СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар - «Мэндэ Бухатыыр» - Сайт Олонхо
Главная / События / СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар - «Мэндэ Бухатыыр»

СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар — «Мэндэ Бухатыыр»

Алтынньы 24 күнүгэр күнүс 12 чаастан СӨ Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар «Мэндэ Бухатыыр» олоҥхо-испэктээк буолар.

Бу испэктээк Өймөкөөҥҥө 2023 сыл буолбут Олоҥхо ыһыаҕар көрдөрүллүбүтэ. Ыһыах ыалдьыттара ырыатын-тойугун, тыаһын-ууһун, артыыстар оонньууларын, көстүүмнэрин, сыана киэргэтиитин сөҕө-махтайа көрбүттэрэ.

Айымньы ааптара — оҕо биллиилээх суруйааччыта Евдокия Иринцеева-Огдо, сыанаҕа туруорааччы режиссер – СӨ үтүөлээх артыыската Валентина Якимец.

Олоҥхо ис хоһоонун кылгастык сырдаттахха, Өймөкөөн сиригэр саха уонна эбээн омуктара уйгуну-быйаҥы түстэһэн, эйэлээхтик уонна илгэлээхтик олорбуттар. Кинилэр аатырар Мэндэ Бухатыыр диэн киэн туттар күүстээх боотурдаахтар эбит. Маны сэргэ, үүт маҥан дьүһүннээх, имигэс мааны Табачааннарын ытыктыыллар уонна таптыыллар эбит.

Бу курдук быр-бааччы олоруохтарын, оонньуу сылдьан Күүдээх Боотур алҕас Мэндэ Бухатыырга олооччутун үктэтэр. Ол ыарыытыттан Күүдээх Боотур өһүрэн, абааһы аймаҕар үҥсэ ыстанар.

Онтон туох буолбутун баран бэйэҕит көрүҥ, уран тыл умсулҕанынан духуобунай эйгэҕитин байытыҥ.

Поделитесь этой страницей