Мэҥэ Алдан оскуолатыгар Олоҥхо күнэ - Сайт Олонхо
Главная / События / Мэҥэ Алдан оскуолатыгар Олоҥхо күнэ

Мэҥэ Алдан оскуолатыгар Олоҥхо күнэ

Томпо улууһун МэҥэАлдан Е.П. Неймохов аатынан орто оскуолатыгар Олоҥхо күнэ сэргэхтик ааста. Бу күн V-XI кылаастарга саха тылын учуутала Ирина Петровна Докторова билиҥҥи кэмҥэ олоҥхо сайдыытын, суолтатын, туругун туһунан бэрт кэрэхсэбиллээхтик кэпсээтэ.

Оҕолор Бүлүү олоҥхоһуттарын толоруутугар “Модун Эр Соҕотох” олоҥхону видеонан көрдүлэр. Олоҥхо үөскээһинин сэһэргиир ойуулугу сэргээтилэр.

П.П. Колодезников аатынан Муусукаалынай оскуола фольклорга кылааһын уһуйааччыта Александра Пантелеймоновна Захарова туруоруутугар Бүлүү олоҥхоһута Прокопий Максимов «Хара тураҕас аттаах Дьохсоҕолдьун бухатыыр» айымньытыттан быһа тардан толордулар: VI кылаастан Эрчим Саввин, Намыына Аммосова, Айсиэн Филатов, сэттистэртэн Наина Иванова, Георгий Захаров, Мичийэ Кириллова, ахсыстартан Айсиэн Аммосов.

Олоҥхо күнүн бэлиэтээн, оҕолор уонна учууталлар сахалыы таҥнан-симэнэн кэлбиттэрэ биһирэннэ. Кыттыбыт оҕолорго уонна салайааччыларга  Туоһу суруктар туттарылыннылар.

Бу тэрээһини бэлэмнээбит иитии үлэҕэ дириэктэри солбуйааччы В.В. Бурцеваҕа, саха тылын уонна литературатын учуутала И.П. Доктороваҕа, П.П. Колодезников аатынан Муусукаалынай оскуола фольклорга кылааһын уһуйааччыта А.П. Захароваҕа оскуола салалтатын аатыттан махтанабыт.

Татьяна Ордахова,

Мэҥэ Алдан, Томпо.

Поделитесь этой страницей