«Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону истэ кэлиҥ! - Сайт Олонхо
Главная / События / «Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону истэ кэлиҥ!

«Кыыс Дэбилийэ» олоҥхону истэ кэлиҥ!

Олоҥхо тыйаатырын артыыһа, олоҥхоһут Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр төрөөбүт күнүн көрсө, бар дьонун Н.П.Бурнашов-Боодоҕос “Кыыс Дэбилийэ» олоҥхотуттан быһа тардыыны толоруутугар ыҥырар.

Буолар сирэ: В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ дьиэтэ. Аадырыhа: Фёдор Попов аатынан уул., 18.

Күнэ-дьыла: ыам ыйын 3 күнэ.

Бириэмэтэ: 16:00 чаастан.

Киириитэ: БОСХО.

Олоҥхо умсулҕаннаах кэрэ киэhэтигэр, сахабыт тылын сүмэтигэр угуттанан, кэрэ дорҕоон, тойук күүһүнэн ыраастанан, алгыстанан бараргытыгар ыҥырабыт.

Кэлэргитин бигэргэтэн суруйтарар нүөмэргит: wa.me/79627376035

Поделитесь этой страницей