"Орто Дойду" олоҥхолоох аһылыкка ыҥырар - Сайт Олонхо
Главная / События / "Орто Дойду" олоҥхолоох аһылыкка ыҥырар

«Орто Дойду» олоҥхолоох аһылыкка ыҥырар

Олоҥхо тыйаатыра “Орто Дойду” рестораны кытта кыттыгас бырайыактара сэҥээриини ылла. Ол курдук, ыалдьыттары сахалыы минньигэс астаах сандалы тула олордон эрэ, олоҥхо толороллоро үтүө үгэскэ кубулуйда.

Бастакы холонууга олоҥхоһут Валентин Исаков толоруутун тото-хана аһыы-аһыы истибиттэрэ. Ити тохсунньу 18 күнүгэр этэ.

Оттон бу өрөбүлгэ, тохсунньу 28 күнүгэр, Василина Баланова-Кэрэмэс Лыҥкыр  биир дойдулааҕа М.Т. Шараборин-Кумаарап “Дуо Бухатыыр” олоҥхотуттан быһа тардан толоруо.

Бастаан тиийдэххэ, “Идэһэ” менюну амсатыахтара. Онно эттэн 11 бүлүүдэ киирэр. Аны утахтарын биэрэллэрэ эмиэ уратылаах – дьүһүйүүлээх буолар.

Дьэ, аһаан, олоҥхо истэн баран, аны атах тэпсэн олорон сэһэргэһэҕит.

Ити дуоһуйа сынньалаҥ 5000 солкуобай сыаналаах. 15 көрөөччүнү муспатахтарына, биллэн турар, дьоро киэһэ тохтотуллар.

Онон кытаатыҥ, саха култууратын тарҕатыыга туһуламмыт сонун бырайыагы өйөөҥ, кэлэн көрүҥ.

Билсэр төлөпүөҥҥүт 89142711227 

Поделитесь этой страницей