Олоҥхо ыһыаҕар түмүк санааларым - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҥхо ыһыаҕар түмүк санааларым

Олоҥхо ыһыаҕар түмүк санааларым

Олоҥхо ыһыаҕар анал тэрээһиннэри көрөр былааммынан сыалланан, онно болҕомто ууран сырыттым. Тэрээһин барыта биир тэҥ бириэмэҕэ буолбут буолан, төһө да баҕардаргын, барытын хабан сиһилии көрөр кыах суоҕа. Онон бу түһүлгэ ордук этэ диир кыаҕым суох.

Ол курдук биһиги улууспутун көрсүбүт Амма Болугур нэһилиэгин түһүлгэтигэр сылдьан, нэһилиэк историятын олус сэргээтим. Улуус 14 нэһилиэгиттэн ойуччу элбэх талааннаах дьон тахсыбыт сирдэрэ эбит, археологическай да хаһыы барбыт, ону түҥ былыргы элбэх артифактара көстүбүттэрэ дакаастыыр. Олортон биирдэрэ — бу нэһилиэк туойтан оҥорон туттар иһитэ-хомуоһа былыргыттан биллэр эбит, билигин ол туойтан чороон, кытыйа уонна д.а. иһиттэри оҥорон, бэйэлэрин бренд курдук логотиптаах бэлэмнииллэр эбит. Бу нэһилиэктэн 5 норуот маастара үүнэн тахсыбыт эбит, кинилэр Мандар Уус аатырбыт туос ураһатын тигиигэ кыттыспыттар.
Маны сэргэ култуура сайдыытын боппуруоһугар тэрээһин үлэлэригэр туһалаах өттүн, олоҥхо боппуруостарын тула көрө-билэ сатаатым.

Ф.Ф. Потапов аатынан Норуот айымньытын дьиэтигэр биллэр улуус худуоһунньуктарын Николай Рязанскай, Ньургуяна Никифорова-Ойууна уонна норуот маастара Ульяна Нохсорова персональнай быыстапкалара улахан болҕомтону тарта. Кинилэр оҥоһуктара көрбүтү эрэ сөхтөрдө. Николай Рязанскай олоҥхо тиэмэтигэр ойууларын сиэрийэтин кэпсээтэ. Манна көрдөххө, Амма Хотун Айыыһыт уол оҕо кутун анаан ыытар, оҕо төрөөн, айылҕа кэрэ биһигэр улаатан, эт-сиин өттүнэн сайдан, күүстээх-күдэхтээх, дьонугар көмөлөөх Айыы Бухатыыра буолан ситэн-хотон тахсар уонна Аллараа дойдуттан батталга олорор дьону быыһаан, эт-сиин элэйэр охсуһуутун ааһан, Кэрэ Куону босхолоон, Адьарай уолун кыайан-хотон кэлэн, төрөөбүт дойдутугар Ил-Эйэ аҕаларын кэпсиир. Бу кини хартыыналарыгар олоҕуран, эдэр ааптар олоҥхо суруйан туруорууга бэлэмнээбитэ сөхтөрдө. Бу — олоҥхо сүппэккэ салгыы сайдарын туоһута буолар.

Маны таһынан Амма архыыбыгар «көмүс» кылаат кэриэтэ түмүллүбүт олоҥхоһуттарын туһунан матырыйааллары олус кичэллик харайан сытыараллар эбит. Элбэх кинигэ тахсыбыт. Сэдэх звуковой устуулар булуллубуттар. Улуу олоҥхоһуттарынан Т.В.Захарова-Чээбий, Үстүүн Нохсоров, Екатерина Иванова буолаллар. Кинилэр хаалларбыт нэһилиэстибэлэригэр олоҕуран, олоҥхо бу улууска сайда, эдэр көлүөнэнэн сурулла, дойдуларын аар-саарга аатырда тураллар.

