“Олоҥхонон киирсии”- сэргэх тэрээһин - Сайт Олонхо
Главная / События / “Олоҥхонон киирсии”- сэргэх тэрээһин

“Олоҥхонон киирсии”- сэргэх тэрээһин

Сунтаарга Олоҥхо ыйын түмүктүүр, Хомус ыйын арыйар “Олоҥхо-барҕа баайбыт” тэрээһиҥҥэ Сунтаар үгүс нэһилиэктэрэ киирэн кыттыыны ыллылар.

“Олоҥхо дойдутун оһуордаах оонньуута” бэстибээл чэрчитинэн, саха эр киһитин кыһыҥҥы таҥаһын көрүү күрэһэ, “Олоҥхо-баттл” олоҥхонон киирсии уонна олоҥхону тарҕатыыга, үйэтитиигэ үлэлиир дьону бэлиэтээтилэр.

Олоҥхонон киирсиигэ 18 нэһилиэк икки сиринэн Сибиэрэп киинигэр уонна “Партизан” НАТК мустан, олоҥхону оройуттан туттулар.  Улахан, кыра, орто нэһилиэктэр диэн арахсан күрэстэстилэр. Ол курдук, олоҥхо тылынан уустаан ураннаан хамаанданы билиһиннэрии, олоҥхоттон быһа тардыы, олоҥхону аныгы ньыманан толоруу диэн түһүмэхтэргэ бэлэмнэнэн кэлбиттэрин көрдөрдүлэр. Түмүккэ улахан нэһилиэктэргэ 1 үрдэл   — Сиэйэ, Элгээйи нэһилиэктэрэ, 2 үрдэл — Кутана, 3 үрдэл — Тойбохой, Бордоҥ.

Орто нэһилиэктэргэ 4 нэһилиэк кытынна. 1 үрдэл — Дьаархан, 2 үрдэл — Түбэй Дьаархан, 3 үрдэл — Маар Күөл.

Кыра нэһилиэктэр  ордук көхтөөхтөрүн көрдөрдүлэр. Аҕыс нэһилиэк кытынна. Ол курдук, 1 үрдэл -Туойдаах, 2 үрдэл — Хоро, Илимниир нэһилиэктэрэ, 3 үрдэл — Түбэй нэһилиэгэ.

Олоҥхону аныгы ньыманан толорууга сонун сүүрээннэр көһүннүлэр. Атын истиилинэн олоҥхону толорууну дьон биһирээбитин биллэрэн, “Ноо”, “Тыый” диэн хаһыылар көрөөччү саалатыттан субу-субу иһиллэ турдулар.    

Мира Афанасьева, Туяра Алексеева хаартыскаҕа түһэриитэ

Поделитесь этой страницей