Боодьоҕос олоҥхотун дойдутугар көрдөрдүлэр
«Кыһыл көмүс мааскаҕа» бэлиэтэммит «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону 2000 сыллаахха режиссер Андрей Борисов Саха тыйаатырыгар туруорбута. Сүрүн оруолга Степанида Ильинична Борисова оонньообута.

2021 сыллаахха Степанида Борисова бэйэтэ режиссердаан, бу испэктээги саҥаттан туруоран, көрөөччү дьүүлүгэр таһаарбыта.
Кулун тутар 19 күнүгэр Олоҥхо тыйаатыра төрүттэммитэ 17-с сылынан Бороҕон нэһилиэгин «Тойон Мүрү» сыанатыгар «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхонон испэктээги аан бастакытын олоҥхоһут Николай Петрович Бурнашев-Боодоҕос төрөөбүт дойдутугар көрдөрдө.

Сүрүн оруолун тыйаатыр эдэр кэскиллээх артыыһа Анастасия Алексеева толордо.

Артыыстар бары даҕаны сүрдээх имигэстэрин, кылыһахтаах куоластарын көрөөччү сөбүлүү көрдө, иһиттэ.

Түмүккэ улуус баһылыгын солбуйааччы Анатолий Сторожев артыыстарга махтал истиң тылларын эттэ, сэмэй бэлэҕин туттарда.
Олоҥхо тыйаатыра иһитиннэрэр.