Олоҥхо ыһыаҕар көрсүбүт оҕолорум
Улахан тэрээһиҥҥэ киһи бөҕө түмсэр. Ол тыһыынчанан киһи быыһыгар сорох дьону, тоҕо эрэ, өйдөөн хаалаҕын.
Кэбээйигэ буолбут Олоҥхо ыһыаҕар оннук бэлиэтии көрбүт оҕолорум – Сайдам Степанов уонна Айтал Бессонов. Чомпой бэргэһэлээх уолаттар кэтэ сылдьар таҥастарыгар сирэйдиин-харахтыын, дьүһүннүүн-бодолуун, туттардыын-хаптардыын олох дьүөрэ этилэр. Нууччалыы “всё очень гармонично и органично” дииллэринии.

Чахчы, ойууга баар оҕолор түһэн кэлбиттэрин курдуга. Били, сайдыы содула – интэриниэт трендэ, соцситим лиэнтэтэ, ол-бу араас брендэ – болҕомтолорун сүүйбэтэх, сымыйанан дуоһуппатах, кинилэри таарыйбатах диэбиттии, бэйэлэрин дьиҥ ыраас чуумпу эйгэлэригэр аа-дьуо сэмэйдик хаамса сылдьаллара. Ол иһин бары да харахпыт хатаннаҕа. Оттон кинилэргэ, бука сэрэйдэххэ, тула буола турар түгэн түргэтиллибит киинэ курдук көстүбүт буолуохтаах: тохтоло суох барыы-кэлии, ырыа-тойук, үҥкүү-битии, күрэх-күрэс…
Ол сүпсүлгэнтэн сылайан, балаҕан күлүгэр иһийэн олордохторуна, чугаһаан кэлэн кэпсэттим. Бэрт наҕыл дьон буолан биэрдилэр.
-Сиэгэн Күөлтэн кэлэ сылдьабыт. Биһиги дойдубут наһаа үчүгэй. Бөһүөлэкпит биир өттө хайа, биир өттө тайҕа. Тумара өрүс кытылыгар турар. Оскуолабыт 36 үөрэнээччилээх. Биһиги иккиэн төрдүһү бүтэрэн, билигин бэһис буоллубут. Кылааспытыгар сэттиэбит. Футбол уонна бокс секциятыгар дьарыктанабыт, — дииллэр.
Доҕордуулар Олоҥхо ыһыаҕар Анисим Кобяков уонна Федот Семенов-Кырса Сөдүөт олоҥхолорун толорбуттар: Сайдам “Эрдьигэн Бэргэни”, Айтал «Биэ уола Бэйбэлдьийэ Тулаайаҕы». Учууталлара Прасковья Прокопьевна Макарова уонна Надежда Гаврильевна Алексеева бэлэмнээбиттэр.
-Мин үөрэхпэр туйгуммун. Билигин мантан тиийдим да, аҕам дойдутугар Сэбээн Күөлгэ барабыт. Сыл аайы онно сайылыыбыт. Үөһэнэн барар олус сыаналаах, отучча тыһыынча солкуобай, ол иһин быйыл сиринэн үс күн устата айанныыбыт. Аҕам Христофор Валерьевич таба көрөр, онон ыстаадаҕа барсабыт. Сэбээн айылҕата олус кыраһыабай. Ол эрээри кыһынын Сиэгэним ордук: киһи тэһийэр. Биһиэхэ сибээс мөлтөх, үчүгэйдик хаппат. Ол иһин мин айтишник буолуохпун баҕарабын, — диэн кэпсиир Сайдам Степанов.
Оттон Айтал Бессонов: “Мин сайын оттуубун. Сүөһүлээхпит. Таба суох. Сиэгэҥҥэ сугун элбэх, үргүүрбүн сөбүлүүбүн. Үөрэхпэр үчүгэйбин. Успуорка ситиһиилээхпин, боксаҕа Степан Степанович Кривошапкин утумнаахтык эрчийэр. Күрэхтэһиилэргэ миэстэлэһээччибин”, — диэн сэһэргээтэ.
Ити кэпсэтии кэнниттэн номнуо хаар түһэн, сылбыт түмүктэнэн эрэр. Уолаттар сайыннарын былааннаабыттарын курдук астыктык атаарбыт буолуохтаахтар. Уонна бу Олоҥхо күнүгэр олоҥхолорун толорон иһитиннэрдэхтэрэ.
Кинилэр Кэбээйиттэн ыраах сытар нэһилиэктэрин аҕыйах күн иһигэр ахта охсубут этилэр. “Үөрэнэ бардахпытына даҕаны, син биир Сиэгэн Күөлгэ төннөн кэлэн олоруохпут”, — дэспит тыллара миигин долгуппута. Сөп ээ, төрөөбүт түөлбэ диэн оҕо сааска аан дойду буоллаҕа эбээт. Иҥэрбит тыына сааспыт тухары күүс биэрэн араҥаччылыыр…
Анисия Иевлева.