Эрилик Эристиин «Айыы Дьөһүөл» олоҥхотун биир дойдулаахтара толороллор
Эрилик Эристиин. Сахалар Островскайбыт: хараҕа көрбөт буолбутун да кэннэ, айарын уҕарыппакка, дьонунан суруйтаран, саха литературатыгар роман курдук бөдөҥ айымньыны бастакынан бэлэхтээбит улуу киһибит. Кини бүгүн төрөөбүт күнэ: 1892 сыл тохсунньу 24 күнүгэр Боотур Ууһун (Чурапчы) Чакырыгар күн сирин көрбүтэ.
Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах олоҥхоһут, тылга айылҕаттан тыыппалаах талба талаан буолан, туох да улахан үөрэҕэ суох да буоллар, устуоруйа кырдьыгын сэһэргиир, ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа саха олоҕун-дьаһаҕын, сэбиэскэй былаас олохтонуутун, гражданскай сэрии сылларын, өрөбөлүүссүйэ тиэмэтин сырдатар сэһэннэри, романы, пьесалары, поэмалары, кэпсээннэри, ону сэргэ «Буура Дохсун», «Айыы Дьөһүөл», «Харалаах Мохсоҕол», «Талыы талба бухатыыр» диэн олоҥхолору суруйан хаалларбыт өлбөт-сүппэт үтүөлээх. Кинигэлэрин кэллиэксийэтин бу сигэнэн киирэн көрөҕүт https://new.nlrs.ru/collections/1871
Кырдьыга да, суруйааччы төрөөбүт Чакырын нэһилиэгэр олоҥхоһуттар былыр да, быйыл да уутуйан үөскүүллэр. Чакырдар олоҥхону сыанаҕа испэктээк быһыытынан сэбиэскэй былаас кэмигэр да утумнаахтык туруораллар эбит. Ол туһунан РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ култууратын бочуоттаах үлэһитэ Мария Герасимова-Сэҥээрэ суруйан турар. Ол курдук, И.Г.Теплоухов-Тимофеев “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” (1951), П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” (1954), “Ньургун Боотур” (Суорун Омоллоон олоҥхо-тойугунан, 1957), Ойуунускай “Туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо” ( 1993, 2000, 2001), «Дьулуруйар Ньургун Боотур» (оҕолорго литературнай-музыкальнай дьүһүйүү, 2000), Кирилл Никифоров “Айдааннаах айаннаах Ала Буурай аттаах Мохсоҕоллой Боотур” (2008), Эрилик Эристиин “Буура Дохсун” (2012, 2013) олоҥхолорунан испэктээктэр турбуттар.
Күн бүгүн Чакыр олоҥхоһуттарыттан Анастасия Алексееваны дьон-сэргэ үчүгэйдик билэр буолуохтаах: Олоҥхо тыйаатырын бастыҥ артыыһа буоларын, “Силис” киинэни кини олоҥхолоон кэпсиирин, “Саха” НКИХ “Олоҥхо-баттл” күрэҕэр кыайбытын, “Истиҥ” диэн олоҥхону ырытар-анаарар бэртээхэй подкастааҕын, кыра эрдэҕиттэн үгүс-үтүмэн куонкуруска миэстэлэһэрин, “MuusUstar” ыччат бэстибээлигэр олоҥхону аныгылыы ньыманан толорон сөхтөрбүтүн.
Оттон бүгүн биһиги Анастасия Алексееваны холобур оҥостор аҕас-балыс Нарыйаана, Туйгууна, Чэмэлиинэ Павловалары, итиэннэ кинилэр убайдара Өркөнү, балтылара Мичилиинэни, ийэлэрэ Татьяна Михайловнаны, аҕалара Евгений Викторовиһы, эбээлэрэ Татьяна Ивановна Адамованы, билиһиннэрэбит. Кинилэр Төһөтүү Ньукулайтан силистээх-мутуктаах, ырыа куттаах Элэгэнтээс Адаамап сыдьааннара буолаллар.
“Биһиги дьиэ кэргэни олоҥхоҕо чугаһыппыт, угуйбут, кучуйбут киһибитинэн кыыспыт Туйгууна буолар. Кини 5 сааһыттан олоҥхолуур. Эбээтэ Татьяна Ивановна уһуйбута. Ийэм Чакыр оскуолатыгар фольклору үөрэтэр”, — диэн кэпсээбитэ Татьяна Михайловна олоҥхону дьиэ кэргэнинэн толоруу “Төрүт ситим” күрэҕэр.
Ол күөн күрэскэ орто кыыс Чэмэлиинэ күүстээх куолаһа, кырачаан Мичилиинэ тулуйан-тэһийэн истэн олорбута, “Уолан” гимназия үөрэнээччитэ Өркөн Адамов улахан киһилии боччума, Туйгууна олоҥхо сүнньүн тутара, Нарыйаана тойуга, аҕалара Үрүҥ Аар тойону уонна абааһыны тэҥинэн толорбута, эбээлэрин кылыһаҕа, ийэлэрэ Татьяна барыларын тылын нойосуус билэрэ көрөөччүлэри сэҥээрдибитэ.
Эдьиий-балыс Павловалары Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыаҕар билсибитим. “Үс чуораан” диэн бөлөх тэринэн кыттыбыттара.
Бу үөрэх дьылыгар Павловтар Горнай улууһун Бэрдьигэстээҕэр көһөн барбыттар. Туйгууна Чурапчы С.А. Новгородов аатынан оскуолатыттан Чакырга эбээтигэр доҕор буола кэлбит. Онон олоҥхоҕо өссө дьарыктанара сэрэйиллэр.
Дьэ, итинник диэн кылгастык сырдатан туран, Эрилик Эристиин түөлбэтиттэн төрүттээх, Лөһөтүү Ньукулайтан силистээх-мутуктаах Элэгэнтээс Адаамап сыдьааннара биир дойдулаах суруйааччылара “Айыы Дьөһүөл” олоҥхотун толороллорун бүгүн Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин төрөөбүтэ 133 сылынан таһаарабыт.
Анисия, Михаил Соргулар бэлэмнээтилэр.