Олоҥхо= ОЛ (олох) + ОҤ (оҥоһуутун) + ХО (хоһуйуу) - Сайт Олонхо
Главная / Журнал / Олоҥхо= ОЛ (олох) + ОҤ (оҥоһуутун) + ХО (хоһуйуу)

Олоҥхо= ОЛ (олох) + ОҤ (оҥоһуутун) + ХО (хоһуйуу)

“Аан дойду дьоно чулуу айымньытынан билиниллибит олоҥхобутугар хоһуйулларыныы, үктээтэххэ маталдьыйбат, охтон баранар мастаах, уолан бүтэр уулаах, ньуура уларыйа турар Орто туруу бараан дойду, билиҥҥи билим бигэргэтэринэн, баар буолбута баара-суоҕа 6 миллиард сыл буолбут! Быһа барыллаан 2,7 миллиард сыллар анараа уорҕаларыгар хайҕанар харахпыт арааран көрбөт быытыкаа биирис (virus) үөскүөҕүттэн олох саҕаланан, кубулуйа уларыйан (evolutio), куйаар кээмэйигэр тэҥнээтэххэ, чыпчылыйыы түтэнинээҕэр да түргэҥҥэ, биһиги кээмэйбитинэн 40-ча тыһыынча сыл анараа өттүгэр, сүүһүн анныттан өрө көрөн, КИҺИ үөскээбит эбит!”.

“Дьэ, ол былыргы дьыллар түгэхтэриттэн Аар Айыы бэлэхтээбит аарар аналлаах мэйиибит хас удьуор сүһүөх аайы чочуллан, сайдан, сатабылын таһыма кубулуйа уларыйан, буор куттан өйө-санаата салгын кут буолан арахсан, Халлаан куйаарын Үрдүкү Өйүгэр холбоһуохтаах. Бу хайысха — киһитийии”.

Итинник диэн суруйар бөлүһүөк, уһуйааччы, учуутал, худуоһунньук Баппаҕай Миитэрэй-Дьулусхаан Баппаҕай уола “Киһитийии” диэн кинигэтигэр.

—Киһитийии кистэлэҥэ олоҥхобутугар баар. Оттон билиҥҥи кэмҥэ олоҥхо суолтатын эн туохха көрөҕүнүй?

— Саха сахатыйаргар.  Уу сахаҥ тылыгар төннүөхтээххин. Онтубут билигин кыаллыбакка сылдьар. Ону ситиһэр биир төһүү күүс – олоҥхо. Кып-кырачаан оҕолор олоҥхону көрөн-истэн, «мин сахабын, мин эмиэ киһибин» диэн киэн тутта улаатыахтаахтар. Онно анаан ити сылын аайы Олоҥхо ыһыахтара ыһыллаллар, араас күөн күрэстэр, тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Олоҥхону сыыһа өйдөбүлтэн кэлин фольклор курдук оҥорон кэбистилэр. Омук өйүттэн айан оҥорбут айымньыта, аан дойду шедеврэ буолла. Дьиҥэр, олоҥхо суолтатын аата да көрдөрөр, туоһулуур – ол (олох), оҥ (оҥоһуутун), хо (хоһуйуу). Ангылычаанныы эттэххэ — historical science. Олоҥхо – саха омук хайдах олорон кэлбитин онобула (историята).

-Оччотугар сахалар историялара олоҥхоҕо хайдах ойууламмытый?

— Олоҥхоҕо Туйаарыма Куо блондинка, Үрүҥ Уолан блондин курдук ойууланан дьүһүйүллэллэр. Археологтар Алтаай таһыгар олорбут өбүгэлэрбитин хостоон үөрэтэн көрөн бараннар: «Круглоголовые европеоиды», — диэбиттэр. Нууччаларыҥ эмиэ сах сахалартан төрүттээхтэр ээ, кэлин славян буолбуттара. Сах сахалар биһиги эрабыт иннинэ Алтаай анныгар олордохторуна, кыргыыстар кырганнар, манна кэлэргэ күһэллбиттэр.

 Ол кэлбиттэрэ, элбэх да элбэх былыргы аһыйааттар (палеоазиаттар) олороллор эбит: өргүөттэр, солоҕоннор, майаҕатталар – бары олохтоох омуктар. Индеецтэргэ кроулар, дэлавэардар, ацтектар курдук, бары тус-туһунан омуктар этилэр.

