Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ бигэргэннэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ бигэргэннэ

Олоҥхо ыһыаҕын бэлиэтэ бигэргэннэ

Быйыл бэс ыйын 19-21 күннэригэр Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын логотип дэнэр дьаралык бэлиэтин анал хымыыһыйа бигэргэттэ.

Дьаралыгы быһаардахха:
💠Бастакы күөҥҥэ — аммалар аатырбыт олоҥхоһуттара Т.В. Захаров-Чээбий.
💠 Кэннигэр — быйыл Аммаҕа туруохтаах Аал Луук Мас. Ортотугар үүнүүнү кэрэһилиир оһуор
💠 Чаппараах — — Дьөһөгөй оҕотун симэҕэ, оттон ыһыах диэн Дьөһөгөй Айыыга сүгүрүйүү буоллаҕа дии. Кымыһы ыһалларын иһин, ыһыах диэн ааттаннаҕа.
💠 Сардаана — Амма өрүс кытылын киэргэтэр сибэкки.
💠 Суругун-бичигин өҥө-дьүһүнэ сайыҥҥылыы: от күөҕэ, тэтэркэй, халлаан күөҕэ.

Поделитесь этой страницей