Олоҥхоҕо – тыһыынчанан сыллар дуорааннара - Сайт Олонхо
Главная / Журнал Сурунаал / Олоҥхоҕо – тыһыынчанан сыллар дуорааннара

Олоҥхоҕо – тыһыынчанан сыллар дуорааннара

Олоҥхо былыргы үйэлэр фольклорнай айымньылара буоларын учуонайдар бары кэриэтэ билинэллэр. Ол эрээри кини чопчу ханна, хаһыс үйэттэн ылланар буолбутун ким да быһаара илик. Итиниэхэ олоҥхо сорох үһүйээннэрэ устуоруйа чахчыларын кытары итэҕэллээхтик дьүөрэлэһиилэрэ эрэ көмөлөһүөхтэр этэ. Оннук биир дьүөрэлэһиинэн олоҥхо таас бухатыырдарын уобарастара уонна Соҕуруу Сибиир таастан чочуллубут дьоно буолуохтарын сөп курдук.

Биһиги эрабыт VII-IX үйэлэригэр Монголия уонна Соҕуруу Сибиир истиэптэригэр киһи моһуоннаах бэрт элбэх таас оҥоһуктар чочуллан туруоруллубуттара биллэр.

Олору былыргы түүрдэр чочуйбуттара диэн быһаараллар. Барыларыгар эр дьон эрэ оҥоһуллубуттар, сорохторо бэргэһэлээхтэр, сорохтор өрүүлээх баттахтаахтар, кулгаахтарыгар ытарҕалаахтар эмиэ бааллар. Араас пластинкаларынан киэргэтиллибит курдарыгар батас эбэтэр саабыла, быһах, саппыйа, хатат о.д.а. иилиллибит гына чочуллубуттар. Үгүс өттүгэр таас дьоннорун тааһынан билиитэлэри кырыыларынан туруортаан оҥоһуллубут 2,5-3 миэтэрэ усталаах-туоралаах күрүөлэри илиҥҥи истиэнэлэригэр илин диэки хайыһыннартаан, сири хаһан туруортаабыттар.

Ити оҥоһуктар тустарынан элбэх литэрэтиирэ мунньуллубута. Я.А. Шер “Каменные изваяния Семиречья” диэн кинигэтин суруйарыгар 188-ка тиийэ араас литэрэтиирэни туһаммыт.

Оттон Соҕуруу Сибиир уонна Монголия таас дьоннорун туһунан ордук сиһилии сырдатар үлэнэн Л.А. Эвтюхова “Каменные наваяния Южной Сибири и Монголии” диэн үлэтэ буолар.

Бу оҥоһуктар туох түбэлтэҕэ, кимнээххэ ананан туруоруллубут буолуохтаахтарын сөбүй? Лидия Алексеевна маннык түмүгү оҥорор: “Орхон түүрдэрэ киһини көмөр сиэрдэрин туһунан дааннайдары түмэн көрдөххө, бары таас оҥоһуктар икки бөлөххө хайдаллар диэххэ сөп: өлбүт киһини бэйэтин уонна кини чугас дьоннорун дьүһүйэн көрдөрөллөр итиэннэ кэккэлэһэ турар халы-мааргы чочуллуулаах уонна көннөрү таастар бокуонньук өлөртөөбүт өстөөхтөрүн бэлиэтииллэр”.

Оттон А.Д. Грач атыннык быһаарар: “Таас статуяларга ким оҥоһуллубутун туһунан боппуруоһу быһаарыыга кыттыахтарын сөп бары дьиссипилиинэлэр дааннайдарын түмүллүбүттэрэ былыргы түүрдэр таас оҥоһуктара Киин Азия түүрдэрэ ыыппыт сэриилэригэр кыайтарбыт ордук күүстээх өстөөхтөрү ойуулаан көрдөрөллөр диэн этэргэ бигэ төрүтү биэрэллэр”.

Соҕуруу Сибиир таас дьонноругар уонна сахаларга хардарыта санатыһар бэлиэлэр тустарынан аҕыйахтык суруллан турар Л.П. Якунина “Женский образ в косторезном искусстве якутов и каменная баба” диэн ыстатыйатыгар таас оҥоһуктар былыргы саха муоска быһан оҥорбут икки илиитигэр кымыс иһитин тутан олорор дьахтарын уобараһыгар улаханнык маарыҥнаһалларын бэлиэтээбитэ.

Академик А.П. Окладников былыргы сахалар үрүҥ илгэ чороонугар сүгүрүйүүлэрэ уонна Соҕуруу Сибиир таас дьонноро илиилэригэр тутан турар иһиттэрэ, баҕар, биир ис хоһоонноох буолуохтара диэн сабаҕалыыр.