Аар Айыы үөрэҕэ этэринэн, эн төһө кыахтааххын да, соччо элбэх ойохтонуохтааххын. Инньэ гынан, тоҥ уус араас кыргыттарын, дьахталларын ойох ыланнар, төрөөн-үөскээн барбыттар.
 Аны тоҥ уус хаана сүрдээх күүстээх (доминантнай) уонна ыраас (гомозиготнай). Инньэ гынан, тоҥ уус хаана баһыйан, аһыйаат курдук буолан хаалбыппыт. Холобур, ыраас нууччаны кытта ыраас саха ыал буоллахтарына, оҕолоругар нуучча хаана баһыйар. Төрдүлэригэр сахтарыҥ баар буоллахтара дии. Олоруҥ ханна да барбаттар ээ, удьуоргар, ийэ куккар хатана сылдьаллар. Онтуката нуучча хаанын кытта холбоһон, бастаан ордук нууччаҕа майгынныыр буолар. Онтон ол оҕо тоҥуһу кытта ыал буоллаҕына, ыраас саха үөскээн тахсар.

-Олоҥхолоох саха омук төрүт тыла аны 100 сыл  хайдах дьылҕаланыай? Сүтэр дуу, сайдар дуу?

— Итиннэ мин маннык этиэхпин сөп: билигин мин сахатытыыга туох баар күүспүн биэрэн кыһана сылдьабын.

Түөрт үйэ анараа өттүгэр сахалар нууччалар батталларын тулуйбакка, бүтэһик сэбилэниилээх өрө туруулара 1682 сыллаахха буолбута. Ону нууччалар буораҕынан эстэр тэргэннэрдээх, ыраахтан саайар саалардаах буоланнар кыайбыттара.

Дьиҥэр, бэриммиттэрин кэннэ, барыларын бүүс-бүтүннүү имири эһиэхтэрин эмиэ сөп этэ. Ол эрээри хаалларбыттара. Тоҕо? Аһынан буолбатах. Кинилэргэ бу дойдуну бас билэллэригэр кулуттар ирдэнэллэр этэ. Ким бултуой-алтыай, дьаһаах биэриэй? Ону хомуйар анал дьонноох этилэр.

Ол саҕана сахаҥ бөдөҥ-садаҥ, күүстээх-уохтаах, туһунан Аар Айыы үөрэхтээх, туһунан таҥара итэҕэллээх.

Аны саха төрүөҕэ бэркэ тахсара. Ити кэлин Сүбэ Дьаһаҕын (Сэбиэскэй Сойуус) кэминээҕи саха суруйааччыларбыт «өрөбөлүүссүйэ иннигэр сүүрбэ оҕолонон баран, иккитин илиилэригэр тутан хаалбыттар» эҥин диэн суруйаннар, итинник өйдөбүлү киллэртэрбиттэрэ.

Хайдахтаах да ыарахан олоххо элбээн-тэнийэн иһэрбитин иһин, нууччалар:  “Сотору эмиэ өрө туруохтара, хайдах гынабытый?” – диэн толкуйдууллара. Имири кыргарга эмиэ сатаммата. Ол иһин омук быһыытынан суох оҥорорго ньымалары көрдүүр буолбуттара. Инньэ гынан, Уйбаныап, Сиидэрэп, Бөтүрүөп оҥороннор, ааттыын-суоллун уларыталлар. Аҕабыыттары аҕаланнар, христиан итэҕэлин күүс өттүнэн соҥноон ылыннараллар.

Аны тылбытын суох гынаары гыммыттара да, хата, биһиги алаастарынан бытанан олорор буоламмыт, тылбытын тыыннаах хаалларан кэлбиппит.

 Дьэ, онтон Сүбэ Дьаһаҕын (ССРС) былааһа олохтонор. Инньэ гынан, алаастартан хомуйан ылан, холкуостары тэрийэллэр, хаһаайыстыбалры бөдөҥсүтүү саҕаланар.  Бэйэ-бэйлэриттэн тэйиччи олорбут дьон биир олбурга (село) ыаллаһа олордоллор. Инньэ гынан, кыайыах курдук буолан барбыттара.

Аны туран, хас эмэ сыллар тухары баттаан-куттаан, кулут уйулҕалаах, хамначчыт өйдөөх-санаалаах, куттас уонна истигэн оҥорон кэбистэхтэрэ дии. Холобур, эн сахаҕын.Сахалыы билэргин билэр киһи эйигин кытта, олуттаҕастык да буоллар, нууччалыы саҥара сатыаҕа. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, кини нууччалыы саҥардаҕына, бэйэтин үөрэхтээх курдук сананар. Улахан кастаҕа тиксибит курдук өйдүүр. Итинник толкуйга тиэрдибиттэрэ быданнаата.

