Уолбаҕа олоҥхо дьоро киэһэтэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Уолбаҕа олоҥхо дьоро киэһэтэ

Уолбаҕа олоҥхо дьоро киэһэтэ

Саха дьахталларыттан бастакы учуонай, олоҥхоһут М.Н. Андросова-Ионова төрөөбүтэ 160 сылын көрсө, ахсынньы 4 күнүгэр Уолбаҕа Иннокентий, Виктория Боппосовтар балаҕаннарыгар «Олоҥхо омуннаах оонньуута» киэһэ буолан ааста.

Бастаан арчыланыы сиэрин-туомун ыыттылар. Онтон «Дьэ-буо» бөлөх толоруутугар «Үүт аас бэйэлээх Үрүҥ Айыы тойон ыччаттара» олоҥхону иһиттилэр.
Устя Лазарева Бүөтүр Решетников — Көһөҥө Бүөтүр «Күөнэ көҕөччөр аттаах Күн Күндүү бухатыыр» олоҥхотуттан быһа тардан толордо.

Ол кэннэ өбүгэ остуол оонньуулара ыытылыннылар. Хабылык, хаамыска күрэҕэ буолла.

Сахалыы астаах сандалы тула сэһэргэһиигэ олоҥхо туһунан, М.Н. Андросова-Ионова үбүлүөйүн хайдах бэлиэтиир туһунан кэпсэттилэр.


Поделитесь этой страницей