Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалла - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалла

Олоҥхо ыһыаҕа буолара 100 хонук хаалла

Амма улууһугар Олоҥхо өрөспүүбүлүкэтээҕи ХVII ыһыаҕа ыһыллара оруобуна 100 хонук хаалбытынан кулун тутар 12 күнүгэр Амма сэлиэнньэтигэр онно аналлаах тэрээһин буолла.

Ыһыаҕы тэрийиигэ эппиэттээх үлэһиттэр бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин нэһилиэнньэҕэ  сырдаттылар, бары көхтөөх кыттыыны ылалларыгар ыҥырдылар. Бу тэрээһин барыларын сомоҕолоон, хаалбыт 3 ыйга күүстээх үлэҕэ түмсүөхтээхтэр, түбүгүрүөхтээхтэр.

Тэрээһини сахалыы таҥастаах дьон сэлэлии хаамыылара киэргэттэ. Ол түгэнтэн хаартыскалары көрүҥ.

Поделитесь этой страницей