Ол түмүгэр тылбыт олох мөлтөөн, сүтэн, ыалдьан, симэлийэр, суох буолар аатыгар барда. Дэлэҕэ «папа идёт буолаарай, окошконан посмотрилаа эрэ» эбэтэр «мин Уйбаныап Уйбаан диэммин, уу сахабын» диэн этиэхпит дуо?

Бэйэбитин сэнэнэн, бэл, маннык өс хоһоонун айбыппыт «Босхо моойдоох буор саха”. Тоҕо босхо моойдоох? Сөбүлээбэтэҕин да иһин, сөбүлэһэн кэҕиҥнии сылдьар диэн. Буруйа суоҕун да иһин, нуучча мөхтөҕүнэ, буруйданан умса баран түһэн, сири-буору булан, буор сирэйдэнэрин иһин. Ол иһин «буор саха» дэнэр.

Ол эрээри кэлиҥҥи кэмҥэ, уларыта тутуу кэмигэр, дьэ, өйдөнөммүт, биһиги эмиэ туһунан дириҥ силистээх-мутуктаах, улахан-сүдү өбүгэлэрдээх, дьиҥ Аар Айыы үөрэхтээх, таҥара итэҕэллээх омуктар, улуу сах сахалар сыдьааннара буоларбытын, хантан да кэлбит дьон буолбатахпытын, бу – бэйэбит төрүт ийэ дойдубут буоларын билинэммит, билигин син сахатыйа сатыы сылдьабыт.

— Ол да буоллар, атын омуктартан култуурабытын, тылбытын чөллүк тута сылдьабыт. Ыһыахпыт да аҥаардас төһөлөөх сөҕүмэр тэрээһиний?!  

— Сахалар ыһыах ыһарбыт булгуччулаах, хайаан да баар буолуохтаах. Дьиҥинэн, ыһыах  биир күн ыһыллыахтаах. Күн ордук сыралҕанын сиргэ биэрэрэ – бэс ыйын 22 күнэ. Ити күн эн күнтэн көрдөһөҥҥүн, нэгир (эниэргийэ) ылыахтааххын. Ол эрээри барыта бэс ыйын 22 күнүгэр тэҥҥэ буолара эмиэ сатаммат курдук. Онно төрүөт элбэх.

Биһиги олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылааммыт, саҥа технологиялары туттаммыт, ыһыахпыт тэрээһинин тупсаран иһиэхтээхпит. Олох былыргылыы ыытар чахчы итэҕэллээх эрэ буоллахха барара буолуо.

 Адольф Гитлер тоҕо чуолаан бэс ыйын 22 күнүгэр сэриинэн түспүтэ? Тибет 4 манааҕа сүбэлээбиттэр: “Бэс ыйын 22 күнүгэр сарсыарда 4 чааска. Күн тахсыытыгар, саамай улахан эниэргийэ кэлэр кэмигэр кимэн киирдэххинэ, хотуулаахтык киирэҕин”, — диэн.

Ол эрээри биһиги Ыһыахпыт күнэ бэс ыйын 21 күнүгэр олохтоммут. Тоҕо диэтэххэ, 1996 сыллаахха Арассыыйа бастакы бэрэсидьиэнэ Борис Ельцин бэс ыйын 22 күнүн Кутурҕан күнүнэн биллэрбитэ. Онон ол күн ыһыахтаатахпытына, траурдаабакка сылдьаҕыт диэн, омугумсуйууга күтүрүөхтэрэ диэн, 21-скэ эбэтэр 23-скэ ыһыахтыыр буолбуппут. Ыһыахпытын бэс ыйын 22 күнүгэр төннөрөрбүт буоллар. Ол гынан баран, биһиги тутулукпут  бэрт…

— Сахалар сахалыы ааттаналларын хайдах көҕүлүөххэ сөбүй?

— Барытын былаас уонна бэлиитикэ быһаарар. Холобура, Айсен Николаев төрүт өбүгэтин аатын ылынан, Тиит Айыы Сиэн диэн суруйтаран баран: “Пааспарынан саха буолбут хас биирдии киһиэхэ 100 тыһыынча солкуобайы биэрэбин”, — диирэ эбитэ буоллар, биир нэдиэлэнэн эн кытта Халлаан уола дуу, Ситим уола дуу эҥин диэн аат ылыммыт буолуоҥ этэ.

—Баппаҕай Дьулусхаан, ураты көрүүлэргин үллэстибиккэр махтанабын!

Өксөөн Гурьев

Поделитесь этой страницей