Александр Жирков Олоҥхо ыһыаҕар этиитэ - Сайт Олонхо
Главная / Ысыах / Александр Жирков Олоҥхо ыһыаҕар этиитэ

Александр Жирков Олоҥхо ыһыаҕар этиитэ

Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын үөрүүлээх аһыллыытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков этиитэ:

— Күндү доҕоттор! Бука барыгытын Олоҥхо ыһыаҕынан эҕэрдэлиибин!

Үгүс үйэлэр анараа өттүлэригэр, сүүһүнэн көс сири уҥуордаан, биһиги аймах билэ дьоммут – бороҕоттор, байаҕантайдар, боотур уустара, намнар, онтон хаҥаластар, бүлүү бөлөхтөр – бу өйүмэлээх Өймөкөөн сирин сөбүлээн, ыҥырсан-сирдэтэн кэлэн олохсуйбуттара. Онон бүгүн биһиги былыргы аймах-билэ дьоммут сиригэр-уотугар кэлэн турабыт.

Биһиги өбүгэ дьоммут манна кэлэн баран олохтоох дьүкээгир, эбээн дьонун кытта бэркэ бодоруһан, бу сири сөбүлээн, хайҕаан, саха үгэһинэн сэлии сэргэ туруоран, чэчир анньан, салама иилэн, аар баҕаҕы туруоран, биэ ыан, кымыс көөнньөрөн бастакы ыһыаҕы ыспыттара. Сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр.
Бүгүн биһиги манна өбүгэлэрбит ол үтүө үгэстэрин салгыы үйэтитэ, ол туһугар мустан олоробут.

Өймөкөөттөр, эһиги үһүйээннэргитин үчүгэйдик хомуйбут дьоҥҥут. Ол үһүйээннэргэ кэпсэнэринэн, уон тохсус үйэ диэки атын итэҕэл кэлиэҕиттэн саха дьоно ыһыаҕы, сорох атын да үгэстэрин сыыйа умнан барбыттара диэн сурулла сылдьар. Ону 1924 сыллаахха Алексей Елисеевич Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй Сэйимчээнтэн, ити Халыма илин өттүн алта салаата: Бөрөлөөх, Сэйимчээн, Таскан, Оротук, Балыгачан – олоччу Саха сиригэр киирэллэр этэ. Дьэ ол 1924 сыллаахха Өксөкүлээх Өлөксөй Сэйимчээнтэн Дьокуускайга төннөн иһэн манна Үрэх Төрдө диэн сиргэ саха үгэһин хаттаан сөргүтэр инниттэн сахалыы ыһыах ыспыта –тоҕус уон тоҕус сыл анараа өттүгэр.

Ыһыах былыр-былыргыттан дьон-сэргэ сөбүлээн олохсуйар, тоҕуоруһар сиригэр ыһыллар. Ыһыаҕы кыахтаах, бас-көс дьон тэрийэр. Ол аата Ыһыах дьон-сэргэ түмсэр, тоҕуоруһар кыахтаах, инники өттүгэр кэскиллээх сиргэ – онно ыһыах ыһыллар. Ол сыыһа буолбатаҕа. Күн бүгүн бу Иккис Бороҕон сирэ-уота ытык Өймөкөөн сиригэр олохсуйбут саха түөлбэлэрин киинэ буолла. Бүгүн биһиги Өксөкүлээх кэнниттэн биир үйэ буолан баран, Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев быһаччы дьаһайыытынан ол үтүө үгэспитин салҕаан, ыһыах ыһарга, дьону түмэргэ, инники өттүбүтүгэр алгыс түһэрэргэ хомунан-мустан олоробут.

Сахалар, биһиги, ааспыты умнубаппыт, инникигэ дьулуурдаахпыт. Эһиэхэ, Өймөкөөн дьонугар-сэргэтигэр Олоҥхо ыһыаҕын тэрийбиккитигэр, тулааһын, көмө буолбуккутугар барҕа махтал буоллун. Эһиги, өймөкөөттөр, сирдээх-уоттаах буолуҥ, дьонноох-сэргэлээх буолуҥ, кэнчээри ыччаккыт кэскиллээх буоллун, төрөтөр оҕоҕут төлкөлөөх буоллун, хонуу – хонуу аайы хороҕор муостааҕы хотолдьутуҥ, сыһыы сыһыы аайы сыспай сиэллээҕи сыыдамсытыҥ. Инникилээх, дьоллоох-соргулаах олохтоох ытык Өймөкөөн сирин аата ааттана турдун!

Бүгүн биһиэхэ, саха дьонугар, бэлиэ күн. Аал уоту оттон, торҕо буруо унаарытан, ол өндөл маҥан халлааҥҥа өрө унаарыйан тахсан бу итир былыт үөһээ өттүгэр үрдүкү айыыларбытыгар тиийэн, ол бэйэлээхтэр, атын ханнык даҕаны сыты кытта буккуйбакка, аллараа өҥөйөн көрөн саха дьоно-сэргэтэ кинилэр үрдүк ааттарыгар мустан ыһыах ыһан, далбар тардан олороллорун көрөн өҥү-быйаҥы, уйгуну-дьаалыны туһаайдыннар диэн былыргы өбүгэлэрбит саҕаттан көрдөспүт көрдөһүүбүтүн, амалыйбыт амалайыыбытын, сиэрбитин-туоммутун тутуһабыт. Ону кинилэр иһиттиннэр, саха дьонугар-сэргэтигэр дьоллоох-соргулаах олоҕу, баайы-тоту, инники өттүгэр кэскили туһаайдыннар.

Күндү доҕоттор, үчүгэйдик ыһыахтааҥ! Биһигини, саха дьонун, үрдүк айыыларбыт, үтүө өбүгэлэрбит үрүҥ тыыннара хараанныы, харыстыы сырыттын, инникибитин көрө-истэ, алгыы амалыйа сырыттыннар.

Саха норуота үйэлэртэн үйэлэргэ баар буоллун! Саха Өрөспүүбүлүкэтэ үйэлэртэн үйэлэргэ чэчирии, сайда турдун!

Биһиги, саха норуота, бу былдьаһыктаах быыһык кэмҥэ тумус туттан, анаан-минээн бэйэбит иннибитигэр таһаарбыт Ил Дархаммытыгар уруй-айхал буоллун!

Биһиги алгыс тылбыт, кэскиллээх санаабыт киниэхэ сыралаах үлэтигэр, туруулаһар дьулууругар күүс-көмө, бөҕө тирэх буоллун!

Саха дьоно бука бары дьоллоох-соргулаах, инникигэ дьулуурдаах буолуоҕуҥ!

Улуу Олоҥхо ыһыаҕар, өбүгэлэрбит үтүө өйдөбүллэригэр, үрдүк ааттарыгар уруй-айхал буоллун!

Поделитесь этой страницей