Өрөбүллэргэ олоҥхо-испэктээктэргэ сылдьыҥ - Сайт Олонхо
Главная / События / Өрөбүллэргэ олоҥхо-испэктээктэргэ сылдьыҥ

Өрөбүллэргэ олоҥхо-испэктээктэргэ сылдьыҥ

Олоҥхону дьон-сэргэ сэҥээрэр буолан, олоҥхо-испэктээктэри, эстрада кэнсиэрин курдук, нэдиэлэ ахсын кэриэтэ көрдөрөр буолбуттара кэрэхсэбиллээх.

Ол курдук, Аҕа дойдуну көмүскээччи күнүгэр Олоҥхо тыйаатыра А. Титаров олоҥхотунан туруорубут “Хардааччы Бэргэн” испэктээги көрөөччүлэр көрдөһүүлэринэн көрдөрөр.

 Онтон кулун тутар 2 күнүгэр ньурбалар Дьокуускайга  Ийэ олоҥхоһут Спиридон Васильевич Петров-Чыычаах төрөөбүтэ 130 сылынан “Оҕо Дьулаах бухатыыр” олоҥхо-испэктээктэрин Саха тыйаатырын сыанатыгар оонньуохтара.

Поделитесь этой страницей