Бурятияҕа – Олоҥхо дойдутун матыыптара
Кулун тутар 21 күнүгэр С.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын оркестра Улан-Удэ П.И. Чайковскай аатынан Усукуустуба кэллиэһин кэнсиэртиир саалатыгар «Олоҥхо дойдутун матыыба» диэн бэртээхэй киэһэни бэлэхтээтэ.
Норуот үстүрүмүөннэригэр идэтийбит оркестр саха композитордара К.Герасимов, В.Ксенофонтов, Н.Берестов, В.Зырянов айымньыларынан турбут этнобалеттан сюиталары уонна быһа тардыылары толоруута дьикти эйгэни үөскэттэ.
Саха мелодистарын ырыаларын доҕуһуолун Н. Петров, В. Ноенохов оркестрга анаан оҥорууларынан Е.Захарова, Г.Петров ырыаларын көрөөччүлэр олус сэргээтилэр. В.Шарина хомуска дьүһүйүүтэ, А.Кармановтыын чабырҕахтара, Д.Артемьев «Бохсоруйуу» этнобалеттан «Эттэтии» сыаната, Үҥкүү тыйаатырын артыыстара С.Винокурова уонна Н.Павлов сахалыы уонна бүрээттии үҥкүүлэрэ, композитор П.Иванова «Үөдэн түгэҕэ» испиктээк-олоҥхоттон адажиота улахан сэҥээриини ылла.
Н.Петров «Өрөгөй», Э.Чойдок «Жалам Хар» айымньыларын А.Томская салайар «Кыл саха» бөлөҕө Арассыыйатааҕы, норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар лауреаттара В.Намдыкованы, Э.Дымбрыловы, В.Ринчинованы кытары бииргэ оонньообут дьүһүүйэлэрэ биһирэннэ. Көрөөччүлэр солист-импровизатор Р.Габышев кыл ох сааҕа, А.Томскай хомуска төрүт дорҕоону таһаарар сатабылларын улаханнык сэҥээрдилэр. Кэнсиэр саха оркестра идэтийбит, үрдүк таһымнаах, дэгиттэр айар кэлэктиип буоларын өссө биирдэ туоһулаата.
Үҥкүү тыйаатырын дириэктэрэ А.И. Алексеев бу үтүө түһүлгэни тэрийсибит кэллиэс кэлэктиибигэр Махтал суруктары туттарда. Ускуустуба култууратын кэллиэһин дириэктэрэ Б.Б. Турбянов, С.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү национальнай тыйаатырын оркестра үрдүк таһымнаах маастырыстыбатын бэлиэтээн туран, үтүө баҕа санааны кытары А.И.Алексеевка бүрээт норуотун хадагын уонна нота түмүллүбүт хомуурунньугун бэлэхтээтэ.
Кини инникитин кэлэктииби кытары бииргэ үлэлииргэ, саҥа бырайыактары тэрийэргэ болҕомтону туһаайда. Бурятияҕа олорор Саха Сириттэн төрүттээх дьон «Сэргэ» түмсүүтэ биир дойдулаахтара төрүт сир сылаас тыынын бэлэхтээбиттэригэр истиҥник махтаннылар.
Дьоро түһүлгэ Дмитрий Артемьев оһуохайынан түмүктэннэ. Күн эргиирин тула сырдык санаа этилиннэ. Биир тэтимҥэ уйдаран, муусука, култуура нөҥүө Саха Сирэ уонна Бурятия бырааттыы өрөспүүбүлүкэлэр доҕордоһууларыгар бигэ тирэх уурулунна.
Альбина Тарабукина.