Режиссерскай бөлөх Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар бэлэмнэнэр - Сайт Олонхо
Главная / События / Режиссерскай бөлөх Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар бэлэмнэнэр

Режиссерскай бөлөх Олоҥхо ыһыаҕын аһыллыытыгар бэлэмнэнэр

Быйыл Амма улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕар бэлэмнэнии үлэтэ бары хайысхаларынан тэтимнээхтик бара турар.

Бу күннэргэ СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Афанасий Ноев Олоҥхо ыһыаҕын режиссерскай туруорар  бөлөҕүн  мунньан,  өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталаах тэрээһин аһыллыытыгар сыһыаннаах сүбэ мунньаҕы тэрийэн ыытта.


Амма муниципальнай оройуонун дьаһалтатын ТГ-ханаала иһитиннэрбитинэн, Олоҥхо ыһыаҕын тэрийээччилэрин  сүрүн соруктара — хаалбыт кылгас кэмҥэ бэлэмнэнии үлэтин сүрүн түһүмэхтэригэр күүстээх болҕомтону ууран, дьону кэрэхсэтэр театрализованнай дьүһүйүүгэ бэлэми саҕалааһын.

Биллэн турар, ыһыахха бараары тэринэр дьон режиссерскай бөлөхтөн туох эрэ ураты көстүүнү, хатыламмат сонун сүүрээни тобулууну эрэйэллэр.  Бу туһунан тэрээһин мунньахха олохтоох кэпсэтии, ырытыы буолла.

Елена Потоцкая.

Поделитесь этой страницей