Л.Р. Кызласов таас дьоннорго сыһыаннаан суруйбуттаах: “Казахтар, киргизтэр уонна сахалар өлбүт киһини моһуоннуур бэлиэ быһыытынан эмэгэт оҥороллоро (арыт мастан), ону бокуонньук таҥаһынан таҥыннараллара, ахтар-саныыр кэмҥэ онно ытыыллара-соҥууллара, бастыҥ аһы хатаҕалыыллара, сиэртибэ биэрэллэрэ о.д.а”. Ити үс быстах бэлиэтээһинтэн ураты сиһилии чинчийэр үлэ билиҥҥитинэн биллибэт.

Таастан чочуллубут дьон турар дойдуларыттан Саха сирэ быраман ыраах. Сахалар бурдук тардар уонна буруус таастартан, киһи уҥуоҕун тааһыттан ураты таас оҥоһуктары кэлин үйэлэргэ билбиттэрин кэриэтэ. Ол эрээри олоҥхоҕо таас бухатыырдар элбэхтик ахтыллаллар, кинилэргэ сыһыаннаах тылбытыгар-өспүтүгэр эмиэ биллитэлээн ааһар.

“Бүдүрүйбэт Мүлдьү бөҕө” олоҥхоҕо бухатыыр дьону майгынныыр түөрт кырыылаах таас остуолба туһунан анаан-минээн 400-чэ строкаҕа суруллар. Онно этиллэринэн, “таллан таас остуолба” арҕаа сирэйигэр “адьарай бөҕө дайдытын” бухатыыра Бүдүрүйбэт Бүгүстээн Хара, соҕуруу иэдэһигэр Ардьамаан-Дьардьамаан тоҥус, илин өттүгэр Алтан хайа иччитэ Балтараа Баатыр дьүһүлгэннэрэ ойууламмыт. Оттон хоту сирэйгэ Бүдүрүйбэт Мүлдьү бөҕө бэйэтин дьүһүнүн көрөр. Итини санатыахха айылаах археологическай булумньу 1976 сыллаахха Алтай эҥэригэр Чуя хочотуттан көстөн турар (“Правда” 1977 сыл тохсунньу 9 күнүнээҕи нүөмэригэр көрүөххэ сөп). Оттон Чуя диэн географическай термин Саха сиригэр киэҥ тарҕаныылааҕа эмиэ бэлиэ (Лена уонна Амма өрүстэр Чууйа диэн салаалардаахтар, Мэҥэ Хаҥаласка Чууйа диэн сир баар о.д.а).

Үөһээ ахтыллыбыт олоҥхо бухатыырдарыттан Бүгүстээн Хара, Ардьамаан-Дьардьамаан – Бүдүрүйбэт Мүлдьү бөҕө өстөөхтөрө. Оттон Балтараа Баатырдыын аймахтыы эрээри охсуспуттар. Онон остуолба үс иэдэһигэр утары турар күүстэр ойууламмыттар.

Уопсайынан даҕаны олоҥхо айыы-хаан аймаҕар уодаһыннаах өстөөх бухатыырдара бары кэриэтэ тааска сыһыаннаах буолаллар. Оннооҕор Бүгүстээн Хара ийэтиттэн Тимир Аҕыластай эмээхсинтэн түөрт кырыылаах сымара таас буолан төрүүр, ол таас сиргэ түһэн дэлби ыстанар да, тимир килиэ киһи тилигир гына түһэр.

“Тойон Дьаҕарыма” олоҥхоҕо “аллараа бөҕө алта бииһин ууһун ааттаах бэрдэ буолбут” Тимир Молуодай бухатыыр “болуо таас бастаах, болуо таас систээх”.

А.Д. Грач “Древнетюрские изваяния Тувы” диэн үлэтигэр таастан чочуллубут дьоннор, сокуон курдук, кэлиилээх-барыылаах айан суолугар бааларын бэлиэтиир. Ону бигэргэтэрдии олоҥхо таас бухатыырдара эмиэ айан аартыктарыгар түбэһэллэр.

Таас Олорчох диэн

Талабырдаах бастыҥа,

Адьарай атамаана

Аартыктарын бүөлээн олорор эбит.

(“Куруубай Хааннаах Кулун Куллустуур”)

Соҕуруу Сибиир сорох таас дьонноро, эр дьону эрэ дьүһүйэллэр даҕаны көхсүлэринэн курданалларыгар тиийэ бытырыыстыы түһэриллибит өрүүлээх уһун суһуохтаах гына оҥоһуллубуттар. Оттон “таллан таас остуолба” арҕаа сирэйигэр ойууламмыт Бүгүстээн Хара:

Куруҥах бэрчигэһи

Өрүтэ туппут курдук

Өрүү бытырыыс баттаҕа

Өрө силигирээн үүммүт.

Таастан чочуллубут дьоҥҥо уос да, сэҥийэ да бытыга элбэхтик көстөр. Биһиги Бүгүстээн Харабыт эмиэ:

Сатыы ыарҕаны

Таҥнары туппут курдук

Сахсыллыбыт бытыктаах.

Соҕуруу Сибиир таас дьонноро уонна олоҥхо сорох бухатыырдарын уобарастара ити курдук ымпыгар-чымпыгар тиийэ маарыннаһан ылаллара – дьикти.

