Ойуунускай удьуордаах олоҥхоһут Эбээ Валя
Олоҥхону толорооччуларга, оһуохай тылын этээччилэргэ, тимир уустарыгар уонна норуот маастардарыгар Ил Дархан истипиэндьийэтин туттардылар.

Быйыл Таатта улууһуттан түөрт киһи наҕараадаланна. Олор истэригэр Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, СӨ ытык олоҥхоһута, СӨ уус-уран самодеятельноһын бэтэрээнэ, 83 саастаах Валентина Петровна Харайданова-Эбээ Валя баар.

Кини, чахчы, барыбытыгар холобур буолуон сөптөөх киһи – олоххо дьулуурдаах буолан, бачча сааһыгар диэри ыллыы-туойа сырыттаҕа. Уус-уран самодеятельность кыттыылааҕа буолбута былырыын 65 cыла этэ. Ити кэм устата төһөлөөх элбэх сыаҥкаҕа оонньообута, хоһоон аахпыта, ыллаабыта буолуой? Кэлин өссө олоҥхо толорор буолла.

Кырдьыга да, кини 70 сааһын ааһан баран дьарыктанан саҕалаабыта. Ол курдук, 2016 сыллаахха “Дьохсоҕон олоҥхоһуттара” диэн бөлөҕү Таатта улууһун уонна Дьохсоҕон нэһилиэгин бочуоттаах гражданина, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, элбэх оҕолоох ытык аҕа, олоҥхоһуттарга Ил Дархан стипендиата, оһуохай Дархан этээччитэ, Олоҥхо ыһыаҕын муҥутуур кыайыылааҕа Афанасий Николаевич Попов тэрийбитэ.

Эбээ Валя онно уһуйуллан, кэлин күрэхтэргэ бэйэтэ соҕотоҕун кыттан көрөр буолбута. Биир дойдулааҕа Акулина Михайловна Егасова-Дьохсоҕон Кыыһа суруйбут «Сыыдам сырыылаах ахсым аттаах Дуула бухатыыр» уонна «Дьүкээбил дьирбиитин иилиммит ала-буркун аргыстаах Чысхаан тыал» олоҥхолорун толорор.

Саамай үчүгэйэ диэн, Эбээ Валя оҕолорун уонна сиэннэрин олоҥхолуурга үөрэтэр. Иллэрээ сыллааҕыта Дьокуускайга дьиэ кэргэнинэн олоҥхону толоруу күөн күрэһигэр Таатта улууһун аатыттан кыттыбыттара.

Онно кыра кыыһа Евдокия Ивановна Данилова төрүччүлэрин билиһиннэрбитигэр билбиппит, Валентина Петровна хомоҕойдук хоһоон айар, олоҥхону табыллан толорор дьоҕура удьуоруттан утумнаммыт эбит: кини улуу Ойуунускай хаан-уруу аймаҕа. Былатыан Ойуунускай аҕата Хоочугур Өлөксөй уонна Эбээ Валя хос-хос эһэтэ Бэс Нээстэр иккиэн бииргэ төрөөбүт дьон. Оттон эһэтэ Евграф Слепцов – Ойуунускай тастыҥ быраата (двоюроднайа). Евграф эмиэ улахан үөрэхтээх киһи буолан, Ойуунускайдыын тэҥҥэ сылдьыһара үһү.

Дьэ, олор сыдьааннара Эбээ Валя, “Бүргэһи хааһахха кистээбэккин” диэн этэллэринии, хойут да буоллар, дьоһун дьоҕурун таһааран, билигин Ил Дархан наҕараадатын тутар чиэскэ тигистэ.

Олус үөрэн эҕэрдэлээн туран, кыыһа Евдокия Ивановна, сиэннэрэ Сандаара, Дайаана, Аида Даниловалар уонна хос сиэннэрэ Уйусхан, Эрхан Николаевтар буолан сэттиэн «Сыыдам сырыылаах ахсым аттаах Дуула бухатыыр» олоҥхоттон быһа тардан толороллорун таһаарабыт. Көрүҥ, сэргээҥ.
Михаил Соргу устуута.