Остуоруйа уобарастара - Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэлэрэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Остуоруйа уобарастара - Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэлэрэ

Остуоруйа уобарастара — Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэлэрэ

 “Айыы санаа айана”  диэн ааттаммыт быйылгы Олоҥхо ыһыаҕын дьаралык бэлиэлэрэ бигэргэннилэр.  

Ол курдук, Өймөкөөн улууһун аатырбыт Лабыҥкыр күөлүн кыыла Лаби, луо куттаах, хотой тыыннаах Мэндэ бухатыыр уонна Хомпо хотой. Бу уобарастары Е.Иринцеева-Огдо остуоруйатыттан ыллылар. Кинилэри Уус Ньара худуоһунньуга, “Пегас” оҕо айымньытын дьиэтин үлэһитэ Егор Неустроев ойуулаата.

Тоҕо остуоруйаттан ыллылар диэтэххэ, оҕо аймахха анаан айыллыбыт персонажтар көлүөнэ солбуһугун кэрэһилииллэр. Ол аата, Олоҥхо ыһыаҕа төһө да былыргы айымньыны үйэтиттэр, аныгылыы тыыннаах, эдэрдии эйгэлээх, оҕолуу дууһалаах.

Мэндэ – инники кэскилбит, норуотун араҥаччылыыр айыы санаалаах уолан бэрдэ. Хомпо хотой – дойдуга бэриниилээх буолуу туоһута, күүстээх санаа кэрэһитэ. Ис киирбэх Лаби – өймөкөөннөр дьиктилээх-дьиибэлээх Лабыҥкыр күөлүн туһунан үһүйээннэриттэн уонна олоҥхолоруттан үөскээбит дьоруой, бу улуус ураты айылҕатын, тымныы оройо буоларын көрдөрөр.

Оҕо аймах уобарастарын Олоҥхо бэлиэтин быһыытынан бигэргэтии –  тустаах тэрээһин кэскиллээҕин кэпсиир. Бу уобарастарынан өссө ойуулуктар айыллыахтара, айымньылар суруллуохтара.

Поделитесь этой страницей