Оҕолор олоҥхону ойуулууллар - Сайт Олонхо
Главная / События / Оҕолор олоҥхону ойуулууллар

Оҕолор олоҥхону ойуулууллар

Горнайга «Олоҥхо дойдута» диэн 5-12саастарыгар диэри саастаах оҕолорго Кировскай нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр уруһуй күрэһэ түмүктэммит. Барыта 23 оҕо кыттыбыт. Кыттааччылар  туоһу суругунан уонна сэмэй бириистэринэн бэлиэтэммиттэр.

Эһиги болҕомтоҕутугар бибилэтиэкэр Сайыына Терентьева оҕолор уруһуйдарын хаартыскаҕа түһэрэн ыыппытын таһаардыбыт. 

«Олоҥхо үс дойдута». Андреева Анжелина, 5 кылаас. II миэстэ.
«Туйаарыма Куо уонна Үрүҥ Уолан». Леонтьев Лазарь, 1 кылаас үөрэнээччитэ. II миэстэ
«Бухатыыр кыыс». Павлова Эвелина, 4 кылаас. III миэстэ
«Олоҥхо орто дойдута». Платонова Ярослава, 4 кылаас. I миэстэ
«Дьулуруйар Ньургун Боотур». Саввина Нарияна, 6 саастаах. I миэстэ
«Эпос Олоҥхо». Протасова Уйгууна, 2 кылаас. I миэстэ
«Дьулуруйар Ньургун Боотур». Слепцов Боотур, 6 саастаах. II миэстэ

«Ньургун Боотур уонна Уот Уһутаакы». Петрова Алеся, 6 кылаас. I миэстэ
«Олоҥхо Бухатыыра». Кузьмин Петя, 6 саастаах. III миэстэ
«Олоҥхоһут». Максимова Эвелина, 5 кылаас. III миэстэ
«Дьулуруйар Ньургун Боотур». Неустроев Георгий, 3 кылаас. II миэстэ
«Сабыйа Баай Хотун уонна Томороон Тойон оҕонньор». Капитонова Регина, 1 кылаас. III миэстэ

Поделитесь этой страницей