анна Матвеева ыҥыран, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа Марина Валерьевна Корнилова идиэйэ этэн, аан бастакытын туруоруллар испэктээккэ режиссерунан Сахаяна Харитонованы кытта ансаамбыл эдэр хореографтара Диана Кириллина, Юлианна Абрамова күүскэ үлэлэстилэр.
Олоҥхобут уратыта традиционнайтан арыый атын. Айааччыбыт Илья Владимирович Семёнов сүрдээх көҥүл суруйааччы. Тыла-өһө оҕоҕо тиийимтиэ. Төрөөбүт дойдуга, кэрэ айылҕаҕа таптал ылланар Олоҥхото. Түмүгэр Анна Матвеева толоруутугар, Вера Шилова матыыбыгар, Сайа тылларыгар “Харама хайата” диэн видеоклип быһаччы көстөр уонна иһиллэр. Сүрүн идеята Аммабыт сирэ-дойдута, айылҕата – дьон ытыктыыр, күүс ылар, ыраастанар – Айыы сирэ диэн ис хоһоонноох.
Ыһыахтан күүтэрим диэн –киһи сүрэҕин таарыйар ураты, дьикти, кэрэ түгэннэри. Амма бэйэм дойдум буоларынан, ыалдьыттар уонна Саха сирин олохтоохторо сөҕөн, махтайан, астынан дуоһуйууну ылыахтарын баҕарабын. Үйэлэр тухары умнуллубат Ыһыах буоллун диэн испэр долгуйабын, — диэн Марина Валерьевна санаатын үллэһиннэ.
Вера ИВАНОВА