“Таһыттан киирбит таас ытыс, туораттан киирбит туос уллуҥах” диэн архаическай өс хоһооно “таас бас”, “таас орой”, “таас санаа” курдук

Э.К. Пекарскай тылдьытыгар киирбит сомоҕо домохтор “таас” диэн тыл бөрүкүтэ суох дьоҥҥо сыһыаннааҕын өссө төгүл кэрэһэлииллэр.

Бу тыл хакастарга, тувинецтарга эмиэ итинник суолтаҕа туттуллардаах эбит. Хакастар “Албынжи” диэн эпостарыгар этиллэр:

… Так и скончался Кара-Моос,

Он много зла народу принес

И камнем в землю навечно врос.

Ити эпоска норуотугар көмөлөспөккө, атын дойдуларга тэлэһийэ сылдьан кыргыһынан илбиһирбит Кулантай бухатыыр таас буоларга норуотуттан кыранар.

Онуоха дылы И.Г. Теплоухов-Тимофеев “Куруубай хааннаах Кулун Куллустуур” олоҥхотугар маннык баар:

Үөһээ бөҕө тойотторо

Тааска кырыы, дьүүлгэ тарда

Таһаарбыттара үс хонно.

Соҕуруу Сибиир этнографическай терминологияларыгар таас киһи туһунан сахалыы параллеллар түбэһитэлииллэр.

Г.Н. Потанин Туваҕа “киши-таш”,

А.Д. Грач алтаецтарга “кижи-даш” диэн тылларынан тааһынан оҥоһуллубут дьону ааттыылларын бэлиэтээбиттэрэ.

Учуонайдарга мөккүөр тиэмэтинэн “балбал” диэн тыл туох суолталааҕа буолар: сорохтор киһи уҥуоҕар туруоруллубут халы-мааргы оҥоһуулаах, киһи моһуоннаах стелалары бэлиэтииллэр, атыттар тааһынан оҥоһуллубут киһиэхэ сыһыаннаах диэн этэллэр. Үһүстэр итилэргэ иккиэннэригэр туттуллар диэн бигэргэтэллэр.

Түүрдэр ити “балбал” диэн тылларыгар уруулуу буолуох сахалыы тыллар бааллар, холобур, “балбаах”. Былыргы сахалар тустарынан үлэтигэр П.М. Павлинов: “Киибэстэр өлбүт киһи сытар сиригэр саах балбаах эмэгэти оҥорон туруораллара”, — диэн суруйбуттаах.

Итиннэ олоҕуран Н.К. Антонов “балбаах” этимологиятын маннык быһаарар: “Сахалыы балбаах, арааһа, уустук тыл – балбал, ол аата былыргы түүрдэр өлүөхсүккэ туруорар таас киһилэрэ уонна һаах — ноһуом”. Ити тыллар иһиллиилэринэн эрэ маарыҥнаһар буолбатахтар. Хаарга туруоран кэбистэххэ, балбаах таас оҥоһуулуун, үрдүктүүн, кэтиттиин Соҕуруу Сибиир таас дьонуттан салгыы субуруччу туруоруллубут көһөҥө таастартан (балбаллартан) туох да атына суох буолуох этэ.

“Балбал” иккис сахалыы “уруута” – “бал-бааччы” диэн тыл. Кырдьык да ити кэпсиир таас дьоммут үгэстэрэ бэрт томорооннор, баллырдаан оҥоһуллубуттар, оттон субуруччу туруоруллубуттара соччо-бачча оҥоһуута да суохтар.

“Балбаах” “балбалтан” төрүттээҕин санатыах түгэн “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхоҕо баар:

Саах балбаах саҕа

Сараһын эмэгэппэр  —

Саргы эни туомуй – диэн Улуу Күтүр Өһөх Харбыыр айдааран айаннаан испит. Ол эмэгэтэ очуос таас хайа оройугар дойдулаах эбит. Эмиэ бу олоҥхоҕо “Иккилээх оҕо саҕа иирэр эмэгэт” туһунан этиллэр. Балбаллар үрдүктэрэ эмиэ оччо.

Олоҥхоҕо Соҕуруу Сибиир таас дьонноруттан сэдиптээх элбэх бэлиэлэр бааллара түбэспиччэ буолуон сатаммат. Олоҥхо диэн, академик В.М. Журминскай эппитинии: “Норуот быдан былыргыта олорон ааспыт илэ олоҕун героическай идеализация кээмэйинэн көрдөрүү”, — буоллаҕа дии. Кини научнай устуоруйаҕа сыаннаһа, култуурунай, иитэр суолтата – итиниэхэ. Онон киһи моһуоннаах таас дьоннору букатын билбэт сахалар олору олоҥхолоругар хоһуйбуттара киһини ол сахалар тыһыынча сыллардааҕы устуоруйаларыгар сыһыаннаах диэн санааҕа аҕалар.

Сэмэн ЖЕНДРИНСКЭЙ

Поделитесь этой страницей