Онтон салгыы 1945 сыллааҕы ыһыах киинэтэ олус күндү уникальнай матырыйаал буолан көһүннэ.
Сол күн В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап олоҥхолоругар олоҕуран, «Тойон Дьаҕарыма» олоҥхо-испэктээк Алтаннааҕы норуодунай кэлэктиип туруорда. Туруоруу көрөөччүгэ аныгылыы анааран көрүүтүгэр сөп түбэһэр гына артыыстар оонньооһуннарын, уот-күөс, таҥас-сап эбии киэргэтэн биэрдэ. Киин куоракка чугас буолан, олоҥхо тыйаатырын кытта ыкса сибээстээх үлэлииллэрэ харахха быраҕыллар.

Онтон Е.А.Захарова-Чээбий «Ала Булкун» диэн олоҥхотугар олоҕуран, «Очуллаан-Чочуллаан» диэн олоҥхо-испэктээги Эмис култуурунай киинин театральнай кэлэктиибэ туруорда, манна бэйэлэрин кыахтарынан саҥалыы сыанаҕа саҥалыы сүүрээн нөҥүө көрөөччү ылынарыгар интэриэһинэй толкуйу үөскэтэр.

Салгыы Олоҥхо ыһыаҕын арыллыытын тэрээһинин көрдүбүт, ол туһунан элбэх суруйуу буолла, аатырбыт Сергей Расторгуев төрөөбүт улууһугар талааннаах, биллэр дьонноруттан биирдэстэрэ буоларын өссө төгүл дакаастаата, кыаҕын-талаанын көрдөрдө.

Манна нэһилиэктэриттэн уонна улуус кииниттэн үс Алгысчыт алҕаата. Бу ыһыахха Дьөһөгөй оҕотун өрө тутулунна, манна Устин Нохсоров «Дыырай Бэргэн» олоҥхотугар олоҕуран театрализованнай көстүү буолла. Саха циркэтин үлэтин үрдүк чыпчаалын көрдөрдүлэр.

Биири бэлиэтээн этиэм этэ, 14 нэһилиэктээх Амма улууһун нэһилиэнньэтэ, кинилэр тэрийэр, толорор маастарыстыбалара көстүбүнэ хаалла

Манна сүрдээх күүстээх талааннаах олохтоох режиссердар баалларын билэбин, барытын киин куораттан кэлэн оҥорбут курдук көһүннэ. Биһиги итинтэн сэрэниэхпитин наада, бэйэ сирэ, бэйэ талаана, нэһилиэнньэтэ кыттан астыныахтаах, олохторун уратыта көстүөхтээх.

Салҕыы, Олоҥхо персонажтарын толорууга өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэс буолла, манна 30 араас персонаж толоруутун көрдүбүт, олус интэриэһинэйдик барда. Ол иһигэр: Аан Алахчын Бухатыыр, Кыыс Кыскыйдаан, удаҕан, Абааһы уола, Кыталык куо, Айыы Умсуура Удаҕан, Сорук Боллур уо.д.а.курдук оруоллары толордулар.

Итини сэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи үс төгүлүн ыытыллар «Олоҥхону ааҕыы» ыытылынна, манна кыттааччы 5 мүнүүтэ тиэкис ааҕар, кини ааҕарыгар Олоҥхо сюжетын ис хоһоонун истээччигэ куолаһынан оонньоон тириэрдэ сатыахтаах.

Киэһэ оҕо музыкальнай-хореографическай образцовай кэлэктиибэ «Баһырҕастаах бастаах Баарый Баатыр» эдэр олоҥхоһут Юрий Борисов айымньытыгар олоҕуран туруордулар. Бу оҕону кыра эрдэҕиттэн олоҥхону өйдүүр буоларга иитэр сыаллаах үлэ буолла. Оҕолору кытта күүстээх айымньылаах үлэ барбыт.

