Мэҥкээрэп Чопчухаан олоҥхотун толоруоҕа - Сайт Олонхо
Главная / События / Мэҥкээрэп Чопчухаан олоҥхотун толоруоҕа

Мэҥкээрэп Чопчухаан олоҥхотун толоруоҕа

Саҥа үүммүт Айыыһыт сылын көрсө, Олоҥхо тыйаатыра үгэс буолбут олоҥхону истии иһирэх киэһэлэрин салгыыр.

Тохсунньу 26 күнүгэр киэһэ 18.00 чааска Олоҥхо тыйаатырын уонна киинэ артыыһа Гаврил Менкяров олоҥхоһут, педагогическай билим дуоктара, бэрэпиэссэр Н.К. Шамаев-Чопчухаан «Дьоруо хоҥор аттаах, дьоһун дьикти айылҕалаах, дьоллоох-соргулаах Дьорҕостой Бэргэн» олоҥхотун толоруутун истэргитигэр ыҥырабыт.

🔹Эһигини мааны астаах сандалы күүтэр.
▪️Буолар сирэ: П. Алексеев уул., 49/1 дьиэтэ, “Дорҕоон дойду” айар түмсүү түһүлгэтэ (киириитэ Лермонтов уул. өттүнэн).
🤳 Билсэр төл.: 34-03-19, 8-964-422-60-22 (үлэ чааһыгар).
🎫Билиэт Олоҥхо театрын сайтыгар атыыланар: https://clck.ru/37dnKW
🔺Билиэт сыаната 1000 солк.

Поделитесь этой страницей