Сунтаарга - “Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан" - Сайт Олонхо
Главная / События / Сунтаарга - “Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан"

Сунтаарга — “Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан»

Олоҥхо диэн саха норуотун уус-уран тылынан биир саамай үрдүк чыпчаала. Олоҥхолоох буоламмыт, баччаҥҥа диэри баай тыллаах Урааҥхай Саха дэтэн олордохпут эбээт.

Сунтаар улууһугар Олоҥхо ыйа сэтинньи ый 9 күнүттэн 28 күнүгэр диэри бары нэһилиэктэри хабан, тэрээһиннээх үлэ ыытылынна.

“Олоҥхонон сирдэтэн, олоҥхолоох айан” диэн бырайыак сылын аайы тиһигин быспакка утумнаахтык ыытыллар.

Ол курдук, быйылгы сылга “Утум” олоҥхону толорооччулар Илимниир, Бордоҥ, Кириэстээх нэһилиэктэригэр уонна Сунтардааҕы техколледжка, оскуола оҕолоругар, устудьуоннарга, улахан дьоҥҥо, олоҥхолоон иһитиннэрдилэр.

Истээччилэр болҕомтолоохтук олоҥхону иһиттилэр, астыммыттарын биллэрэн: “Ноо!” -диэн саҥа аллайдылар, ытыс тыаһынан сэҥээрбиттэрин биллэрдилэр.

Үтүө үгэһи тэрээһиннээхтик ыытыспыт нэһилиэктэргэ, истээччилэри олохтоон биэрбит кулууп үлэһиттэригэр, тэрийээччилэргэ Сунтаардааҕы култуура салалтата истиҥ махталын тиэрдэбит.

Поделитесь этой страницей