Саха Сиригэр олохтоох аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэрин тэрээһиннэрэ олус өрө көтөҕүллүүлээхтик интэриэһинэйдик ыытылыннылар

Быйыл барыта 13 улуустан кытта кэлбиттэр, ол иһигэр Хабаровскайтан долганнар, Амурскай уобаластан — эбэҥки кыыһа. Биһиги улууспутуттан Березовкаттан 4 киһи кытынна, кинилэртэн 2 киһи араас күрэскэ кииристилэр. Антонина Винокурова уонна Октябрина Новосельцева олус ситиһиилээхтик кытыннылар, биһиги улууспут эбээннэрэ төрүт култуураларын уонна традицияларын түҥ былыргыттан илдьэ кэлэн, сүтэрбэккэ, өссө сайыннара туралларын чорботон бэлиэтэннэ. Орто Халыматтан Березовкаттан төрүттээх ырыа айааччы, толорооччу Татьяна Соросова туох баар тэрээһиннэрин ыытан, солбуллубат салайар биллэрээччинэн сырытта.

Биһиги Октябринабыт улахан болҕомтоҕо сырытта, кини дьон көрдөһүүтүнэн маастар-кылаас көрдөрдө. Түһүлгэҕэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга анаан-минээн сырытта, улахан үөрүүнү аҕалла. Айсен Николаев олус үчүгэй тыл эттэ, түҥ былыргы олохтоох норуоттар сүтэн-симэлийэн хаалбакка, тиллэр-сайдар бириэмэлэрэ кэлбитин тоһоҕолоон. Халыма эйгэтигэр олорор биһиги омуктарбыт: Черскэйтэн аатырбыт толорооччу Вячеслав Кемлиль, Андрюшкиноттан аатырбыт Клепечин ансаамбыла саҥалыы сайдыы суолугар үктэммитин туһунан истэн, Орто Халыма талааннаах һээдьэлэрэ долгутта, үөртэ даҕаны.

Өрөспүүбүлүкэбит култууратын миниистэрэ Афанасий Ноев Октябрина Новосельцеваҕа 2025 с.Нерюнгри куоракка ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бөлөҕүнэн кытталларыгар ыҥырда. Өссө манна Халыма кийиитэ Светлана Колесова Амурскай уобалаһын эвенкийката буолан, норуотун култууратын билиһиннэрэн олус сэргэхситтэ. Бу маннык түгэннэр олус үөрдэллэр, инники үлэҕэ кэпсэтиилэр саҕаланнылар, Халыма Эбэҕэ ыаллыы сытар аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыттыах, тэрээһиҥҥэ уопсай былаан ылан үлэлэһиэх буоллулар.

Маны таһынан ханна бириэмэ көстөрүнэн тэрээһиннэри көрө сатаатым, олоҥхону толорууну, оһуохай этиитин, олоҥхо тиэкиһин ааҕыы курдук күрэстэри, о.д.а.түмүгэр өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕын көрөн-истэн сылдьыы, бэйэбит түөлбэбитигэр, норуот култуурата сайдарыгар тэрээһиннэри былаанныырга көмө буолуо дии саныыбын.

Олох уһаппакка улууспутугар, аан бастаан култуура салалтатын үлэтэ сөргүтүллүөн наада

Мин Халымабыт култууратын үлэтин систиэмэтин 1975 сылтан билэбин, ол тухары билиҥҥи балаһыанньа курдугу өйдөөбөппүн, хаһан-хайдах да буоллар, син улууска култуура салалтата баар буолара. Бу отдел үлэтэ улуус салалтатын үлэтигэр нэһилиэнньэни кытта үлэҕэ саамай биир тутаах салаа буоларын өйдүүр наада. Салайааччы политическай уонна духуобунай өттүн түмэр күүс буолар. Билиҥҥи туругунан нэһилиэк-нэһилиэгинэн тус-туһунан (отдельные княжества) үлэлии олороллор. Ханна эрэ күүстээх үлэ барар, ханна эрэ ээл-дээл кыахтарын туһаммакка үлэлииллэр. Маннык быһыы салҕанар түгэнигэр, инники үлэҕэ охсуулаах, харгыстаах буолар чинчилээх.

