Олоҥхоһут Андросова-Ионова хос сиэнин көрүстүм - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхоһут Андросова-Ионова хос сиэнин көрүстүм

Олоҥхоһут Андросова-Ионова хос сиэнин көрүстүм

Биhиги биир дойдулаахпыт, Иккис Игидэй олохтооҕо, Сиимэн Силэпсиэп политсыылынай Всеволод Ионов Судаарыскайы аҕалан, Сэмэн сайылыгар (Ионов өтөҕө) олохтоон, бэйэтин уолун кытта үүт халбыйар хамначчыт кыыhын кытта бодоруһуннаран үөрэттэрэн, Мария Николаевна Андросова-Ионова диэн сахаттан бастакы үөрэхтээх дьахтар 2024 сыл күһүнүгэр төрөөбүтэ 2024 сылын туолар.

Кини сайдыылаах дойдуга, Санкт-Петербург куоракка, олоҥхону, тойугу, оhуохайы, хомуhу, алгыс этиитин этэн-тыынан туойан, улахан биhирэбили ылбыта.

,Мария Николаевна-Маайыс үөрэхтэнэн, Эдуард Пекарскайдыын, эринээн Всеволод Ионовтыын саха суруллар бэлиэлэрин ( буукуба) үөрэтэн, сурукка тиhэн, П.А. Ойуунускайга бигэргэтэн, холбоон ааҕыллар сахалыы тылларысуругунан бигэргэппит биир улуу айдарыылаах киhибит буолар.

Кини олоҥхоһут, этнограф, дьахталлартан бастакы учуонай. Быйыл Санкт-Петербурга бара сылдьан, М.Н. Андросова-Ионова хос сиэнин көрсөн кэлбитим.

Александр Винокуров, Уолба нэһилиэгин баһылыга, Таатта.

Поделитесь этой страницей