Олоҥхоһут Юрий Борисовы умсугуйа иһиттибит - Сайт Олонхо
Главная / События / Олоҥхоһут Юрий Борисовы умсугуйа иһиттибит

Олоҥхоһут Юрий Борисовы умсугуйа иһиттибит

“Айыллык” норуот айымньытын дьиэтигэр М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Олоҥхону чинчийэр билим үнүстүтүүтүн “Лингвофольклористика” салаатын салайааччыта, филология билимин хандьытаата Юрий Борисов ыалдьыттаата.

Амма улууһугар XVII төгүлүн ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын көрсө, эдэр олоҥхоһут  “Ааттаах олоҥхоһуттар аартыктарынан, ытык кырдьаҕастар ыллыктарынан” диэн бырайыагын чэрчитинэн, былыргылыы нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан, олоҥхо киэһэлэрин тэрийэр. Аны  оннук дьоро киэһэ  Сатаҕай түөлбэтигэр буолла.


Былыр дьоро киэһэлэргэ олоҥхоһут күүтүүлээх ыалдьыт буоллаҕына, кэмэ ырааппыт курдук эбит. Аныгы кэмҥэ олоҥхоһуттары тэлэбиисэринэн көрөбүт, оскуолаҕа театрализованнай туруорууларынан муҥурданабыт, олоҥхону кинигэттэн ааҕар оҕо баар буоллаҕына — үөрүү. Анаан-минээн  олоҥхоһут кэлэн тойуктаабыта сонун уонна көһүппэтэх өттүбүтүттэн буолла.

Чахчы даҕаны, айылҕаттан айдарыылаах, олоҥхо тылын-өһүн этигэр-сиинигэр иҥэринэн иитэ сылдьар, саха киһитин киэн туттар олоҥхоһута Юрий Борисов бар дьонугар олоҥхо улуу байҕалын сөргүтэ, тарҕата, үөрэтэ сылдьара хайҕаллаах.

Былыргы быдан дьылларга биһиги Аммабытыгар улуу олоҥхоһуттар уутуйан олорон үөскээбит, олорон ааспыт эбит буоллахтарына, бу төрүт үгэһи тилиннэрээри, Аар айылҕабыт маанылаан ыыппыт оҕото, киһитэ, олоҥхоһута эбит диэн санааҕа кэлэҕин.

Бэйэтэ айбыт “Баһырҕастаах аттаах Баабый Баатыр” олоҥхотун икки аҥаар чаас толордо. Олоҥхо дьоруойдарын араастаан имитэн, уоһа өһүллэн, саҥата-иҥэтэ биир кэм хааһахтан хостуур курдук субуллан олордо, эбиитин туойан дьырылатан барбытыгар,  мустубут дьон чуумпуран бүүс бүтүннүү олоҥхо абылаҥар куустардыбыт. Уус-уран олоҥхо тыла ураты күүстээҕин бэркиһээтибит, олоҥхо дьоруойдара бииртэн-биир сонуннук тахсан истилэр. Бэрт сэргэхтик истэ олорон, тыа сирин эрдэһит, үлэһит дьоно нуктаан ыла-ыла истэ олорон, олоҥхоһут дьоруойдарын бу баардыы ыллаан доллоһутан бардаҕына  сэргэхсийэн, өрөйөн-чөрөйөн кэлэбит. Барыта эмэнниин-эдэрдиин отуттан тахса буолан иһиттибит, кырачаан истээччилэрбит икки чаас тулуйан истибиттэрэ хайҕабыллаах.

«Олоҥхону олоҕурбут ньыманан толоруу кэлиҥҥи кэмҥэ күрэхтэринэн сайдар чинчилээх, ытык кырдьаҕастарбыт ыллыктарынан сайдар суоллаах» диэн санаа үөрүүбүтүн үрдэттэ. Олоҥхоһут эт куолаһынан дьону тулатыгар мунньар, истээччилэрин үксэтэр кэмнэрэ кэлиэхтэрэ. Кырдьыга даҕаны, олоҥхо дьоро күнэ буолла, тыа дьоно ким сололооҕунан киирэ- тахса иһиттибит. Аны эбэн эттэххэ,  ол күн ынаҕым Кыыс Ньургун таһырдьа тоҥ чигдэҕэ төрөөбүт, оҕотун салаабыт, оҕус ньирэй хата туран хаама сылдьар буолан үөртэ. Онон бу бэлиэ күнүнэн Баабый диэн сүрэхтэннэ.

Христина СКРЯБИНА, Сатаҕай

Поделитесь этой страницей