Култуура үлэһиттэригэр хамаандалаан, бирикээстээн тугу да ситиспэккин, айар үлэҕэ олус чараас дууһалаах дьон. Кинилэр наада диэн ылыстахтарына түүн-күнүс, сынньалаҥы аахсыбакка үлэлииллэр.

Ол иһин 2029с. Орто Халымаҕа ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинин үлэтигэр, култуура салаатын үлэһиттэрин кытта санаа-оноо үллэстэн, хас биирдии хардыыга сүбэнэн, сөпсөһүүнэн эрэ былаан ылынар булгуччулаах, манна мин маннык өйдүүбүн, маннык гыныҥ диэн, наар кумааҕы циркуляциянан эрэ үлэлиир олох сыыһа, толкуйдаан быһаарсан, туоларын, ол түмүгүн ырытыы о.э.ситиһиитэ, кыаллыбатаҕа ырытыллан, оччоҕо эрэ хардыы баран иһиэ.
Улууспутугар култуура үлэтин өттүгэр инники элбэх үлэ эрэйиллэр, национальнай норуот айымньытын, фольклор өттүн сайыннарыы, дьону көҕүлээһин.

Анаалыс түмүгүнэн былааҥҥа киллэрэр этиилэрим:
  1. Халыма олоҥхоһуттарын түөрт Олоҥхотун олохтоох эрэдээксийэҕэ бэчээттэтии уонна улууска тарҕатыы;
    2. Халыма үһүйээннэрин, номохторун, үгэлэрин, ырыаларын мунньан кинигэ таһаарыы (улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ эппиэттиэн сөп);
    3. Орто Халыма куоратыгар уонна нэһилиэктэринэн, уһуйаан оҕолоруттан саҕалаан улахан дьоҥҥо Олоҥхону тиэкистээн ааҕыыны сайыннарыы, Олоҥхо толоруутугар күрэс, оһуохай күрэҕэ, олоҥхоһуттар тустарынан, архыыбынай дааннайдары хомуйан видео-киинэ оҥоруу (холобур саамай урукку 1903 с. Орто Халыматтан Винокуров олоҥхолуур ырыата баар, бу боппуруоһу улуустааҕы мусуой эппиэккэ ылыан сөп);
    4. Аҕыйах ахсааннаах дьоммут тула түмсэн көмөлөһүү (салайааччы О.Р. Новосельцева);
    5. Халыма улуустарыгар түмсэн хардарыта көрсүһүү, бэстибээл тэрийэн ыытыы;
    6. Улахан үлэ барыан наада (старожилы-казаки Колымы) култуураларын түмсүүтүн тилиннэрии, сайыннарыы;
    7. Үөһээ, Аллараа Халыманы (Походчане), Русско-Устьены (Чокурдах) кытта ситим олохтооһун;
    8. Олоҥхо туруоруута (кэлэр сылтан Өлөөкө Күөлэ уонна норуодунай тыйаатыр саҕалыахтарын сөп);
    9. Олоҥхоттон быһа тардыы тэттик көрүҥнэригэр конкурустары олохтооһун;
    10. Олоҥхолооһуҥҥа үөрэтии, күрэхтэри тэрийии (бастаан оҕолорго 5 мүн.,улахаттарга 10 мүн. саҕалыахха сөп);
    11. Норуот ырыаларын, хомус, саха инструменнарын ансаамбылларын тэрийии, үөрэтии хас нэһилиэк ахсын;
    12. Саха иһиттэрин оҥоруу (чороон, кытыйа) уо.д.а.;
    13. Саха таҥаһын дэлэтии, сайыннарыы, маастар-кылаас ыытыы уо.д.а.

Ааптар: СӨ Норуодунай тыйаатырын салайааччыта О.А.Винокуров, Халыма долгуннара

Поделитесь этой страницей